2023 сылтан хат дьахталларга босуобуйа кээмэйэ улаатыахтаах диэн бэрэсидьиэн Владимир Путин эттэ. Тохсунньу 1 күнүттэн ийэлэри, оҕолору өйүүр систиэмэ уларыйар. Оҕо 17 сааһыгар диэри уонна хат дьахталларга биир “универсальнай” босуобуйа төлөнөр буолар.
— Бу биир “универсальнай” босуобуйа хат дьахтар, эбэтэр, төрөппүттэр биир сайабылыанньаларынан бэриллэр буолуоҕа. Хат дьахталларга босуобуйа кээмэйэ үлэһит киһиэхэ анаммыт тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тэҥнэһиэ (билигин босуобуйа тиийинэн олоруу алын кээмэйин аҥаарын саҕа суумалаах), — диэн Владимир Путин Национальнай бырайыактарга уонна стратегическай сайдыыга сэбиэт мунньаҕар эттэ.
Босуобуйаны оҥорторуу, ылыы хаамыыта олус судургу, өйдөнүмтүө уонна табыгастаах буолуохтаах диэн кини тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Бу босуобуйа оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ улахан көмө буолуохтаах.
Санатар буоллахха, “универсальнай” босуобуйа кээмэйэ эрэгийиэҥҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйин 50%-гар, 75%-гар уонна 100%-гар тэҥнэһэр. Оттон бу кээмэйдэрэ хайдах анананаллара дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуктаах. Саамай кыра дохуоттаах ыал 100%-нын ылар.
2022 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоммут оҕолорго анаммыт тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 2-с зонаҕа – 21 403 солкуобайга тэҥнэһэр.
От ыйа түмүктэнэр бүтэһик күннэрэ тураллар -- бэтинсэттэн атырдьах ыйыгар үктэнэбит. Атырдьах ыйын өбүгэ саҕаттан…
От ыйын 26-27 күннэригэр Кош-Агач оройуонун Горно-Алтайскай куоратыгар Куйактанар сиргэ СӨ норуотун маастара Иван Павлов…
Аллайыаха улууһугар уу кытыытыгар быраҕыллыбыт эргэ илимҥэ дьиэ хараҥаччыта хам ылларан, мүччү-хаччы мэҥэстэн сытар этэ.…
Саха сирин хамаандата дрон күрэҕэр Уһук Илин уокуру күрэхтэһиитигэр уонна чөмпүйэнээтигэр ситиһиилээхтик кыттан, 40 баар…
Суһал иһитиннэриинэн ИДьМ сулууспатын Ленскэй улууһун отделын холуобунай ирдэбилин үлэһиттэрэ 17 саастаах олохтооҕу «Toyota Land…
Кэмпэндээйигэ "Сир уустара" төгүрүк сыл үлэлиир киин оҕолору араас хайысханан сайыннарар. Бу сайын Саха сирин…