Хатас – Павловскай хайысханан кыһыҥҥы суолга сырыы 10 туоннаҕа диэри үрдэтилиннэ

Share

Бэнидиэнньиккэ, ахсынньы 8 күнүгэр, Хатас – Павловскай хайысханан Өлүөнэ өрүһү туоруур кыһыҥҥы суолга тырааныспарга көҥүл 10 туоннаҕа диэри үрдэтилиннэ.

«Хамыыһыйа тахсан үлэлээбитин түмүгүнэн, Хатас – Павловскай хайысханан Өлүөнэ өрүһү туоруур кыһыҥҥы суолга тырааныспар сырыытын 10 туоннаҕа диэри үрдэтэр туһунан быһаарыы ылылынна. Маршрут куттала суох буолуутун хааччыйар инниттэн “Саха сирин суоллара” тэрилтэнэн видеокэтиир тиһигэ тэрилиннэ уонна ыйааһыны хонтуруоллуур суукканы быһа үлэлиир пууннар туруорулуннулар», — диэн Тырааныспар министиэристибэтин иһитиннэриитигэр этиллэр.

Суоппардартан көҥүллэммит ыйааһыны аһарбаттарыгар уонна суол бэлиэлэрин ирдэбиллэрин кытаанахтык тутуһалларыгар көрдөһөллөр. Тырааныспардар икки ардыларыгар тэйиччитэ 70 миэтэрэттэн итэҕэһэ суох буолуохтаах.

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Салгын хаартыската

Урут оҕо сылдьан аҕабынаан убайбытыгар окко көмөлөhөрбүт. Киэhэ алааспытыгар, үүтээн таhыгар утуйаары сылдьан бары остуолга…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Быраатын өлөрөн тоҕус сылга хаайылынна

Хаҥалас улууһун 58 саастаах  олохтооҕо быраатын өлөрөн, РФ Холуобунай кодексын 105 ыст. 1 ч. сууттанна. …

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Өрүү сакалаат, саахар эбэтэр суши сиэххин баҕарар буоллаххына…

Өрүү сакалаат сиэххин, кофе иһиэххин баҕарар буоллаххына, эйиэхэ магнийдаах бородуукта тиийбэт диэн исписэлиистэр этэллэр.  Оттон…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха тыйаатырыгар — саҥа туруоруу

Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыра  бу айар сылга ураты суолталаах премьераны бэлэмниир.  Өрөспүүбүлүкэ  биллиилээх…

4 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга бу күннэргэ үс киһи суол быһылааныгар эчэйдэ

Бу  нэдиэлэҕэ Дьокуускай куоракка 32 суол быһылаана тахсан, 3 киһи араас эчэйиини ыллылар. Бу туһунан …

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Былырыын саамай элбэх турист Өлүөнэ очуостарыгар сылдьыбыт

Саха сиригэр былырыын иллэрээ сыллааҕар элбэх турист кэлэн барда. СӨ Урбаан, эргиэн уонна туризм министиэристибэтэ…

5 часов ago