Салгыы
Хатас-Павловскай хайысханан кыһыҥҥы суол оҥоһуута саҕаланна

Хатас-Павловскай хайысханан кыһыҥҥы суол оҥоһуута саҕаланна

Ааптар:
07.11.2024, 09:30
Хаартыска: Суол управлениетын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Суол үлэһиттэрэ Хатас-Павловскай хайысханан Өлүөнэ эбэни туоруур кыһыҥҥы суол оҥоруутун саҕалаатылар, диэн СӨ Суол управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Дьокуускай өттүттэн 4,5 км уһуннаах айан суолга суол бэлиэлэрин туруораллар. Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 7 күнүттэн, 20 киһилээх биригээдэ суолга муус ыраастааһыҥҥа киириэҕэ. Өлүөнэ эбэ уҥа кытылыгар киирии суолу бэлэмнээтилэр уонна тырааныспардары ыйааһынныыр былаһааккалары туруоруу түмүктэннэ. Уос-Кумах арыытыгар диэри кыһыҥҥы суолу хайытыыга алта тиэхиньикэ ыытылынна. Үлэ салҕанар.

Күн-дьыл туругуттан көрөн өрүс суола ахсынньы ый ортотуттан 3 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах тырааныспарга аһыллыаҕа. Өрүс мууһа тура илигинэ суоппардар айантан туттуналлара ирдэнэр. Ыстаарааба мөлүйүөн солкуобай.

+1
10
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
10 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: