Хатаска буулдьанан ытыыга дьиэ кэргэн бирииһигэр күрэх ыытылынна
Орто дойду олоҕун дьоллоох туонатыгар көмүскэллээх-харысхаллаах буоларбытыгар түс-бас дьоммут – эр дьоннорбут буолаллар. Дэлэҕэ даҕаны эркин курдук эрэллээх, өһүө курдук өйөхтөөх диэн буолла даҕаны өйбүтүгэр аан бастаан аҕа, абаҕа, эһээ, убаай диэн киириэ дуо…
Аныгы кэм үргүөрдээх-аргыардаах, мөккүөрдээх-моргуордаах, иһиэлик-таһаалык буолар кэмигэр көмүскэлгэ-харысхалга наадыйарбыт өссө күүһүрэр. Ол хайаан даҕаны саа-саадах тутуурдаах буолбакка күннээҕи түбүкпүтүгэр-табыкпытыгар, тургутуулары туоруурга күүстээх санаа киириитигэр, ис куппут тас турукпутунуун биир тэтимнээх буолуутугар, бэйэҕэ эрэллээх буолууга улахан суолталаах.
Мин бүгүҥҥү сэһэним – сэппэним Хатаска олорор дьиэ-кэргэттэр көҕүлээһиннэринэн эр дьоҥҥо анаммыт, туһуламмыт тэрээһиннэртэн биир саамай дьон-сэргэ кэрэхсээһинин, сэргээһинин ылбыт игирэ Иван, Петр Иванович Пермяковтар бириистэригэр ыытыллар буулдьанан ытыыга күрэх туһунан буолуо.
Былыр былыргыттан хас биирдии саха эр киһитин сүрэҕэр дууһатыгар баар өйдөбүл, дьарык – булт-алт, балыктааһын буолар. Иван Иванович, Петр Иванович күн сирин көрөр түгэннэриттэн олоҕу үөһээ айыылар бэлэхтэрин курдук ылыммыт дьон диэтэххэ омун буолбат. Ол курдук кинилэр кырдьыга даҕаны айылҕа биир дьикти көстүүтэ — игирэлэр буоланнар араас дьикти түгэннэрэ элбэхтэр. Өскөтүн көннөрү олоххо оннук үлүгэр эппит-тыыммыт буолбатах этилэр, ол оннугар иккиэн тыаҕа, хонууга олох дьиэҕэ сылдьар курдук холкутук, дьоһуннук сылдьаллара – мунар-тэнэр, сыыһа-халты хамсанар диэни билбэттэрэ, ол кинилэр дьиэ кэргэнтэн, ийэттэн-аҕаттан бэриллибит дьоҕурдара, сатабыллара, уратылара этэ. Чугас дьонноро, звеноҕа бииргэ сылдьыбыт эдэр дьонноро тыаҕа киирэн биир да мутуктан, мастан иҥнибэккэ тыаһа суох хаамаллара диэн ахталлар. Сылдьалларын тухары айылҕаҕа харыстабыллаах, бэйэ-бэйэҕэ убаастабыллаах сыһыаҥҥа, эрэллээх буоларга иитэллэрэ. Аны дьиҥ саха киһитэ хайа да түгэҥҥэ аччык хаалбат диэн өйдөбүллээхтэрэ, булт аһын сатаан астааһыны (үргээһин, ыраастааһын, харайыы, ыраастааһын) ааһан бэл диэтэр хаччаччы хаппыт да килиэби бэрт үчүгэйдик паардаан сымнатан сиэтэннэр ол звено оҕолоро күн бүгүн даҕаны ол ньыманы дьиэлэригэр-уоттарыгар, тыаҕа, сиргэ сылдьалларыгар махтана санаан туран тутталлар. Иваннаах Петр Герой Ийэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Клавдия Ивановна, тыыл бэтэрээнэ, Чурапчы көһөрүүтүн кыттыылааҕа Иван Иванович Пермяков дьиэ кэргэнигэр улааппыттара. Күн бүгүн бу дьиэ-кэргэн көлүөнэ ситимин тута сылдьар дьон бэйэтэ биир кыра нэһилиэк саҕа тэнийэн, силис-мутук тардан, дириҥээн түмсүүлээхтэринэн, сомоҕолоһуулаахтарынан бар дьон махталын ылыахтарын ылаллар. Кинилэр норуот хаһаайыстыбатын бары хайысхатыгар үлэлии-хамсыы, сайда-үүнэ, төрүт дьоннорун ааттарын ааттата сылдьаллар. Кинилэр ортолоругар быраастар, сиэстэрэлэр, историктар, тутуу үлэһиттэрэ, тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ, учуонайдар, бааһынай хаһаайыстыбалаахтар, оҕону иитиигэ үлэлээччилэр, култуура үлэһиттэрэ, олохтоох дьаһалта салайааччыта уо.д.а. бааллар. Үлэттэн ураты араас эйгэҕэ – култуураҕа, спортка, иискэ-күүскэ ааттара доргуччу ааттанар үтүөкэн дьонноохтор – “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуу кыайыылаахтара Алексей Саввинов,Систир Алексеев мас тардыһыыга онтон СӨ норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Анастасия Ивановна Алексеева, Хатас нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Анна Ивановна Саввинова уо.д.а.
Кыраҕы харах, хамсаабат илии, тутар сис, өркөн өй холбостоҕуна уонна биллэн туран кыайыы кыната олорустаҕына, ситиһии ситимэ, Байанайа бэристэҕинэ булчут бэрдэ, балыксыт мааныта диэн буолар. Өркөн өй күлүмэх түгэҥҥэ түргэн быһаарыныы, хорсун, хотоойу майгы эрэ буолбатах, өркөн өй ырааҕы толкуйдааһын, сиэри-туому үгэстэри билии, ырытар-ыраҥалыыр дьоҕур. Дьэ онон эр дьоммут барахсаттар күн сирин көрүөхтэриттэн норуот иннигэр ытык иэстэрэ сүрдээх улахан, киэҥ, дириҥ. Ол да иһин буолуо бука өбүгэлэбит түҥ былыргыттан айбыт айыыбыт олохтообут олоҕун усталаах-туоратыгар туллаҥнаабат, тулхадыйбат тулааһына, айгыраабат акылаата, удьуор төрдө Эр бэрдэ,Эр киһи буолар диэн өйдөбүллээхтэрэ. Пермяковтар дьиэ кэргэҥҥэ бу өйдөбүл күүскэ баарын туоһута бу быйыл 4 төгүлүн көтүппэккэ ыытыллар буулдьанан ытыыга күрэхтэрэ буолар. Тэрээһин буолла да саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри диэтэххэ элбэх түһүмэхтээх буолар – балаһыанньатын оҥоруу, биллэриини оҥоруу, тарҕатыы, күрэх буолар сирин талыы, бириистэрин булуу, судьуйалары булуу, саха дьонун сиэринэн чэйдэтиигэ тиийэ. Дьэ манна бу улахан аймах бары биир тыыҥҥа, биир тэтимҥэ сылдьаллара, дьиэ-кэргэн ис туруга, улахан оруолу оонньуур.
Быйылгы 2024 сыллааҕы күрэх Арассыыйаҕа дьиэ-кэргэн сылыгар ананна. Былырыын 33 киһи эбит буоллаҕына быйыл 40 киһи буолла, сорохтор этиллибит кэмтэн хойутаан кэлэннэр киирбэккэ хааллылар. Саамай аҕа саастаахпыт Иванов Герман Ксенофонтович 70 сааһын лаппа ааспыт эбит буоллаҕына 18 саастарын саҥатык туолбут Иван Степанов, Айлан Николаев, Арылхан Корякин бааллар. Аҕалыы уол Андрей, Иван Степановтар, бииргэ төрөөбүт убайдыы быраат Павел, Петр Пестеревтэр, Захар, Иннокентий Оконешниковтар, Филипп, Григорий Евсеевтэр бааллара көлүөнэ ситимэ баарын чаҕылхай туоһулара буоллулар. Ханнык баҕарар таһымнаах күрэх дьүүллээһинтэн, ирдэнэр быраабыланы оҥорууттан улахан тутулуктаах. Хайдахтаах даҕаны үчүгэйдик тэриллэн, элбэх кыттааччыланан, үчүгэй бириистэнэн баран дьүүллээһин өттө кыаллыбакка ыһыллан хаалар түгэннэр баалларын билэбит. Онон бу күрэх өссө төгүл биир тыынынан, туох да мөккүөрэ-моргуора суох, сып-сап туттан, чып-чап курдук чуолкайдык барбытыгар тэрийээччилэр улахан махталларын Анатолий Михайлович Баишев ылыан ылла. Күрэх тухары күөн көрсөөччүлэр икки ардылырыгар бэйэ бэйэҕэ убаастабыллаах, сылаас сыһыаннара көрө-истэ кэлбит оҕолорго, дьиэ-кэргэттэргэ төһөлөөх үчүгэй санааны биэрбитэ буолуой…
Санаалары атастаһыы маннык буолла.
Анастасия Алексеева, Анна Саввинова – Петр, Иван Пермяковтар бииргэ төрөөбүттэрэ – “Сахаҕа аҕа ууһун ааттатар диэн сүрдээх күүсттэх этии баар. Ону бу сиэн бырааттарбыт Евгений Петрович, Иван, Гавриил Ивановичтар аҕаларбыт ааттарын үйэтитиэххэйиҥ, бу маннык күрэхтэ ыытыаххайыҥ диэн этиилэрин, көҕүлээһиннэрин биирдэ эрэ ыыппакка үгэскэ кубулутан эрэллэриттэн ис сүрэхпититтэн үөрэбит, долгуйабыт, махтанабыт. Махтанабыт уолаттарбыт ийэлэригэр – Дарья Гаврильевнаҕа, Альбина Александровнаҕа, бииргэ төрөөбүттэригэр Розалияҕа, Светланаҕа, Акулинаҕа. Онон биһиги аймахтар бары үөрэн-көтөн, сүргэ көтөҕүллэн туран бу тэрээһиҥҥэ ким туох кыахтааҕынан көмө-тирэх буолабыт. Инньэ гынан быйылгы күрэххэ уолаттарбытыгар анал туспа бэлэхтээх (ааттара-суоллара сурулла сылдьар булчут дьааһыга) кэллибит.”
Николай Попов: “Бастатан туран күрэх үгэскэ киирэн кэтэһиилээх-күүтүүлээх буолбутун бэлиэтиэхпин баҕарабын. Иккиһинэн, бу күрэх ыытыллар күнэ оруобуна олунньу 23 күнүгэр буолара дириҥ толкуйтан тахсар диэн санаалаахпын. Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр маннык тэрээһин буолара дойдуга бэриниилээх буолууга, саха эр киһитин ааттатыыга оруннаах олугу уурар. Кыттааччы ахсаана сылын ахсын элбиир, көлүөнэтэ үксүүр(эдэр да, орто саастаах, кырдьаҕас даҕаны баар), бириистэрэ барыта дьоһуннар. Аны анал бириистээхтэрэ киһини долгутар. “Саамай саастаах кыттааччы”- Иванов Герман Ксенофонтович,”Саамай эдэр кыттааччы” – Арылхан Корякин, “Аҕаларбыт саамай чугас доҕордоро” – Петр Пестерев, күрэҕи ыытааччы Руфова Натальяҕа, судьуйаҕа – Анатолий Баишевка, Хатастааҕы оҕо искусствотын оскуолатын уонна спортивнай оскуола салайааччыларыгар – Лемешева Христина Николаевнаҕа, Гоголев Евгений Егоровичка. Онон бу ханнык баҕарар нэһилиэккэ, улахан аймах- билэ дьоҥҥо, эр дьон түмсүүлэригэр холобур буолоуон сөптөөх хамсааһын. Манна Евгений Петрович Хатас нэһилоиэгин дьаһалтатын салайааччыта буоларын тоһоҕолоон бэлиэтиэхпин баҕарабын. Бу курдук салайааччы бэйэтэ мэлдьи инники күөҥҥэ, көҕүлүү, саҕалыы сылдьар буоллаҕына нэһилиэнньэни кытта үлэтигэр үтүө эрэ өрүттэри аҕалыан сөп дии саныыбын. ”
Наталья Протопопова – “Хатаска кийииппин, оҕолонон-урууланан, дьиэ-туттан олоробут. Бэйэм эйгэм эмиэ дьону кытта алтыһыы, сэһэргэһии-кэпсэтии буоларын быһыытынан ыытыллар тэрээһиннэри сүрдээҕин кэрэхсиибин. Кэргэним Игорь Андреев кыттабын диэбитин үөрүүнү кытта өйөөбүтүм уонна бириэмэ булан кыратык хойутаан да буоллар кэлэн көрдүм-иһиттим, сөхтүм-махтайдым. Чахчыта даҕаны маннык элбэх эр дьон мустууларын көрөрбүт күн аайы буолбатах буоллаҕа дии.”
Дьэ ити курдук айаннатаммыт күрэхпитин бүтэрдибит. Саҥа да кыттааччылар бааллар, биир да көтүппэккэ кыттааччылар аҕыйаҕа суохтар. Былырыын кыайыы, ситиһии күлүмэх түгэнин мүлчү тутан 1 да очукуону ылбыттар бааллар… Былырыын биир очукуолаах отуттан таҕыста, уон иккилээх 38 буолла. Ким эрэ боруобалаан ытыыга 10 очукуону ылан баран дьиҥ ытыыга ытыһын сотунна. Араас хартыына барыта буолла. Ол да буоллар кыайыылаахтар кимнээхтэрий? Бу түгэҥҥэ очукуо тэҥнэһиитэ тахсыбытын хаачыстыба быһаарда онон бүтэһик ытааччылартан биирдэстэрэ орто Халыматтан төрүттээх Киэҥ Хочо түөлбэ олохтооҕо, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, олоххо олус көхтөөх Андрей Винокуров бастакы миэстэни ылла. Бүтэһик ытааччылартан диэн тоҕо тоһоҕолоон эттиҥ диир буоллахха 40 киһи ытыар диэри тулуйан-тэһийэн күүтүү, долгуйууну кыайыы – бу туһугар эмиэ сатабыл буолара саарбаҕа суох. Иккис миэстэни олохпут биир тыын боппуруоһун – күннэри-түүннэри уу таһар, үлэһит бэрдэ, турбут-олорбут Алексей Кожин ылан үөрдэ-көттө. Үһүс миэстэҕэ эрэллээхтик Савелий Соболев таҕыста.Үһүс киһиттэн бэрт кыранан хаалбыт төрдүс миэстэлээх Осипов Александр бэһис миэстэлээх Вячеслав Семеновтан эмиэ араа бараа очукуолаахтар. Бу ааттаммыт дьон бары анал бириистээхтэр, уонна ону таһынан үс бастакылар мэтээллээхтэр. Бу дьоммутун үксүлэрин бэрт сотору буолар онус төгүлүн ыытыллар “Байанай күрэҕэр” көрсөрбүт чуолкай.
Н.Руфова. Хатас. 2024 олунньу
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: