Салгыы
Хата халлааммытын сылыйыа дииллэр

Хата халлааммытын сылыйыа дииллэр

20.09.2024, 19:26
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Хас да улууска +15 кыраадыска тиийэ сылыйыа. Ханныктарга?

Кэлэр нэдиэлэҕэ күнү-дьылы билгэлээччилэр нуорматтан үрдүк температура буолуон сөп диэн сылыктыыллар – хас да улууска  +15 кыраадыска тиийэ сылыйыа. Күн-дьыл туругун туһунан СИА-ҕа Саха сиринээҕи УГМС метеорологическай уонна агрометеорологическай салаатын начаалынньыга Саргылана Никитина кэпсээтэ.

Билигин намыһах температура өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар барытыгар турар. Тымныы арктическай салгын балаҕан ыйын 21-22 күннэригэр Саха сирин арҕаа уонна киин улуустарыгар баарын биллэриэ.

“Өрөбүл күннэргэ циклон арҕаа улуустары нөҥүөлээн, өрөспүүбүлүкэ соҕуруулуу-илин өттүгэр сыҕарыйан биэриэ. Оччотугар арҕааҥҥы уонна киин улуустарга ардахтыа, түүнүн инчэҕэй хаар түһүө. Ленскэй, Өлүөхүмэ улуустарыгар, Мииринэй оройуонун соҕуруу өттүгэр салгын +15 кыраадыска тиийэ сылыйыа. Аныгыскы нэдиэлэҕэ Монголия диэкиттэн итии салгын маассата кэлэрин кэтэһэбит. Оччоҕо салгын температурата киин, соҕуруулуу-арҕаа улуустарга +10…+15 кыраадыска диэри сылыйыа. Бу нуорматтан үрдүк көстүү. Сылыйда да, ардах түһэрэ күүтүллэр. Салгыы балаҕан ыйын 27 күнүттэн халлаан сөрүүдүйэн барыа”, — диэн күнү-дьылы билгэлээтэ Саргылана Никитина.

+1
51
+1
2
+1
4
+1
3
+1
6
+1
12
+1
24
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -3°C
  • Ощущается: -7°Влажность: 68% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: