Хатас-Павловскай туһаайыынан кыһыҥҥы суол аһыллыыта ахсынньы 15 күнүгэр көстө

Share

Өлүөнэ өрүһү Хатас-Павловскай туһаайыынан туорааһын болдьоҕо быһа холуйан ахсынньы 15 күнүгэр диэри уһаата.

Кыһыҥҥы суол аһыллыыта Павловскай туһаайыыга өрүс долгуна күүһүттэн  уонна муус чарааһыттан харгыстанна.

Бүгүн бу суолу транспорт уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев көрдө-иһиттэ уонна кэккэ быһаарыы ылынна. Бүгүҥҥү күҥҥэ кыһыҥҥы суолу оҥоруу икки биэрэк өттүттэн тэҥҥэ ыытыллар.  Хатас туһаайыытынан «Мехдорстрой» бэдэрээччит тэрилтэ үлэлиир.

— Хатаһынан муус халыҥаан, 5 туоннаҕа диэри массыына сылдьыан сөп. Ол эрээри Павловскай туһаайыыга уу долгуна күүстээх буолан, мууһа чараас. Хатастан сорох тиэхиньикэни көһөрөн, атын учаастактары оҥоро туруохпут. 3 туоннаҕа диэри тиэхиньикэ туоруон сөп. Маннык күн-дьыл 5-10 сыл устата биллэ илик. Былырыын кыһыҥҥы суолу ахсынньы 5 күнүгэр аспыт буоллахпытына, быйылгы килиимэт усулуобуйата атын быһаарыыны ыларга күһэйдэ. Онон суоппардарга кыһыҥҥы суол аһыллыбыта анаан биллэриллэ илигинэ, кутталлаах суолларынан айаннаабаттарыгар сүбэлиибит. Бастаан утаа муус чараас буолан айанныырга уустук соҕус буолуо. Онтон муус чиҥник тоҥноҕуна, ыарахан уйуктаах тиэхиньикэни, грейдеринэн суолу тупсаран биэриэхпит, — диэн бэлиэтээтэ миниистир.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

3 часа ago