Хатаска Андрей Никифоров аатынан уулуссаҕа интерактивнай бэлиэ баар буолла

Share

Андрей Петрович Никифоров аатын сүгэр уулусса интерактивнай бэлиэтин билиһиннэриитэ буолла.

Олох диэн улуу күүс, кини бараммат байҕал, бүппэт тойук. Эр киһи олох төрдүн түстээччи, олоҕу сайыннарааччы, саха омугун ааттатааччы. Орто дойду олоҕун дьоллоох туонатыгар көмүскэллээх-харысхаллаах буоларбытыгар түс-бас дьоммут – эр дьоннорбут буолаллар. Дэлэҕэ даҕаны, эркин курдук эрэллээх, өһүө курдук өйөхтөөх диэн буолла даҕаны өйбүтүгэр аан бастаан аҕа, абаҕа, эһээ, убаай диэн киириэ дуо… Аныгы кэм үргүөрдээх-аргыардаах, мөккүөрдээх-моргуордаах, иһиэлик-таһаалык буолар кэмигэр көмүскэлгэ-харысхалга наадыйарбыт өссө күүһүрэр. Ол хайаан даҕаны саа-саадах тутуурдаах буолбакка, күннээҕи түбүкпүтүгэр-табыкпытыгар, тургутуулары туоруурга күүстээх санаа киириитигэр, ис куппут тас турукпутунуун биир тэтимнээх буолуутугар, бэйэҕэ эрэллээх буолууга улахан суолталаах.

2024 сыл  ыам ыйын 8 күнүгэр Хатас нэһилиэгэр Улуу Кыайыы күнүн бэлиэтиир өрөгөйдөөх күнүн көрсө, биһиги нэһилиэкпит дьоно киэн туттар киһитэ, “Хорсунун иһин” наҕараадаламмыт, Афганистаан сэриитин бэтэрээнэ Андрей Петрович Никифоров аатын сүгэр уулуссаҕа «Узнай историю своей улицы» бырайыак өссө  биир интерактивнай уулусса бэлиэтин үөрүүлээхтик аһыллыыта буолан ааста.

Бу бырайыак Хатас нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатын, Хатастааҕы “Тускул” КК уонна Хатастааҕы орто оскуола бииргэ үлэлээһиннэрин чэрчитинэн үлэлээбитэ. Сүрүн сыала-соруга  – эдэр көлүөнэҕэ, ыччакка, олохтоохторго устуоруйаны, дойдуга бэриниилээх буолуу иэйиитин иҥэриигэ, Хатас сайдарын туһугар кылааттарын киллэрбит дьоһун дьонун туһунан билэллэригэр, аныгылыы тиийимтиэ табыгастаах ньыманан туһанан тиэрдии буолар.  Хатас нэһилиэгэр 21 уулусса биллиилээх ситиһиилээх дьоһун дьонун аатын сүгэллэр. Бу күҥҥэ диэри бырайыак бэрт ситиһиилээхтик үлэлиир-хамсыыр уонна таба тайаныллыбыт хайысхабыт, олохтоохтор биһирэбиллэрин ылбыт үлэбит буолар.

Киһи олоҕо түннүгүнэн  чыычаах көтөн ааһарын курдук кылгас диэн өйдөбүл баар. Онтон Андрей Петрович Никифоров  олоҕо, киһи хомойуох курдук , өссө оннооҕор кылгас этэ… Ол гынан баран дьылҕа хаан анаабытынан, күлүм гынан ааспыт кэмнэрэ олус чаҕылхай, киһи өйүгэр санаатыгар хаалан хаалардыы  сэһэргиирдээх-кэпсиирдээх, киэн туттардаах күннэрдээҕэ. Ол кини дьиҥ чахчы чопчу сыаллааҕыттан-соруктааҕыттан, сатаабаппын диэн саллыбатыттан, билбэппин диэн кэтэмэҕэйдээбэтиттэн, куттанан, чугуйан хаалбатыттан буолара мөккүөрү үөскэппэт.

Андрей Петрович  элбэх оҕолоох Анна Петровна уонна Петр Николаевич Никифоровтар дьиэ кэргэннэригэр үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн баран, саҥаны-сонуну билиэн-көрүөн баҕаран, хаһан даҕаны тиийбэтэх-көрбөтөх, устудьуоннуон баҕарар саха ыччата элбэхтэ сылдьыбатах сиригэр  Дмитров куоракка Яхром сопхуос-техникумугар  киирэн бэрт ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэн,  Афганистаан байыаннай сулууспатыгар ыҥырыллан барбыта. Ытык иэһи төлөөһүн диэн өйдөбүл кини дьылҕатыгар, олоҕор, дьэ, дьиҥ чахчы дьыаланан дакаастааныллыбыта. Ол курдук, дойдутун чиэһин көмүскээн «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Мээнэ киһиэхэ маннык мэтээли туттарбаттар, ханнык баҕарар судаарыстыбаннай тутултан тутулуга суох аармыйа баарын тухары “Хорсунун иһин» мэтээл  саллааттарга саамай сыаналанар үрдүк наҕараада буолар. Ол гынан баран, Андрей саха киһитин быһыытынан олус сэмэй буолан бу наҕараадатынан хаһан даҕаны, ханна даҕаны өттөйбөтөҕө, баарбын аҕай дэммэтэҕэ.  Кини дойдутугар кэлэн үрдүк үөрэххэ киирэр. Үөрэнэрин тухары солбуллубат староста буолан үөлээннээхтэрин, учууталларын убаастабылын ылыан ылбыта. Ылбыт идэтинэн таһаарыылаахтык, үтүө түмүктээхтик үлэлээн бэрт сотору сыах салайааччытыгар тиийэ урдээбитэ.

Хаартыска: ааптар тиксэриитэ

Андрей Петрович ыал буолан  дьиэ уот тэринэн, икки уол оҕолонон кэргэнинээн Федора Дмитриевналыын орто дойду саамай сырдык иэйиитин – таптыыры, таптатары билбитэ. Сахаларга уол оҕо төрөөтөҕүнэ аҕа ууһун ааттатар киһи кэллэ диэн үөрэллэр. Андрей Петрович аҕа ууһун ааттатар уолаттара  кинини ааттатар үтүө суобастаах, эппит тыллара биир, туппуттара торуоска, туруу  улэһит дьоннор. Петр Андреевич Хатас орто оскуолатын физкултуура уонна ОБЖ учуутала, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аҕа баһылыга. Андрей Андреевич ФГБУ «Главрыбвод» тэрилтэҕэ сүрүн рыбоводунан улэлиир.  Петр Андреевич   Хатаска сылын ахсын ыытыллар «Байанай күрэҕин» саҕалааччыларыттан биирдэстэрэ. Бу күрэх  Дьокуускай киэҥ уораҕайыгар баар 8 уокурук, 7 пригород иһигэр Хатас аатын ааттатар аныгылыы муодунайдык эттэххэ «брендовай»  тэрээһиммит буолар.

Бу сыллар тухары  тохтообокко баран, бэйэтэ туһугар туспа холбоһук, түмсүү буола улаатта. Бэйэтэ туһугар туспа сулустардардаах, уос-номоҕор сылдьар уолаттардаах. Бүтүн Сахабыт сирин ааттаахтара мустар «Байанай» күрэҕэр тиийэ рекордсменнар бааллар. Петр Андреевичтан: «Идэҕин сөбүлүүгүн дуо?» – диэбиппэр наһаа истиҥник астынан туран: “Үлэбин сөбүлүүбүн, үлэбэр үөрэ-үөрэ барабын” – диэн эппиэттээтэ. «Онтон үлэҕэр саамай сүрүн сыалыҥ тугуй?» диэҥҥэ: “Дьиҥнээх эр дьону иитэн таһаарарга кыһаллабын” – диир. Дьэ астык эппиэт дии. Маннык дьон баарын тухары инникигэ эрэл, үтүөҕэ-сырдыкка тардыһыы баар буолар буоллаҕа.  Тэрээһиҥҥэ Петр Андреевич салайар кылааһа ХОО 5 ”б” кылааһа Татьяна Окорокова мелодиятыгар бэтэрээннэргэ анаммыт ырыаны бэрт сэргэхтик толордулар. Андрей Петрович бииргэ төрөөбүт убайа быраатын туһунан истиҥник –иһирэхтик ахтан ааста. Дьэ онон хас биирдии аныгы уйэ киһитэ төлөпүөнүн QR-кодка даҕатта да убаастабыллаах Андрей Петрович туһунан видеоролик көрүөн сөптөөх информативнай табличката кини туһунан кэпсии-сэһэргии туруоҕа.

Андрей Петрович Никифоров сырдык аата үйэлэргэ салҕаннын!

Наталья Руфова, Хатас

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Социальнай пуонда биэнсийэни уонна оҕо босуобуйатын эрдэ төлүөҕэ

Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата биллэрбитинэн, 2025 с. тохсунньу ыйдааҕы биэнсийэни уонна босуобуйаны түҥэтии болдьоҕо…

19 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Моҕой сыла хайдах буолуой?

Кэлэн иһэр 2025-с Моҕой сыла, астрологтар этэллэринэн, икки өрүттээх буолуоҕа: сорохторго ситиһии, үтүө уларыйыылар тосхойуохтара,…

59 минут ago
  • Сонуннар

Махталбын биллэрэбин

Олохпун, үлэбин кэрэ абылаҥнаах үҥкүүгэ анаабыт кэрэ кэмнэрим дьонугар уонна кэнники аттыбар буолан олохпун күн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьыллааҕы бит-билгэ

Хантан кэлбитэ, ким айбыта биллибэт эрээри, Саҥа дьыл бэйэтэ туспа үгэстээх, биттээх-билгэлээх. Сорох дьон маны…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мас ууһун идэтин баһылаабыт уол олоҕор толору бэлэмнээх буолар

Бу күннэргэ Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар мас ууһун уонна кыра массыыналары көрүү-истии, өрөмүөннээһин сатабылларын төһө иҥэриммиттэрин…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Сунтаарга буокса күрэһэ

Сунтаарга бу күннэргэ үс күн устата Алквиад Иванов аатынан Оҕо спортивнай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир оскуолаҕа…

4 часа ago