Сэтинньи 4 күнүгэр — Сомоҕолоһуу күнэ. Үөрэ-көтө бэлиэтиир улахан бырааһынньыкпыт буолар.
Өскөтүн сомоҕолоһууну куораппытыгар уонна чугас олорооччуларга араас омуктар бииргэ тутуһан ил, эйэ буолан, 2005 сылтан бэлиэтээн кэлбит буоллахпытына, сахалар биир түөлбэҕэ олохсуйан олорон эмиэ сомоҕолоһуубут, доҕордоһуубут күүһүн илэ чахчы көрдөрүөхпүтүн сөп эбит.
Ол курдук, сэтинньи 3 күнүгэр Хатастааҕы «Тускул» култуура киинин көҕүлээһининэн, Сахабыт сирин араас улуустарыттан Хатаска олохсуйбут сахабыт дьонун түмэр бэстибээл аан маҥнай аанын тэлэччи аста.
11 араас улууска (Өлүөхүмэ, Амма, Горнай, Өлөөн, Сунтаар, Ньурба, Таатта, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Уус Алдан, Хатас) төрөөн-үөскээн, үөрэнэн, билигин «биһиги хатастарбыт» дэммит дьоннор баҕа санааларынан хас эмэ күн киэһээ үлэ үмүрүйүүтэ култуура киинигэр мустан, эрчиллэн, биир нэһилиэк дьоно буолан олороллорун бигэргэтэн, сомоҕолоһуу, доҕордоһуу үөрүүлээх мустуулара буолла. Сарсыардаттан тимир көлө арааһа олбуорга кэчигирээн, киирэр аантан сахалыы алаадьы сытынан дыргыйан, кыра оҕолор дьоллоох күлүүлэринэн, кырдьаҕастыын-эдэрдиин, элбэх киһи муһунна. Хатас көнө, өлгөм ньууругар 6 тыһыынча 503 киһи күннэтэ үлэ-үөрэх үөһүгэр сылдьар. Кэнники сылларга манна Саха сирин араас улуустарыттан кырдьаҕастыын, эдэрдиин сөбүлээн олохсуйар буолбуттара биллэр суол.
Бырааһынньыгы нэһилиэк баһылыга Пермяков Евгений Петрович киирии тылынан арыйда. Кини бу сонун тэрээһини биһириирин, Хатас үүнэригэр-сайдарыгар олохсуйан олорор дьоннор кылааттара кырата суоҕун бэлиэтээтэ. Оскуола оҕолоро нууччалыы, сахалыы Өрөгөй ырыатынан муҥурдаммакка, Хатас Өрөгөйүн ырыатын ыллаабыттара тута сүргэбитин көтөхтө. 4 түһүмэххэ аттаран ыытыллыахтаах соруктары сэрэбиэйдээн, талларан, ханнык улуус кэнниттэн ким уочаратынан буоларын быһааран, дьэ, сыанаҕа бииртэн биир кэлэктииптэр бэйэни билиһиннэрдилэр, ырыаҕа, үҥкүүгэ уонна Хатас туһунан биктэриинэҕэ быыстала суох кыттан истилэр. Саамай үчүгэйэ диэн, бэстибээл ис хаамыытын туруга бу куоталаһыы буолбакка, улуустарын туһунан билиһиннэрии, Хатас сиригэр сөбүлээн олохсуйбуттарын, өссө да бу нэһилиэк устуоруйатын билиэхтэрин, нэһилиэк сайдарыгар ким төһө кыалларынан көмөлөһүөхтэрин баҕаларын уус-уран самодеятельность нөҥүө төһө кыалларынан көрдөрдүлэр. Аҕыйах бириэмэҕэ талааннарынан, толкуйдарынан билиһиннэрдилэр. Дьэ, норуот талаана манна сытар. Хас биирдии улуус көрдөрүүтэ дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна. Ньурба ылбаҕай ырыаһыта Игорь Егоров, Сунтаар күөрэгэйэ Людмила Спиридонова, Үөһээ Бүлүү төлөннөөх патриота Юрий Гольдеров кэлэн, ырыа бэлэхтээн эбии киэргэтэн, дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланнылар. Бу улахан бырааһынньык доҕордоһуу оһуохайынан түмүктэннэ.
«Тускул» сынньанар киин үлэһиттэрэ нэһилиэк сайдыыта, олоҕо култуура үлэтиттэн тутулуктааҕын билэн, бу курдук сонун, санааны көтөҕөр, сырдыкка-кэрэҕэ сирдиир бырайыактары толкуйдаан эрдэхтэрэ.
Агафья ФЕДОРОВА (Алааппыйа)
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…