Бу күннэргэ социальнай ситимҥэ Хатаска бэйдиэ сылдьар ыттар саҥа төрөөбүт кулуну туппут хаартыскалара тарҕанна.
Бэлиэтээн суруйдахха, өрөспүүбүлүкэҕэ бу бастакы түгэн буолбатах, бэйдиэ сылдьар ыттар Үөһээ Бүлүүгэ Кэнтиккэ, Чурапчыга Хайахсыкка кулуннары туппут сурахтарын туһунан суруйан турабыт. Биһиги бу хаартыска чахчытын билээри, Хатас Тыатын хаһаайыстыбатын исписэлииһигэр Надежда Шелковниковаҕа сибээскэ таҕыстыбыт:
-Билиҥҥи туругунан ити эмсэҕэлээбит ким кулуна буолара быһаарылла илик. Дьон ытын баайбат, биһиги СӨ Бэтэринээриийэҕэ департаменын кытта үлэлэһэбит. Рейдэлэри оҥоробут. Ону сэргэ манна, Хатаска, сыһыыга хаһаайына суох кыыллыйбыт ыт үөрэ баар. Олор тиэхиньикэни көрдүлэр да куоталлар, онон ыты тута кэлээччилэр сатаан туппаттар. Ыттары өлөртүүр бырааппыт суох, ыттары көмүскүүр сокуон баар.
Биһиги кулун хаһаайынын билээри Хатас олохтоохторугар сибээскэ таҕыстыбыт. Булан кинини кытта кэпсэттибит. Алексеев санаатын маннык үллэһиннэ:
— Биһиэхэ, Хатаска, бу бастакы түгэн буолбатах. Мин хаһаайыстыбабар бу номнуо үһүс кулуммун туттулар. Бэйдиэ сылдьар ыт элбэх, бары кэриэтэ хаһаайыннаах ыттар. Биир да киһи ытын баайбат, ол түмүгэр хаһаайыстыбаҕа улахан хоромньу оҥоһуллар. Аҕыйах хонуктааҕыта төрөөбүт кулуммун бэйдиэ сылдьар ыттар тутан сиэбиттэр, ким ыта тутан сиэбитин булар уустук. Ыттар бэйдиэ сылдьан сылгыны, ынаҕы тутан тыа хаһаайыстыбатыгар улахан хоромньуну таһаараллар. Манна дьабарааскы олус элбэх. Көҥүл сылдьар ыттар бары бөрө курдук ону бултууллар, ол сылдьан кулуннары туталлар. Ыттары сокуон көмүскүүр, оччотугар сылгыны хаайан, баайан туруорабыт дуо?
Ыттары сокуон көмүскүүр, оттон сылгыны, ынаҕы, саҥа төрөөбүт кулуннары, ньирэйдэри ким көмүскүүр? Дьиэ кыылыгар адьырҕа курдук түһэр бэйдиэ сылдьар ыттар оҕолорго, дьоҥҥо-сэргэҕэ сэрэхтээхтэр.
Хаартыска Алексеев тиксэриитэ
Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…
Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"] Түмсүүнү оҕо…
Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…
Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…
Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…
Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…