Хатаска мас-рестлиҥҥэ Дьокуускай чөмпүйэнээтэ ыытыллыаҕа
Тохсунньу 25 күнүгэр Хатаска «Көмүс мас» мас-рестлиҥҥэ күрэхтэһии ыытыллыаҕа. Бу күрэхтэһии Дьокуускай аһаҕас чөмпүйэнээтин быһыытынан буолуоҕа. Турнир түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтигэр кыттарга киин куорат сүүмэрдэммит хамаандатын талыахтара диэн СИА иһитиннэрэр.
«Көмүс мас» турнир күүстээх кыттааччылардаах састааптаах буолар. Манна 60, 65, 70, 75, 80, 90, 105, 125 киилэ уонна 125 киилэттэн үөһээ ыйааһыннаах эр дьон, 50, 55, 60, 65, 75, 85 уонна 85 киилэттэн үөһээ ыйааһыннаах дьахталлар, итиэннэ 65, 75, 85, 95 уонна 95 киилэттэн үөһээ ыйааһыннаах бэтэрээннэр күрэхтэһиэхтэрэ.
Спортсменнар ыйааһыннарыгар икки киилэ арыттаах буолаллара көҥүллэнэр. Итиэннэ тэрийээччилэр быйылгыттан уларытыылары киллэрдилэр. Ол курдук, күрэхтэһиигэ 2023 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри Дьокуускайга пропискаламмыт эрэ дьон кыттыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: