Хатаска дэгэрэҥ ырыа түмсүүтэ баар буолла
Дэгэрэҥ ырыа биһиги сахалар омук быһыытынан уратылаах — уйан, уран дууһабытын арыйан чэпчиир, сүргэбитин өрө көтөҕөр ньымабыт буолар.
Дэлэҕэ даҕаны, саха миинэр миҥэтигэр эбэтэр оһоҕун иннигэр олордор эрэ ырыаһыт диэхтэрэ дуо… Чахчыта да оннук буолан, саха киһитэ барахсан мунчаарбытын, санааҕа баттаппытын, үөрбүтүн-көппүтүн, ситиһиилэммитин-кыайыыламмытын, таптаабытын, таптаппытын туойан-хоһуйан, ыллаан кэллэҕэ. Дьэ, дэгэрэҥ ырыа диэтиҥ да — Христофор Максимов, Христофор Максимов диэтиҥ да — дэгэрэҥ ырыа диэн быстыспат өйдөбүл буолуор диэри дэгэрэҥ ырыа эйгэтин кэҥэппит, дириҥэппит, ол туһугар тууһугуран туран үлэлээбит, айар-тутар суолун аартыгын көмүс дорҕооннорунан киэргэппит, дууһа кылын таарыйан ытатан-ыллатан көрөөччү-истээччи биһирэбилин ылбыт үтүөкэн киһибит көлүөнэ ситимин дьонун үтүөтүнэн анал пуонда баара саныахха кэрэ.
Бу тэрилтэ баар буолан уонна киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин араас улуустарыгар кинини өйүүр-өйдүүр бииртэн биир сэргэх, тахсыылаах, таһаарыылаах үтүөкэн үлэһит дьоннордоох буоламмыт, дэгэрэҥ ырыа дьылҕата бэйэбит илиибит иһигэр баар. Биир оннук киһинэн Протасов Николай Васильевич буолар. Кини бу хамсааһыны, пуонда үлэтин дириҥ ис хоһоонун өйдөөн, күүскэ ылсан үлэлээн-хамсаан төрөөбүт-үөскээбит Амматын улууһун араас үрдүк таһымнаах туоналарга доргуччу ааттаппыта. Быйылгы айар-тутар үлэ сылыгар “Тускул” Култуура киинин исписэлииһинэн үлэлии киирбитэ. Бу сайын бэс ыйыгар Хатаспыт ыһыаҕар эмиэ пуонда күүстээх өйөөһүнүнэн, олохтоох дьаһалта көмөтүнэн дэгэрэҥ ырыа куонкуруһун ыыппыппыт. Үрдүк таһымнаах ырыаһыттар кэлэн ыллаан-туойан, сэргэхситэн барбыттара. Күн бүгүн ыһыахтар түбүктэрэ бүтэн былааннаах үлэ күүскэ бара турар. Ол курдук, от ыйыгар “Дьикти сайын” диэн бырайыак өбүгэ саҕаттан баар иис-күүс кистэлэҥнэрин арыйан бэрт сэргэхтик ааспыта. Ол кэннэ от ыйын 19 күнүттэн “Дэгэрэҥ ырыа дьэргэлгэнэ” диэн ааттаах бырайыак үлэтин саҕалаата.
Бырайыак саҕаланыан иннигэр дьону-сэргэни кытта үлэлэһэн баҕалаахтар баалларын билэр этибит. Ол да буоллар уоппуска, сынньалаҥ кэмэ диэн испитигэр син ытырыктата саныырбыт ханна барыай. Хата биһиги дьолбутугар баҕалаахтар үөрэ көтө-көтө суруйтаран хара саҕаланыаҕыттан, этэргэ дылы, сэниэлээхтик хамсаныы барда. 25 киһи суруйтарда – 7 саастаах оҕоттон саҕалаан, 77 саастаахтарга тиийэ бааллара, чахчыта даҕаны, дэгэрэҥ тэтимэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн күн бүгүҥҥүгэ диэри тоҕоостооҕун өссө төгүл көрдөрдө. Манна бочуоттаах сынньалаҥҥа олорооччулар да, олох үөһүгэр сылдьар үлэһиттэр да бааллар. Манна ырыа туонатыгар сабыс саҥа киирбиттэр да эбэтэр уруккуттан да ыллааччылар бааллар. Ол эрээри, дэгэрэҥ ырыа туонатыгар бары сабыс саҥа үктэннилэр.
“Салайааччыгыт Николай Васильевич Протасов дэгэрэҥ ырыаҕа бэлиэ суоллаах-иистээх, туспа, ураты буочардаах. Үөрэ-көтө үлэлээҥ-хамсааҥ, сахаҕыт хаанын уһугуннарыҥ”, — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээн туран ситиһиини, үтүө түмүктэри баҕарда Христофор Трофимович Максимов уола Иннокентий Христофорович Максимов. Кини бу бырайыак олоххо киирэн эрэрин истээт, үөрүүнү кытта көмө-тирэх буоларга бэлэмин биллэрбитэ уонна тылын тыалга көтүппэккэ, Николай Васильевичтыын сүбэлэһэн-сөбүлэһэн сонно тута маастар кылаас биэрэр дьоннору буланнар, от ыйын 22 күнүгэр дэгэрэҥ тэтимин өйгө-санааҕа эрэ буолбакка эккэ-сииҥҥэ иҥэриммит ааттаах-суоллаах, дириҥник, хорутуулаахтык үтүө түмүктэрдээхтик үлэлиир-хамсыыр Айталина Михайловна Мойтохонова-Сахаайта уонна Туйаара Дмитриевна Белолюбская-Туойаана кэлэннэр олус туһалаах маастар-кылаас биэрэннэр, инникигэ эрэли үөскэттилэр уонна дэгэрэҥ киэҥ дуолун сэгэтэн олус наадалаах сүүтүк саҕа сүбэлэри бэлэхтээтилэр. Манна даҕатан эттэххэ, Туйаара Дмитриевна уончалаах сааһыттан Николай Васильевич салайыытынан дэгэрэҥ ырыа эйгэтигэр уһуйуллан тахсыбыт. Бэйэтэ ырыа суруйар, биллэр ааптар киһи учууталыгар махтанан туран бу тэрээһиҥҥэ үөрэ-көтө кытта Амматтан кэлбитэ саныырга да астык. Маастар-кылаас кэннэ кыттааччылары кытта көрсөн кэпсэтиим маннык буолла.
Жиркова Сюзанна:
– Бу күннэргэ куйаары кытта ыкса сибээстээхпитин өссө төгүл итэҕэйдим… Ырыаҕа үөрэтэр дьоннор бааллара эбитэ буоллар дии саныы сытан, биллэриини көрбүтүм уонна сонно тута сибээскэ тахсыбытым. Оҕолорбун кытта сылдьабын. Манна кэлбитим туһата элбэх. Оҕолорбун кытта биир интэриэстээх буоллум, үөрэтэбит, ыллыыбыт уонна дьиэҕэ олорортон эмиэ куотан олохпутугар туох саҥа, сонун салгыны киллэрэбит, кэлэ-бара үстэн лаппа тахса килэмиэтир сири сатыы хаамабыт. Ол эмиэ бэйэтэ туһугар туспа тьуһалаах дьарык.
Решетникова Капиталина:
– Мин үйэбэр ыллаабатах-туойбатах киһибин, ол эрээри саха киһитэ ырыа эйгэлээх буоллаҕына, өй-санаа өттүнэн эрэ буолбакка эт-хаан, чөл турук өттүгэр туһалааҕын элбэхтэ истэбин даҕаны уонна билэбин даҕаны буоллаҕа. Онон мин доруобуйа, чөл,чэгиэн турук туһугар туһулаан кэллим.
Прокопьева Надежда:
— Олохпор саҥаны, сонуну саҕалыырбын, боруобалыырбын сөбүлүүбүн. Инньэ гынан бу эйгэни истэн эрэ сөбүлүүр буоллахпына, аны бэйэм нөҥүө аһаран хайдаҕын, тугун билиэм буоллаҕа.
Горохова Анфиса:
— Ыллыырбын урут-уруккуттан сөбүлүүбүн. Христофор Максимов ырыаларыгар бигэнэн улааппыт көлүөнэ дьонноруттан биирдэстэрэбин. Онон ытыктыыр, сүгүрүйэр киһим ырыаларын ыллыыр буолуом диэн баҕа санаанан долгуйа-үөрэ дьарыкка сылдьабын.
Федорова Оксана:
-Ырыа эйгэтэ миэхэ кыра эрдэхпиттэн баар эрээри, дэгэрэҥ хайысхатыгар саҥа үктэнним. Учууталбыт, уһуйааччыбыт көмөтүнэн кыаллыа диэн эрэл санаалаахпын, бэйэм өттүбүттэн кыһаллыам.
Максимова Марта, Афанасьева Ирина:
– Биһиги биир сыалбытынан дэгэрэҥ ырыаҕа үөрэнэн баран, үлэбит чэрчитинэн оскуолаҕа киириэн иннинээҕи оҕолору эмиэ бу хайысхаҕа үлэлэһии буолар. Ол туһугар, биллэн турар, бастаан бэйэбит баһылыахпытын наадатын өйдүүбүт, онон инникини санаан туран түһүнэн кэбиһэбит.
Дьэ, ити курдук бырайыак саҕаланна уонна бу үлэ үтүө түмүктэрдээх буоларыгар эрэнэн туран “аттар түстүлэр” диэххэ.
Наталья РУФОВА.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: