Бэс ыйын 15 күнүгэр Дьокуускай куорат хонноҕор үүнэр-сайдар, кэҥиир Хатаспыт нэһилиэгин ыһыаҕа буолан ааста. Былырыын нэһилиэк дьоно бары ыһыахпыт буолар анал сирэ бөһүөлэкпит иһигэр, «Баҕарах» түөлбэни иттэннэрэ сытар көнө-налыы, киэҥ нэлэмэн хонууга буолар буолла диэн үөрүүлээх тилийэ сүүрбүт сураҕы астына-дуоһуйа истибиппит.
Саҥа саҥа курдук, саҥалыыттан тэриллиини, хамсаныыны, түбүгү эрэйэр. Түмсүүлээх, сомоҕолоһуулаах буоламмыт, 2023 сылга бу сирбитигэр бэрт түргэнник тэриллэ-хомулла охсон бэйэбит дьоммут – уран уустарбыт 9 сэргэни туруорбуттара. Быйылгы ыһыахха 2019 сылтан былааннаан, торумнаан ыытыллыбыт нэһилиэк устуоруйатын үөрэтэр түмсүү үлэтин түмүгүнэн нэһилиэнньэ хас биирдии киһитэ баҕарар баҕа санаата туолбутун туһунан нэһилиэкпит аҕа баһылыга Пермяков Евгений Петрович этиитин дохсун ытыс тыаһынан көрүстүбүт. Ол курдук, баар чахчыларга, докумуоннарга олоҕуран нэһилиэкпит устуоруйатын биир аанын сэгэттибит уонна быйыл 2024 сылга нэһилиэкпит баарын биллэрэн, сурукка-бичиккэ киирбитинэн (ахтыллан ааһыытынан) 379 сыла эбит диэн бүтэһиктээх быһаарыныыны нэһилиэкпит уопсай мунньаҕар ылыммыппыт. Онон, эһиилги 2025 сылга төрүттэммиппит 380, улуу Кыайыы 80 сылын көрсөр ыһыаҕы тэрийиэхтээхпит.
Ыһыах ааттыын суоллуун ытык, ыраас ыра санаа уйата буолан аалы көтөҕөр алгыс туоната, сүрэҕи өрүкүтэр эйэҕэс эйгэ буолар. Тэрээһиммит аһыллыытын сиэрэ-туома дойду үрдүнэн биллэриллибит сылларга ананан дьиэ-кэргэттэргэ, оҕолорго туһуланан түҥ былыргы саҕаттан ыал буолууга ураты суолтаны, болҕомтону уурар саха норуотун көрдөрүүнэн ыытылынна. Сиэргэ-туомҥа Хатаспыт олохтоохторо, «Тускул» Култуура киинин иһинэн үлэлиир түмсүүлэр көхтөөхтүк кытыннылар. Арыллыы үөрүүлээх-көтүүлээх түгэнигэр бастыҥнар, үтүөлэр ааттара доргуччу ааттанна, бэлэх-туһах туттарылынна. Олортон быһа тардан биир саамай үөрүүлээҕи, нэһилиэкпит дьоно ытыс тыаһынан көрсүбүт сонуна — «Тускул» КК иһинэн үлэлиир «Көмүс дорҕоон» вокальнай устуудьуйа СӨ «Образцовай вокальнай кэлэктиибэ» диэн үрдүк аат иҥэриллбитин туһунан сэртипикээти туттарыы буолла. Устуудьуйа салайааччытынан СӨ култууратын туйгуна Окорокова Татьяна Григорьевна буолар.
Күүтүүлээх-кэтэһиилээх ыһыахпыт уруйдаах туонатыгар, айхаллаах киэҥ киэлитигэр Хатас дьонун-сэргэтин, удьуордарын утумун утаҕын куоттарбаттыы туппут, дууһатын долгуппут, нохтолоох тойон сүрэҕи өрө мөҕүһүннэрбит, хайҕахтаах хара быары дьалкытар «Баҕарах бөҕөстөрө» күрэхпитин бу да сырыыга ыыттыбыт. Уу дьулайынан оттоох олбоххо да буолбатар, оройунан охсуллан окко түспүт уол оҕото, биир күн үрүҥ буолан ат уорҕатыгар, биир күн мэһэйи-моһолу көрсөн ат өрөҕөтүгэр буолан сиһин этэ ситтэ, буутун этэ буста, холун этэ хойунна, олох долгуннарыгар оҕустарбакка, очуру-чочуру туораан Дьөһөгөй айыы алгыһынан эр хоһуун туругурар тоҕооһо тосхойдо диэн туран, үүнэн иһэр ыччаттарбытын – 7 уолбутун уруйу-айхалы туппутунан Киин түһүлгэбитин ортотугар ыҥыран киллэрдибит. Бу күрэхпит Хатаспыт аатын аатырдыа-сураҕырдыа, ыччаппытын чөл-чэгиэн олоххо угуйуо-уһуйуо диэн санааттан 2000 сыллартан саҕаланан тохтообокко ыытыллар. Сыыһалары-халтылары ааҕынан-суоттанан, сүбэлэһэн-соргулаһан, ыытыллар миэстэтиттэн эҥин тутулуктанан түһүмэхтэргэ кыралаан уларытыылары киллэртиибит эрээри, сүрүн көрүҥнэр – тутум эргиирэ, үс төгүл үс, хапсаҕай, мас тардыһыыта хаһан даҕаны уларыйбакка кэллилэр. Быйылгы «Баҕарах бөҕөстөрө» күрэхпитигэр сонун көстүүнэн, саҥа көрүҥүнэн баҕана быраҕыытын түһүмэҕэ буолла. Бу көрүҥ мээнэҕэ киирбэтэ, ол курдук, нэһилиэнньэ этиитин хас да сыл ырытан, ыраҥалаан баран ханнык баҕарар күрэх тэриллибит, айыллыбыт сирин-уотун кэрэһилиир, ону кэпсиир, уос номоҕор сылдьардыы сэһэргиир буолуохтаах диэн өйдөбүлтэн таҕыста. Мээнэҕэ “Баалкылаах баҕарахтар” диэн үһүйээн үөскээбэтэҕин өйдөбүлэ буолуоҕа. Хойут төрүүр дьоммут, кэлин үөскүүр ыччаппыт өйдөөн туран сөптөөх түгэҥҥэ, аналлаах чааска тускуллаан туран уруйдуохтара диэн кэскил гына хаалларыахха, оҥоһуллуохтаах диэн оҥкуллааммыт сиэрин-туомун билиҥҥи кэм дьоно биһириэхтэрэ, аныгы дьыл дьоно кэрэхсиэхтэрэ диэн кичэйэн туран чиҥэттибит, кыһаллан туран сөргүттүбүт.
Быйылгы күрэх кыттыылаахтара кимнээҕий диир буоллахха, бары даҕаны Хатаспыт туһугар сүүрэр-көтөр, Хатаспытын ааттатар, тус бэйэлэрин олохторун суолугар кэккэ ситиһиилэрдээх, кыайыы-хотуу көтөлүн, хотторуу-кыайтарыы даҕаны хомолтотун уйуммут уолаттар. Буоларын курдук, бары даҕаны өбүгэ оонньууларын эттэринэн-хааннарынан, өйдөрүнэн-санааларынан илдьэ сылдьаллар. Эрсан Саввин кыттар уолаттартан саамай саастаахтара, уопуттаахтара, бэйэни уларытыыга, саҥаны саҕалыырга куруутун бэлэм. Быйыл Саха норуодунай суруйааччыта Миитэрэй Наумов сылын аайы ыытар «Өрөсүссүөрдэр күрэхтэрэ» диэн тэрээһинигэр моно-испэктээккэ бэйэтин холонон көрөн соһуппута даҕаны, үөрдүбүтэ даҕаны. Олус ситиһиилээхтик кыттан бу тэрээһини ырытыыга дьүүллүүр сүбэ үрдүк сыанабылы биэрбитэ. Илья Иванов түөрт уоллаах Спиридон, Луиза Ивановтар дьиэ кэргэннэригэр төрдүс кыра уоллара буолар. Аҕалаах-ийэлэрэ урут уруккуттан куоракка үлэлиир буоланнар, кыра эрдэхтэриттэн бэйэ-бэйэлэрин көрсөннөр, астарын-үөллэрин дьаһанан олорорго үөрэммиттэрэ. Илья оскуола эрдэҕиттэн массыына өрөмүөнүгэр аҕатыгар көмөлөһөн, тимири сүгэн-көтөҕөн иҥиир-ситии хайдах үлэлиирин этинэн-хаанынан билэр. Утумнаахтык, дьаныһан туран мас тардыһыытынан дьарыктаммыта бу күрэххэ туһалаабыта мөккүөрү үөскэппэт. Айлан Николаев бу күрэххэ үһүс төгүлүн кытынна, эдэрин көрүмэҥ, этэргэ дылы, түһүлгэ тыынын, тэтимин ылары билэр, араас таһымнаах күрэхтэри ааспыт, ылыстыҥ да ыпсарыахтааххын, туруннуҥ да тутуһуохтааххын диэн өйдөбүлү тутуһар уолбут буолар. Баҕарах бөҕөстөрүгэр кыттарын тухары 4-с миэстэттэн аллараа түһэ илик. Хапсаҕайдьыттарынан аатырбыт Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Айсен Семенов, Хатас орто оскуолатын физкультураҕа учуутала, хотугу многоборьеҕа кэккэ улахан ситиһиилэрдээх, дэгиттэр спортсмен. Корякин Алексей иккис төгүлүн кытынна, сөбүлээн, дьулуһан, тулуһан туран мас тардыһыытынан утумнаахтык дьарыктанар. Александр Павлов туруулаһыы, тургутуһуу туругун оскуола эрдэҕиттэн билэр, ситиһиилэриттэн биир үрдүктэрэ – 2024 с. Биэстээх Бочоох диэн мас тардыһыытыгар буһуу-хатыы оскуолатын көрдөрөр, тарбахха баттанар үрдүк таһымнаах күрэххэ призер буолар. Дьэ уонна төрдүс төгүлүн бу түһүлгэ күөн көрсүүтүн кыттыылааҕа — киппэ көрүҥнээх, баҕардаҕына халбас харата сымса хамсаныылаах, ханна наадалаах дии санаатаҕына сыныйан толкуйдаан, туппутун ыһыктыбакка сылатыан сөптөөх, кыайыы туһугар дьулуруйар дьулуурдаах, тулуктаһар тулуурдаах Корякин Владислав. Уолаттарбыт бары даҕаны биир баайыылаах, биир тэтимнээх, күүстээх-уохтаах буоланнар күрэхтэһии кэнниттэн бары эгил-тэгил очукуолаахтар этэ. Бу олох үчүгэй көрдөрүү буолар, бу күрэх кыттааччыларын, кинилэри эрчийээччилэр, үөрэтээччилэр-такайаачылар, уһуйааччылар, кинилэр төрөппүттэрин, дьиэ кэргэттэрин сыралаах, сылаалаах-сындааһыннаах, инникигэ эрэллээх үлэлэрэ! Бу күрэхтэһии түмүк көрүҥэр диэри арыллыбатах кистэлэҥ, кэпсэммэтэх кэпсээн, бу күрэхтэһии тыҥааһынын бүтэһиккэ диэри тутуу!
Ити күрэхпит түмүгүн, кыайыылаах ким буоларын бэрэбинэ быраҕыыта быһаарда. Бу көрүҥ биһиэхэ сабыс-саҥа буолар, онон манна ким төһөнү быраҕарын үөһээ айыылар эрэ билэн олордохторо. Көтөҕөн таһаарыытын бары даҕаны улахан ыар таһаҕас оҥостубатылар, ол кэннэ быраҕыыта дьэ ким төбөтө хайдах үлэлииринэн буолла. Бастакы холонууга Айлан Николаев 3 миэтэрэ 25 сэнтимиэтири быраҕан, көрөөччүлэр даҕаны кытааччылар сүргэлэрин көтөхтө, салгыны хамсатта. Иккис холонууга уолаттар номнуо ким хайдах бырахпытын көрөн, өркөн өйдөрө үлэлээн туттунуу-хаптыныы атын буола түстэ, хаамыы-сиимии даҕаны хайдах эрэ эрэллээх, чиҥ тирэниилээх буолла. Илья Иванов Айлан көрдөрүүтүн тупсаран, 3 миэтэрэ 75 сэнтимиэтиргэ тиийэн элбэх киһи тойон болгуо сүрэҕин хамсатта. Ол гынан, бүтэһик тыл миэнэ диэн баран, күүһүн-уоҕун, санаатын күүһүн түмэн бастакы быраҕыыга табыллыбатах Владислав Корякин бу сырыыга 3 миэтэрэ 80 сэнтимиэтиргэ тириэрдэн, Киин түһүлгэ ыҥырыа уйатыныы күүгүнүү түстэ. Дьэ, ол кэннэ комментатор Евгений Руфов быраҕыы түмүгүн эппитин кэннэ ньиргиэрдээх «ураа» хаһыы ньиргийдэ! Ити курдук, эрбии тииһинии тэбис тэҥҥэ тигинэччи тиийэн кэлэн баран, бүтэһик көрүҥ көрдөрүүтүнэн 2024 сыллаах ыһыахпытыгар «Баҕарах бөҕөһө» күрэх муҥутуур кыайыылааҕынан Корякин Владислав буолла. Уолаттар хас биирдиилэрэ анал бирииһи туттулар. Спонсордар ааттарын ааттаан туран кэпсиир буоллахха, Илья Адамович Никифоров бирииһин – саха быһаҕын Эрсан Саввин, Куорат Дууматын дьокутаата Осипов Алексей Дмитриевич туруорбут электрическэй эрбиитин (торцовочнай) Александр Павлов, Сергей Сергеевич Петровтан үнүстүрүмүөн маҕаһыыныттан уон тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээти Алексей Корякин, «Бэйэ дьиэтэ» тэрилтэттэн үнүстүрүмүөн наборун Айсен Семенов, Бурцев Антон Валерьевич салайааччылаах «Гедеон» тутуу тэрилтэтиттэн скоростной билисипиэти Айлан Николаев, «Хатас сылгыһыттара» түмсүүттэн убаһа бирииһи Илья Иванов уонна Павлов Александр Михайлович муҥутуур кыайыылаахха анаабыт 100000 солкуобайын уу харчынан Корякин Владиславка туттарда.
Күрэх күүрээнин, хардыытын, муусуканан киэргэтэн сүргэбитин көтөхпүт СӨ култууратын туйгунугар Роман Кириллиҥҥэ, Гаврил Слепцовка барҕа махтал.
Тэрээһин хардыытын Наталья Руфова, Евгений Руфов кэпсээн-ипсээн ыыттылар.
Наталья РУФОВА, Хатас
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…