Хас төрдүс киһи сүрүн үлэтин таһынан эбии дохуоттаах эбит
18.10.2025, 15:00

СИА хаартыската
Бөлөххө киир:
Арассыыйа хас төрдүс олохтооҕо сүрүн үлэтин таһынан эбии дохуот киллэринэр эбит. Ити туһунан SuperJob чинчийиилэрин түмүгэ туоһулаабыт. Өссө 52% билиҥҥитэ эбии дохуота суоҕун, ол эрээри, көрдүүрүн биллэрбит.
Чинчийии туоһулуурунан, эр дьон 27%, дьахтар 20% эбии дохуоттаах эбит. Ордук 35-45 саастаах дьон (28%) иккис дохуоттаналлар. Аны “аппетит приходит во время еды” диэбиккэ дылы, 100 тыһ. үрдүк хамнастаах 23%, 50 тыһ. солк. диэри хамнастаах 17% эрэ эбии харчы киллэринэр эбит. Улахан аҥаардара дохуоттарын 10-30% эбии дьарыктарыттан киллэринэллэр үһү. Эспиэрдэр бэлиэтииллэринэн, 2021 сылы (17%) кытта тэҥнээн көрдөххө, быйылгы сылга эбии харчы киллэринэр дьон ахсаана 23% диэри эбиллибит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: