Суолу тутааччыларга Өлүөнэ өрүһү туоруур суолу тутууну түргэтэтэргэ сорудахтаатылар. Үс туоннаҕа диэри ыйааһыннаах тырааныспар сырыыта Хатас-Павловскай хайысханан сэтинньи бүтүүтэ аһыллара былааннанар.
Ол туһунан СӨ Суол управлениетыгар иһитиннэрдилэр. Өрүс икки өттүнэн уонна фарватерынан эбэ мууһун туругун СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бэрэстэбиитэллэрин, өрөспүүбүлүкэ тырааныспарын управлениетын, ону сэргэ «Мехдорстрой» «СУ-77» бэдэрээттэһэр тэрилтэлэр көһө сылдьар хамыыйата бэрэбиэркэлээтэ.
Управление иһитиннэриитинэн, Дьокуускайтан өттүттэн муус халыҥа чарааһынан анал тиэхиньикэни туһанар кыах суох. «Мехдорстрой» хампаанньаҕа мууһу халыҥатарга мотопомпа эбэргэ сорудахтанна. Ону таһынан, мууһу ыраастааһыҥҥа үлэһиттэр ахсаанын элбэтэргэ этилиннэ.
«СУ-77» Өлүөнэ эбэ уҥуоргу өттүгэр анал тиэхиньикэ үлэтэ-хамнаһа күүһүрэрэ эрэйиллэр.
«Бүгүн дьон олоҕун уонна доруобуйатын куттала суох буолуутун хааччыйар сыалтан мууска тахсыы бобулунна. Суолу түргэнник арыйарга эбийиэккэ үлэ хаамыытын күннээҕи хонтуруола наада. Сорук туруорулунна. Сэтинньи бүтүүтэ Хатас-Павловскай хайысханан үс туоннаҕа диэри суол арыллыахтаах», — диэн СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бастакы солбуйааччы Анатолий Потапов бэлиэтээтэ.
ИДьМ 2 №-дээх полициятын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтоох дьахтарыттан сайабылыанньа киирбит. Дьахтар биир саайтка…
Дьокуускай куоракка 1976 сыллаахха 12 №-дээх “Улыбка” оҕо уһуйаана “Строительнай” уокурук кырачаан иитиллээччилэригэр аанын тэлэччи…
Дьааҥы улууһун полициятын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох ыал массыыналарын күрэппиттэрин туһунан тыллаабыттар. Силиэстийэ быһаарыытынан, эмсэҕэлээччи эр…
Бүгүн, сэтинньи 17 күнүгэр, «Оһуохай» түмсүү өрөмүөн үлэтин кэннэ саҥардыллыбыт Арчы Дьиэтигэр түһүлгэтин саҕалаата. Арчы…
Минтай балык быарын кэнсиэрбэтигэр «Пятерочка» уонна «Дикси» атыы-эргиэн маҕаһыыннарыгар чиэрбэлэри булбуттар. Уопсастыбаннай потребительскай көҕүлээһин салайааччыта…
Тымныы полюһунан аатырар Өймөкөөн улууһун нэһилиэктэригэр кэлиҥҥи сылларга бэйэ көҕүлээһинин бырагырааматын чэрчитинэн үгүс тутуу барда,…