Хатаска сааскы маҥнайгы күнүгэр Ырыа ыһыаҕа ыһылынна
Ырыа, оҕо саас, дьол, сааскы сандал кэм… Бу көрдөххө атын атын эйгэни кэпсиир быстах тыллар курдук. Ол эрээри, курдук эрэ. Бу тыллар быстыспат, ыкса сибээстээхтэр, биир хонуулаахтар.
Ол курдук, 28 сыл анараа өттүгэр СӨ Култууратын үтүөлээх үлэһитэ, олох оргуйар үөһүн ытыһын иһигэр сылдьар Идея Михайловна диэн таптал ааттаныар диэри саҥаттан-саҥаны, сонунтан-сонуну, сибиэһэйтэн-сибиэһэйи олоххо киллэттэрбит, бэйэтин тула бииртэн биир “кини дуо?” диэн сөҕө-махтайа ахтыллар күүстээх хамаанданы хомуйбут Людмила Михайловна Чепалова дириэктэрдээх “Тускул” КК үрдүк сыанатыгар Хатас нэһилиэгин оҕолоро ыллаан чуопчаарбыттара.
Тэрээһин саҕаланаат даҕаны, таба тайаныллыбыта сонно тута биллибитэ. Бэрт аҕыйах сылынан бу күрэх күүтүүлээх-кэтэһиилээх, эрэл кыымын саҕар, ырыа ыллыгынан киэҥ аартыкка таһаарар, айар-тутар суол куйаарыгар көтүтэр туона буолбута. Манна ырыа барахсан кэрэ эйгэтин арыйар ааптардар, ыллыырга үөрэтээччилэр, ыллыы үөрэнээччилэр, дорҕоонунан доҕуһуоллааччылар, ырыаны нуотаҕа түһэрээччилэр, фонограмма оҥорооччулар, ырыаны, ырыа толорооччуну сыаналааччылар биир дьиэ-кэргэн курдук ырыа тула мусталлар. Эрдэттэн бэлэмнэнэллэр, хаһааналлар, ууруналлар, хамсаналлар, биир тылынан эттэххэ төгүрүк сыл ырыа, ырыа, ырыа… Бу күрэх, бэл, диэтэр аан дойдуну атыйах маһыныы ытыйбыт бу кэнники кэккэ сылларга даҕаны бэйэтин суолун-ииһин, ис хоһоонун сүтэрбэтэҕэ, куйаар нөҥүө кэтэхтэн диэн ыытылла турбута. Ол кыһалҕаттан ылыныллыбыт ньыма 2023, 2024 сылларга дьиҥ-чахчы сыанаҕа тахсан , бу тутан туран ыллаан-туойан, долгуйан тахсыы (очно) быдан баһыйбыта үөрдэр. Араас биричиинэнэн билигин даҕаны кэтэхтэн кыттааччылар гынан баран кэлэн кыттыан баҕалаах ахсаана быдан баһыйар.
Аны ырыа уобараһа толору арылларыгар көстүүм оруола кырата суох, дэлэҕэ даҕаны улуу нуучча норуотун өһүн хоһооно этэринэн “таҥаскынан көрсөллөр, өйгүнэн атаараллар” диэн өйдөбүл баар буолуо дуо… Инньэ гынан, бу тэрээһин тус ырыанан дьарыктанааччылары таһынан таҥас тигээччилэри, иистэнньэҥнэри таһаарбыта диэтэххэ омун даҕаны, сымыйа даҕаны буолбат. Ону “Ыллыыр оҕо саас” кыттааччылара чуолкайдык билэллэр.
Хатаспытыгар бу күрэххэ көстүүм тигэн ааттарын ааттаппыттар ортолоругар Наталья Чабыева, Варвара Илларионова, Нина Софронова, Нюргуяна Халиулина, Феодосия Новикова, Елена Константинова бааллар. Аны бу халыҥ хамаандаҕа төрөппүттэри, эбэлэри, эһэлэри, бииргэ үөрэнээччилэри, учууталлары, баспытааталлары уо.д.а. эбэн кэбис!
“Ыллыыр оҕо саас” бу сыллар тухары уонунан тыһыынча оҕону түмтэ, түмүө даҕаны турдаҕа. Бу тэрээһинтэн саҕалаан олохторун суолун ырыаны кытта холбообут үтүөкэн исписэлиистэр, эдэр дьон иитиллэн таҕыстылар. Холобур, 1997 сыллаахха долгуйууттан төгүрүк хараҕа өссө төгүрүйбүт, ийэтин Наталья Николаевна илиитин күүскэ тутан, сиэттиһэн киирбит “Тускул” КК тутаах киһибит, 2022 сыл түмүгүнэн “СӨ бастыҥ култуура үлэһитэ” анал аат хаһаайката, “СӨ култууратын туйгуна”, “Хатас күөрэгэйэ”, “Ыллыыр оҕо саас” кылаан , “Саҥа ырыа” кыттыылааҕа, күн бүгүн ырыа диэтэххэ Татьяна Григорьевна Окорокова, Татьяна Окорокова диэтэххэ ырыа диэн быстыспат өйдөбүлгэ сылдьар, исписэлиис быһыытынан аатын киэҥ эйгэҕэ таһааран эрэр киһибит, эбэтэр сахабыт сирин араас таһымнаах ырыа эйгэтигэр дорҕоонноохтук ааттанар, сыаналанар күөн көрсүһүүлэр, күрэхтэр кыайыылаахтара, ырыа туһа диэн алын сүһүөх кылааска үөрэнэр сылларыттан бэйэтэ оптуобуһунан айаннаан, күнүн-дьылын дьаарыстанан-сааһыланан улахан киһи курдук дьоһуннук сылдьыбыт Айыллаана Семенова-Никифорова, күн бүгүн анал үөрэхтээх эдэр исписэлиис. Кини “Ыллыыр оҕо саас” 2024 бастакы хараҥаччыларын аҕалтаан, уһуйааччыларын “Сырдык сүүрээн” ырыа студиятын салайааччыларын Екатерина Борисовна, Алексей Васильевич Егоровтар үөртэ.
Бу күрэххэ сылдьыбыт, кыайбыт-хоппут, ситиһииттэн ситимнэнэн, кыайыыттан кынаттанан оҕолор ырыаттан ураты да эйгэҕэ бэрт ситиһиилээхтик, хорутуулаахтык үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьаллар. Ол буоллаҕа бу тэрээһин биир сүрүн сыала — оҕо олоххо дьоһуннук, эрэллээхтик хардыылаан, кимтэн да, туох да итэҕэһэ суох сананан сылдьаллара.
Тэрээһиммит быйылгы сылга Саха сиригэр “Оҕо сыла” биллэриллибитинэн, суолтата өссө төгүл улаатта, олус диэн тоҕоостооҕун, олох быстыбат ситимин тута сылдьарын чаҕылхайдык дакаастаата. Ол курдук, сандал саас маҥнайгы күнүгэр “Тускул” КК сарсыарда аҕыс чаастан оҕо-аймах чуораанны чугдаарар саҥатынан туолла. Эһэлэр, эбэлэр, ийэлэр, аҕалар, салайааччылар күн талбыт араас тиэхиньикэтин айаннаан кэлэн таҥнан-симэнэн, сценаҕа тахсан бэлэмнэммитинэн бардылар. Күн-дьыл да туруга, чаҕыл күн уота ыллааҥ даа диэбиттии күлэ-үөрэ эҕэрдэлиир курдук. Тускуллар улахан, киэҥ таһымнаах күрэхтэри ыыта үөрүйэх буоланнар этэргэ дылы барыта чуолкай, орун оннугар, дьоһун. Бу күрэх биир саамай биһирэнэр уратыта ыллыыр сайаапканы эрдэ биэрэр буоланнар ким хастаах кэнсиэргэ кэлэн ыллыыра эрдэттэн биллэр, онон ыллыахтарын иинигэр эрэ кэлэн ыксыбакка, анньыспакка, тириппэккэ-хоруппакка кэлэн ыллаан бараллар. Инньэ оччо оҕо кытынна, бачча оҕо кытынна диэтэххэ ханна баалларый ол оҕолор диэччилэр бааллар. Бу элбэх тиритииттэн-хорутууттан, мурун хаана тохтууутуттан, уопуттан кэлбит ньыма олоххо киирбитэ үлэлииргэ-хамсыырга, айарга-тутарга төһүү күүс буолара саарбаҕа суох. Манна кэлэктиип барыта чаһы курдук чуолкайдык үлэлииригэр координатор Татьяна Григорьевна Окорокова уонна салайааччыбыт Валентин Азотович Чепалов оруоллара улахан. Күрэххэ бэлэмнэнии кумааҕытыгар, уруучукатыгар, кнопкатыгар тиийэ ымпыктаан-чымпыктаан буолар, ону таһынан кэлбит дьон астара-үөллэрэ, уулара-хаардара, хаартыскаҕа түһэр анал баннерга тиийэ буолар. Күрэхпит өссө биир уратыта уонна биһирэнэр өрүтэ аныгы технологиялары туһанан быһа эфир ыытыллар буолан ырыа ыһыаҕа бүтүн өрөспүүбүлүкэни хабар диэтэхпитинэ омун буолбат. Быһа эфир кэннэ архыыпка киирэн ууруллар.
Ханнык баҕарар күрэх, күөн көрсүһүү таһымын көрдөрөр биир суол дьүүллүүр сүбэ састааба буолар. Бу чааһыгар “Ыллыыр оҕо саас” этэргэ дылы тутахсыйбатах күрэх. Түгэнинэн туһанан манна биһиэхэ кэлэн тулуурдаах-дьулуурдаах, дьоһун дьоммутугар улахан махталбытын этэбит. Кинилэр кимнээхтэрий? Бастатан туран, күрэхпит күн сирин көрүөҕүттэн чугас доҕоро, сүбэһит-амаһыппыт, биир санаалаахпыт СӨ култууратын туйгуна, СӨ үөрэхтээһиҥҥэ министиэристибэтин иһинэн үлэлиир оҕолору уонна улахан дьону үөрэхтэһиҥҥэ экспертэ, Хатастааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын фортепианоҕа уһуйааччыта Кычкина Мария Ивановна, СӨ култууратын туйгуна, СӨ оҕо ускуустубаларын оскуолаларын хормейстердарын методическай холбоһук салайааччыта, Дьокуускай куорат 1 нүөмэрдээх оҕо ускуустубатын “Күргүөмүнэн ырыа” отделениетын сэбиэдиссэйэ Попова Надежда Егоровна, СӨ анал үөрэхтээһинин туйгуна, “Сольнай ырыаҕа” норуоттар икки ардыларынааҕы, Арассыыйа таһымнаах күрэхтэр кыайыылаахтара, С.Ф. Гоголев аатынан Дьокуускайлааҕы педагогическай колледж вокалга уһуйааччыта Борисова Лилия Феоровна, СӨ култууратын туйгуна, “Кедр” култуура дьиэтин хормейстера Татьяна Владимировна Бомбина үлэлээтилэр.
Быйылгы сылга Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Чурапчы, Хаҥалас, Горнай, Таатта, Уус-Алдан, Өймөкөөн, Бүлүү, Кэбээйи, Булуҥ,Сунтаар,Ньурба, Усуйаана улуустарыттан, «GX studio” оҕо сайдар кииниттэн, “НотаДо» айар дьоҕур сайдар устуудьуйата, «Сырдык суурээн» оҕону эстраднай вокалга иитии-үөрэтии образцовай устуудьуйата, Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дьиэтин, «Голос» вокал устуудьуйата кытыннылар, барыта аҕыс сүүсчэкэ кытынна. Быйылгы дьүүллүүр сүбэ бэлиэтииринэн солистар элбээбиттэр уонна ыллыыр оҕо сааһа улааппыт, а.э. ырыанан дьарыкка болҕомто улааппыт, күргүөмүнэн ырыа арыычча аҕыйааһына бэлэмнииргэ, бэлэмнэнэргэ уустуктара буолуон сөп диэн сабаҕалыахха сөп – карантиннар, хааччахтааһын уо.д.а. Дьүүллүүр сүбэ күн бүгүн түмүк таһаарыытын түбүгэр олорор.
Наталья Руфова, Хатас.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: