Хатаска уонна Чурапчыга успуорт комплекстара аһылыннылар

Share

Бүгүн, кулун тутар 12 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Хатас уонна Чурапчы нэһилиэктэригэр икки успуорт комплекстарын аһыллыытыгар кытынна.

Икки эбийиэк Саха сирин инвестиционнай бырагырааматын эрэгийиэннэҕи бүддьүөтүн үбүн-харчытын суотугар, дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутулунна.

«Алта сыл анараа өттүгэр дойду Бэрэсидьиэнэ хас биирдии киһи олоҕун таһымын үрдэтэргэ улахан сорук туруорбута уонна бүгүн биһиги  бу сүҥкэн үлэ дьиҥнээх түмүктэрин көрөбүт», — диэтэ Айсен Николаев.

2022 сыллаахха А.К. Софронов аатынан успуорт комплексын тутуутун Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтата, успуорт уопсастыбаннаһа уонна олохтоох дьон көҕүлээбиттэрэ. Култуурунай-успуорт комплексын дьиэтэ 1,6 тыһыынчаттан тахса квадратнай миэтэрэ иэннээх.

«Биһиги көҕүлээһиммит өйөммүтэ уонна көмө оҥоһуллубута олус үчүгэй. Аны Чурапчы улууһун нэһилиэнньэтин 70-ча %-на успуордунан дьарыктаныаҕа», – диэн Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо Виктор Дьяконов санаатын үллэһиннэ.

Маны таһынан Хатас сэлиэнньэтигэр 400 миэстэлээх, ону тэҥэ боксанан уонна тренажерынан дьарыктанарга икки кыра саалалар, аһаҕас стадион аһылыннылар.

Хаартыска: СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

«Саҥа успуорт уораҕайыгар успуорт 7 көрүҥүнэн 830 оҕону, Хатас сэлиэнньэтин эрэ буолбакка, куорат таһынааҕы Табаҕа уонна Пригороднай сэлиэнньэлэрин хабар былааннаахпыт. Улахан дьон эмиэ доруобуйаларын чэбдигирдиинэн дьарыктаныахтара. Хатаска волейбол сайдар киинэ быһыытынан  чөлүгэр түһэрэргэ былаанныыбыт. Итиэннэ, биллэн турар, тыа дьонугар саҥа эбийиэк аһыллыаҕыттан эбии үлэ миэстэтэ тахсыаҕа», — диэн Хатас сэлиэнньэтин ДЮСШ дириэктэрэ  Евгений Гоголев иһитиннэрдэ.

Санатан эттэххэ, дойду Бэрэсидьиэнээ Владимир Путин 2024 сылга дойду нэһилиэнньэтин 55 %- тан итэҕэһэ суох успуордунан утумнаах дьарыктанарыгар улахан соругу туруорбута.

«Маассабай успуорду, оҕо эрдэҕиттэн физическэй култуураны сайыннарыахха, аҕам саастаах дьон ортолоругар успуорка интэриэһи өйүөххэ уонна тустаах инфраструктураны тэрийиэххэ наада», — диэбитэ Владимир Путин.

Биэс сыл устатыгар, 2019 сылтан 2024 сылга диэри, «Демография» национальнай бырайыагынан Саха сиригэр 10-тан итэҕэһэ суох успуорт эбийиктэрин үлэҕэ киллэрэр былааннаахпыт, онтон 6-та номнуо тутулунна.

Кэнники биэс сылга араас бырагыраамаларынан, «Демография» национальнай бырайыагы киллэрэн туран, Саха сиригэр барыта 32 улахан успуорт  эбийиэгэ аһылынна. Саха сиригэр  физическэй култууранан уонна успуордунан утумнаахтык дьарыктанар дьон өлүүлэрэ 1,7 төгүл элбээтэ, бу 2023 сылга нэһилиэнньэ уопсай ахсаанын 55 %-на буолар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

37 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

«Поколение биZнес» өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиадаҕа 45 үөрэнээччи кытынна

Бу үөрэнээччилэр урбаан олимпиадатыгар кыттан, 150 оҕоттон уустук сүүмэрдээһини аастылар. Олимпиадаҕа Абый, Амма, Анаабыр, Булуҥ,…

2 часа ago