Хат буолууга, төрөөһүҥҥэ босуобуйа үрдүөҕэ
2025 сылга хат буолууга уонна төрүүргэ бэриллэр босуобуйа муҥутуур үрдүкү кээмэйэ 792 тыһ. солкуобайга диэри, оҕону көрүүгэ – ыйга 69 тыһ. солкуобайга диэри үрдүөҕэ. Бу туһунан РФ Үлэҕэ министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Ону тэҥэ, икки уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллар 2026 сылтан дьиэ кэргэн нолуогун төлөбүрүн ылыахтарын сөп, кинилэргэ нолуок кээмэйэ 6% буолуоҕа.
Маны таһынан, судаарыстыба саҥа көмө миэрэлэри киллэриэҕэ:
- — устудьуон ыалларга (үөрэнэр кэмнэригэр);
- — үрдүк үөрэх кыһаларыгар «биир түннүк» систиэмэтэ киириэҕэ уонна ийэ, оҕо хосторо аһыллыахтара;
- — судаарыстыба оҕолоох ыаллар олорор уопсайдарыгар үчүгэй усулуобуйаны тэрийиэҕэ;
— кыра оҕолоох эрээри, үлэлиир дьахталларга.
От ыйын 4 күнүгэр “Арассыыйа” быыстапкаҕа бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Татьяна Голикова 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн саҕаланар “Дьиэ кэргэн” национальнай бырайыагы билиһиннэрбитэ.
Саҥа национальнай бырайыак сүрүн соругунан – билиҥҥи демографияҕа үөскээбит хайысхалары уларытан, төрөөһүн үрдээһинин хааччыйыы, элбэх оҕолоох ыаллар ахсааннарын элбэтии уонна кинилэр дохуоттарын үрдэтии буолар. Онон өссө саҥа көмө миэрэлэрэ баар буолоухтара.
Санатан эттэххэ, Федеральнай Мунньахха тыл этэригэр, “Дьиэ кэргэн” диэн саҥа национальнай бырайыагы олоххо киллэрэр туһунан дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин биллэрбитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: