Хатаска «Суоппардар ыллыыллар» тэрээһин бэрт сэргэхтик ааста
Саха барахсан былыр былыргыттан оҕуһугар олордо да ырыаһыт диэн мээнэҕэ этиллибэтин бары бэркэ билэбит. Кырдьыга даҕаны, оннук.
Оччоттон баччаларга диэри «иэдэйдибит-буорайдыбыт, уурайдыбыт» диэччилэр суох буоланнар, кырыа кыһын кыһарҕанын, өҥүрүк куйаас сыралҕанын, сааскы курдаттыы үрэр тыал чысхаанын, күһүҥҥү сиппэрэҥ силбигин-сиигин тулуйан, сыккырыыр тыыммыт эрэ буолбакка, туһааннаах түгэннэргэ өрөйөн-чөрөйөн, наадалаах кэмнэргэ аатыран-сураҕыран сайдар суолу тобулан олордохпут.
СӨ үтүөлээх суруналыыһа Милан Афанасьев уот харахха эппитинии, ырыа ыардары кэрэнэн кыайарга олус үчүгэй ньыма. Ол ханнык баҕарар ырыа уус-уран оҥоһуулааҕыттан, ураты туспа уйулҕалааҕыттан буолар. Билиҥҥи олох сахата оҕус оннугар массыынаҕа олордо да ырыаһыт. Афанасий Гуринов-Арчылан “Дойдубар айан” диэн ырыа буолбут хоһоонугар олус үчүгэйдик эппитинии, бэл массыына кытта ыллаһар: «Ыраах баар бэйэҕин көрөрдүү Ыллыыр дии массыынам дуугунуу…».
Бу күннэргэ “Тускул” Култуура киинигэр “Суоппардар ыллыыллар” диэн тэрээһин буолан ааста. Манна ордук көхтөөх кыттыыны урут “Хатас” сопхуоска үлэлээбит-хамсаабыт, күн бүгүн даҕаны туппут илиилэрин араарбакка суоппардыы сылдьар дьон түмсэн ыллаатылар-туойдулар, оонньоон да ыллылар, кэпсэтии-сэһэргэһии, инникини былааннааһын да баар буолла. Мустубучча төрүт оонньуулары оонньоотулар: кылынан оҥоһуллубут куобаҕы кыл мээчиктэринэн бултастылар, хамаанданан хайдан Руслан Кондратьев аҕалбыт “Тоһоҕо саайыыта” оонньуутугар оҕолуу омуннаахтык, күүрүүлээхтик сүүрдүлэр-көттүлэр.
Эҕэрдэ быһыытынан ырыа айааччы, айар-тутар суол өркөнүн тута сыльар Николай Андросов ырыатыгар уйдаран, үҥкүүлээн да ыллылар. “Тускул” КК режиссера Ичээнэ Быйаҥнаах ырыатын астына-дуоһуйа иһиттилэр. Ырыа-тойук СӨ норуодунай артыыһа, СӨ култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ Алексей Кириллович Калининскай-Луҥха доҕуһуолунан буолбута тэрээһин таһымын үрдэттэ. Петр Никифоров А.Варламова уостан түспэтэх “Аҕам алааһын” ис иһиттэн астына-дуоһуйа ыллаан бары даҕаны хайдах эрэ сэксэс гына түстүлэр. Сергей Уваровскай А.Пахмутова “Надежда” ыллыырыгар ырыа хас биирдии тылыгар сөпсөһөн, сөбүлэһэн истиҥ эйгэни үөскэттэ. Бу түгэҥҥэ тыл күүһэ киһиэхэ дьайара олус бэркэ көһүннэ. Онтон аксакал суоппардартан биирдэстэрэ, ытыктанар-убаастанар Илья Иннокентьевич Петров ис дууһата чарааһын, ырааһын, таптыыр, таптатар диэни билбитин Валерий Ободзинскай аар саарга аатырдыбыт “Восточная песня” диэн айымньыны, этэргэ дылы, ылла даҕаны ыллаан кэбиһэн сөхтөрдө. Илья Иннокентьевич үлэҕэ убаастабыллаах, тиэхиньикэҕэ ураты харыстабыллаах сыһыанынан уостан уоска баран кэпсээҥҥэ сылдьар дьикти кэрэ киһи. Дэлэҕэ даҕаны, 1987 сыллаахха илиитигэр туппут водовозката күн бүгүн 21 үйэ сүүрбэһис сылларын аһаран 2024 сылга диэри сүүрэ сылдьыа дуо. Николай Сивцев Уус Алдан улууһун Найахытыттан Хатаска күтүөт буолан кэлбитэ быданнаатар даҕаны, төрөөбүт төрүт сирин туһунан сүрэҕэ илдьэ сылдьар ырыатын – Найахы туһунан ырыаны бэлэхтээтэ. Василий Соловьев Валерий Ноев “Кыракый кыысчааным” ырыатын ыллыырыгар хараҕа сиэн кыргыттара, кыыһа көстөрө өтө биллэр. Ол курдук истиҥник, сылаастык, сымнаҕастык, сэбэрэлиин сырдаан туран ыллаата. Руслан Кондратьев куруутун “илдьэ сылдьар”, сөбүлүүр, астынар ырыатын, нуучча эстрадатын биир номоххо сылдьар, күн бүгүн даҕаны тоҕооһун сүтэрэ илик “Малиновый звон” диэн ырыаны дэлэччи-хоточчу, дууһа кылын таарыйардыы толордо, “браво” диэн хаһыыны ылыан ылла.
Түмүктүүр ырыаны отут сыл водовозтаан “Вода Коля” диэн ааты иҥэриммит Николай Попов толоруутугар С.Петрова “Айан ырыата” бэрт сэргэхтик, сибиэһэйдик иһилиннэ. Ырыаны-тойугу 3 киһилээх дьүүллүүр сүбэ көрдө-иһиттэ.
Дьэ, бу түгэҥҥэ ботуччу бирииһи туруорбут Хатаһы Хатас дэппит үлэһит үтүөтэ, киһи киэнэ кэрэмэһэ, саха саарыннара суоппардары ахтан-санаан ааһыаҕыҥ. Капитонов Афанасий Иванович — үлэһит диэн баар буоллаҕына, дойдуга бэриниилээх диэн баар буоллаҕына, оннук дьоннортон биирдэстэрэ кини этэ. Дэлэҕэ даҕаны үлэ туһугар ис сүрэҕиттэн кыһанан-мүһэнэн үүт туттарар массыынаҕа үлэлиирин саҕана араас биричиинэнэн хойутааһын тахсаары гыннаҕына, туттарыахтаах сиригэр баран иһэн хонуу сибэккилэрин үргээн кэрэчээн букеттаах тиийиэ дуо?! Хайа уонна онно тылын ууһун, ырыатын-тойугун эбэн кэбис… Афанасий Иванович дэлэччи-хоточчу, олус кыраһыабай тембрдаах, хойуу, эттээх куолаһынан ыллыырын иһиттэххэ тулалыыр эйгэ кэрэтийэрэ, үлэлиэххэ-хамсыахха, айыахха-тутуохха баҕа санаа үөскүүрэ. Элбэх оҕолоох дьиэ-кэргэн аҕа баһылыга үлэҕэ сыһыанынан, олоххо тардыһыытынан холобур буолар түгэннэрэ элбэхтэрэ. Майгытын биир саамай үтүө өрүтэ кини үлэни-хамнаһы ыар таһаҕас оҥостубакка барытын кэмиттэн кэмигэр, бириэмэтигэр, миэстэтигэр оҥоро, бүтэрэ-оһоро охсон кини туһуттан бытаарыы дуу, хаалыы дуу тахсыбат буолара. Кини ыраах да, чугас да айаҥҥа биир тэҥ эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан массыыната мэлдьи хайа да түгэҥҥэ бэлэм буоларын ахтан кэпсиир дьон элбэх. Бу көстүү дьиэтигэр даҕаны, үлэтигэр даҕаны баара. Аны кэргэнигэр Матрена Яковлевнаҕа ураты уйаҕас, уйан, истиҥ-иһирэх этэ. Афанасий Иванович кэргэнинээн күн сирин 6 оҕолоро бары дьоһун, олохторун суолун оҥкулун таба тайанан бары араас эйгэҕэ аат ааттатардыы үтүө суобастаахтык үэлиир-хамсыыр дьон буолаллар. “Суоппардар ыллыыллар» тэрээһин буоларын истээт даҕаны, спонсор буоларга сөбүлэммиттэрэ биһигини тэрийэр дьону сүргэбитин көтөхпүтэ. Афанасий Иванович аатынан анал бирииһи Руслан Кондратьев тутан үөрдэ-көттө.
Дьяконов Николай Николаевич – көлө арааһын оҕустан, аттан саҕалаан барытын көлүйбүт, ыыппыт кини буолар. Кини сүрдээх уһун тыыннаах, сылайары, сындааһыны уйар, тулуурдаах-дьулуурдаах, ылсыбытын ыһыктыбат, туппутун мүлчү туппат, сахаҕа уҥуоҕунан-иҥиэҕинэн, көрүҥүнэн астык толору көрүҥнээх киһи киэнэ кэрэмэһэ этэ. Мин санаабар олоҥхоһуттарбыт, уус-уран тылбыт маастардара былыр былыргыттан кини курдук дьону ойуулаан, хоһуйан, кини курдук дьонтон иэйиилэрэ киирэн ону тыл тамаҕар киллэрэн кыра соҕустук омуннаан, тэптэрэн биэрэргэ эбэн-сабан инникини түстүүр айымньылары таһаардахтара буолуо… Николай Николаевич ыраах айан суоппара буолан, таһаҕас таһар кэмигэр төрөөбүт-үөскээбит сахабыт сиригэр тыраасса суола олус да эрэйдээх, моһоллордоох, мэһэйдээх, эрэйдээх этэ диэн элбэх киһи билинэр, кэпсиир буолаллара. Оччолорго тиэхиньикэ даҕаны уһун сылаалаах айаҥҥа сылдьар дьон үлэлиир усулуобуйаларын чэпчэтэрэ суох этэ – сытан сынньанар, ас буһарынар уо.д.а. атын усулуобуйалар суохтара. Билиҥҥи айанньыт уолаттар, онно холоотоххо, усулуобуйалара лаппа тубустаҕа – тиэхиньикэ даҕаны, суол даҕаны хаачыстабатыгар. Николай Николаевич төрөппүт оҕолоро уонна кинилэр сыдьааннара эмиэ бэйэтин курдук үлэни-үөрэҕи кыайа-хото туппут, олох оргуйар уоҕун туһаммыт, ситимнээх ситиһиилэрдээх дьон буолаллар. Николай Николаевич аатынан бирииһи кини төрөппүт уолун илиититтэн Попов Николай Семенович тутта.
Баишев Анатолий Михайлович – тиэхиньикэҕэ дэгиттэр дьоҕурдаах массыына араас маркатыгар бу миэнэ диэн сүрдээх дьоһуннук сыһыаннаһан ыраах да айаҥҥа, таһаҕас таһыытыгар, эбэтэр салайааччылары таһар, илдьэр-аҕалар үлэҕэ (манна кэтэһии – манаһыы, наадалаах түгэҥҥэ баар буолуу, оччолорго төлөпүөнүнэн сибээс мөлтөх, биир кумааҕы туһугар, биир илии баттааһын туһугар хастыыта даҕаны тиэстии), аны кэлин суоппар идэлээх дьон биир саамай эппиэтинэстээх, билиилээх-көрүүлээх, сатабыллаах категориятын ылан, оптуобуска үлэлээн, Сахабыт сирин талааннаах оҕолорун сайыннарар-үүннэрэр Үрдүкү муусука оскуолатыгар бэркэ табыллан үлэлээбитэ. Оҕолору таһарыгар Хатас орто оскуолатыгар автодело диэн уруогу ыыппыт сыллара көмөлөспүтэ чуолкай, ол курдук оҕолорго сыһыана, оҕолор быһыыларын-майгыларын бэркэ диэн билэр буолан үөрэ-көтө үлэлээбитэ. Анатолий Михайлович кэргэнинээн Ирина Илларионовналыын бэйэлэрин тус холобурдарынан үлэһит үтүөтэ оҕолору иитэн-үөрэтэн таһаарбыттара. Кини аатынан бирииһи Уваровскай Сергей Егорович долгуйа тутта.
Бу убаастанар дьоммут уонна кинилэри кытта биир кэмҥэ, биир кэккэҕэ үтүктүспүт курдук үтүөкэн суоппардарбыт ааттарын-суолларын, кинилэр олорбут олохторун кэлэр көлүөнэ ыччат билэрин туһугар үйэтитии туһугар үлэлиэххэ-хамсыахха, ыччакка тиэрдиэххэ диэн сүрдээх кэскиллээх этиини Кондратьев Руслан Николаевич этиитин мустубут дьон сүргэ көтөҕүллэ ылыннылар уонна салгыы үлэлэһэргэ бэлэмнэрин биллэрдилэр. Бу киэһэ бу үс улахан бирииһи туруорбут дьоннорбут сыдьааннарыттан Дьяконов Николай Николаевич төрөппүт уола Дьяконов Николай Николаевич кэргэнинээн Анна Николаевналыын кэлэн, бу тэрээһини саҕаланыаҕыттан түмүктэниэҕэр диэри ыытыспыттара наһаа махталлаах суол. Тэрээһиммит туһунан салгыы кэпсэтии дьон-сэргэ сэргээһинэ тахсыбытыттан биири билиһиннэрэр буоллахха маннык:
“Дьэ бу мин олох аҕа табаарыстарым, мин төрөөбүт дьиэм икки өттүгэр ыаллыы олорбуттара. Бу дьоннору көрөн, кинилэр массыыналарыгар эбиэттии кэллэхтэринэ, хатаастан оонньообут аҕай кэмнэрбин күндүтүк саныыбын. Ону кинилэр билэр буолуохтаахтар. Тоҕо диэтэххэ, уоспунан бирилэтэн урууллары түннүктэри сил бөҕө онордоҕум… Уонна тахсан барарым, массыына кабинатын сыта үчүгэй да буолара. Ити 1967-70 сыллардаахха буолуо. Онтон Баишев. А.М. учууталым массыына хайдах туруктааҕын, хайдах туохтан үлэлиирин, массыына ыытарга бастакы хардыыларбын чочуйбут киһи. Бэрткэ киһи төбөтүгэр киирэр гына үөрэтээччи”, — диэн Осипов Яков Яковлевич сылаастык аҕынна.
Саха дьоно барахсаттар көхсүттэн көнтөстөөх күн айыы дьоно, арҕаһыттан тэһииннээх аһыныгас аймахтар буоларбытын бу да сырыыга биллибит. Ол курдук, бары уопсай сүбэнэн эйэлээх олох туһугар туруулаһа сылдьар уолан уолаттарбыт дьиэ-кэргэттэригэр көмө буоларга кинилэр оҕолругар туһуламмыт аахсыйаҕа кыттан үп-харчы хомуйар буоллулар.
Түмүкпэр суоппардар түмсүүлэрэ бу тэрээһини ыытарыгар көмө-тирэх буолбут Елена Константиновна Николаеваҕа, Руслан Николаевич Кондратьевка, Попов Николай Семеновичка барҕа махталбытын тиэрдэбит. Эһиилги үбүлүөйдээх сыл тэрээһиннэригэр түмсэн-сомоҕолоһон Хатаспытын ааттатарга күүс-тирэх буолар түгэннэрдээх буолуохпут диэн бигэ эрэллээх тарҕастыбыт.
Наталья РУФОВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: