“Хатастыыналар” айымньылаах аартыктара
Сомоҕолоһуу, түмсүү сүдү күүс буолар. Түмсүүлээх дьон-сэргэ — дьиэ-кэргэн, кэлэктиип, түмсүү быһыытынан хас биирдиилэрэ ураты туспа тыыннаахтар, эйгэлээхтэр. Син эмиэ киһи курдук өрөгөйдүүр, өрөйөр-чөрөйөр эбэтэр чуумпуран ылар кэмнээхтэр.
Соҕотох киһи сорсуйан хаалыан сөп эбит буоллаҕына, түмсүү күүһэ, уратыта көмө-тирэх, өйөбүл буоларыгар сытар. Хатаска 2009 сыллаахха олунньуга Горохова Анфиса Афанасьевна дьүөгэтиниин Аргунова Варвара Устиновналыын хас да сыл иитиэхтээбит санааларын олоххо киллэрбиттэрэ. Хатастааҕы бибилэтиэкэ салайааччытын Громова Сахаайа Владимировнаны кытта кэпсэтэн, биллэрии таһааран, дьоҥҥо төлөпүөннээн, сорохторун көрсөн кэпсэтэн, илдьит ыытан бастакы мунньахтарыгар уонтан тахса буолан көрсүбүттэр. Манна иистэниэн, оҥоруон-тутуон, чөл-чэгиэн сылдьыан баҕалаахтар, этэргэ дылы «илиилэрэ кыһыйа сылдьар» дьон түмсэ түһэллэр.
Чөл-чэгиэн диэн бэйэтин кыанар, спортсмен эрэ диэн санаатахха тутах. Чөл-чэгиэн диэн өйдүүн-санаалыын, олорор олоҕун тутулугунуун куруутун инники күөҥҥэ сылдьар, тулалыыр эйгэҕэ баар бары хамсааһыҥҥа көхтөөх киһи ааттанар. Чэгиэн турук сааһыттан тутулуга суох. Этэргэ дылы эдэриттэ, кырдьаҕаһыттан тутулуга суох хайа да киһиэхэ олус наадалаах. Бу түмсүү саамай киһи болҕомтотун тардар уратытынан кинилэр «Сатаабаппар атыттартан үөрэнэбин, сатыырбын атыттарга үөрэтэбин» диэн девизтэрэ буолбута. Инньэ гынан бу түмсүү сонно тута оҕуруонан оҥоһуктары тиһиигэ, төрүт иис кистэлэҥнэрин арыйыыга, сэгэтиигэ, эти-хааны чөл турукка киллэриигэ үлэлэспитинэн барбыттара. Арассыыйа норуотун маастара Козлова Дарья Семеновна кыбытыктаах тигиигэ, Антонова Наталья Григорьевна йогаҕа, Генерова Светлана Иннокентьевна оҕуруонан оҥоһуктары оҥорорго, Оконешникова Зинаида Николаевна хомуска, Клавдия Иванова туос оҥоһуктарга дьарыктаан барбыттара.
15 сыл диэн устуоруйа хардыытыгар көрдөххө, эттэххэ кыра оҕо сааһа. Онтон дьону-сэргэни кытта үлэҕэ сыһыаран санаатахха, буолаары буолан өй-санаа сааһыланыытын, дириҥ толкуйу, кытаанах санааны, сүрэх-бэлэс ирдэнэр, тулууру-дьулууру эрэйэр буккуурдаах-тэккиирдээх, үрдэ суох үгүс түбүктээх, бириэмэ сырсыылаах кэмигэр, үрүҥ-хара быһаарыллан оҥкулун булбут диэн сыаналаныан сөп.
“Хатастыына” түмсүү “Тускул” КК биир киэн туттар, тиһигин быспакка үлэлиир кэлэктиибэ буолар. Түмсүү далбардара «Тускулга» буолар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар. 15 сылларыгар быыстапкалыырга бэлэмнэнэн күүскэ үлэлээтилэр, саҥа сонун үлэлэр таҕыстылар. Үбүлүөйдээх быыстапкаҕа саха санаабыта барыта баар буолла. Оҕуруоттан эгэлгэ элбэх оҥоһуктар, киэргэллэр, төрүт иискэ дьоһун үлэлэр, маслянай, гуашь, акварель кыраасканан уруһуйдаммыт хартыыналар, баатанан бэйэлэрэ оҥорбут саҥа дьыллааҕы харыйа оонньуурдара, баайыы киэргэллэр, таҥастар, чараас, халыҥ соннор уо.д.а. бааллар. Түмсүү үс иистэнньэҥэ – Иванова Вера Ильинична, Пестрякова Надежда Ильинична, Лазарева Октябрина Афанасьевна нэһилиэк норуотун маастара үрдүк ааты ыллылар. Маалтааны маанылара, Илья Степанович, Анна Иннокентьевна сыдьааннара Вера Ильинична, Анна Ильинична, Надежда Ильинична, Татьяна Ивановна. Саамай улахан эдьиийдэрэ Вера Ильинична Ийэ тыл, Ийэ өй икки ини-бии сүдү күүстэрин дууһатыгар, сүрэҕэр иҥэрбит, тыл кэрэтин, истиҥин, иһирэҕин ибир-сибир ситимнээн хомоҕой хоһоон, кэрэ кэпсээн нөҥүө иис-күүс эйгэтигэр киллэрэн харах хайҕала, сүрэх үөрүүтэ оҥоһуктары оҥорон таһаарар. Ол курдук 2020 сыллаахха өр сылларга мунньубут хоһооннорун мунньан хомуурунньугун таһаарбыт хорсун киһибитинэн буолар. Кинигэҕэ СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ үтүөлээх суруналыыһа Н.Е.Егорова — Намылы сүрдээх үчүгэй ырытыылаах киирии тылы суруйбута. Онно «Сайаана олоҕу таптыыр, киһи дьылҕата бэйэтин илиитигэр баарын итэҕэтэр» диэн уот харахха этэн турардаах. Ильиничналар бу киэһээ кэлбит эдьиийдэртэн балыстартан уратылара саха төрүт дьарыгынан – иис-күүс нөҥүө күннээҕини үйэлээҕи кытта ситимнээн, көлүөнэлэри кытта сибээһи тутуулара буолар. Бу да киэһээ саҥа оҥоһуктардаахтар, кэһии гынан кэлбит сонуннаахтар. Вера Ильинична ийэлээх аҕатын олоҕун кэпсиир панно тигэн аҕалбыт. Бу паннону болҕойон көрдөххө дьиэ-кэргэн олоҕун хартыыната көстөн кэлэр. Манна кини айылҕаҕа тапталын, үлэҕэ-хамнаска сыһыанын, эппиэтинэһин, олоххо тулуурун-дьулуурун кэпсиир. Анна Ильинична үлэлэрэ Сахабыт сирин дорҕоонноохтук ааттатар улахан таһымнаах, киэҥ киэлилээх быыстапкаларга кыттыбыттарын бу иннинээҕи суруйууларга хаста да кэпсээн турабыт. Надежда Ильинична бу кэккэ сылларга сыал-сорук оҥостон сахалыы сону сылын аайы толору симээн, ситэри сиэдэрэйдээн элбэх тэрээһиннэргэ кыттар. Өбүгэлэрбит барахсаттар кэһии гынан хаалларбыт иистэрин эйгэтэ ис хоһооно баайын, дириҥин сөҕө-махтайа кэпсиир. Быйыл ийэтэ барахсан кичэйэн туран саһыл тыстарын сирийэн тикпитин булан ылан үтүлүгүн киэргэппитин, онон ийэм илиитин сылааһын илдьэ сылдьар курдукпун диэн этэр. Аны туран онтуката төһө да бу уонунан сылларга ампаарга сытталлар, ханан да элэйэн, эргэрэн көрбөтөхтөр. Дьэ санаан кэбиһиҥ, кырдьыктыы ийэ киһи илиитин сылааһа иҥмит оҥоһуга, көлүөнэ ситимин быстыбат ситиитэ! Онтон Татьяна Ивановна эдьиийдэригэр сыстан, хардарыта көмөлөсүһэн сылдьара эмиэ кэрэхсэбиллээх. Наһаа үчүгэйдик баайарын «Хатастыына» кулууп тэриллиэҕиттэн билэбит. Махталын-тапталын биллэрэргэ бу дьоҕурун туһанан, оҥоһуктарын бэлэх-туһах туттарбар олус көмелөөхтөр диэн үөрэ-көтө сэһэргиир. Вера Ильинична норуот маастарын Пелагея Слепцова нэмиэтинэн сарыы бэрчээккэ тикпитэ Санкт-Петербург куоракка ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы “Үрүҥ түүннэр дорҕоонноро уонна кырааскалара” диэн бэстибээл-куонкуруска лауреат үрдүк аатын ылбыта. Надежда Ильинична сахалыы сон нэмиэтин ылан бэргэһэлээн, үтүлүктээн, өттүк киэргэллээн «Норуот маастардарын күннэригэр» сэлэлии хаамыыга астына-дуоһуйа хаампыта хас да сыл буолла. Бу көстүү төһөлөөх сыраттан кэлэрин этэргэ дылы, Надежда уонна кини чугас дьоно эрэ билэн эрдэхтэрэ. Лазарева Октябрина Афанасьевна туһунан кэпсиир буоллахха кини бу түмсүү саамай маҥнайгы чилиэннэриттэн биирдэстэрэ. Өр сыл сүрэҕэр-дууһатыгар иитиэхтии сылдьыбыт баҕа санаатын хайдах саҕалыыбын дии саныы сырыттаҕына, баҕалаахтар кэлиҥ диэн ыҥырыы тиийэн кэлбит. Ис иһиттэн хайдах эрэ иһиллии сылдьардыы уу чуумпу, налыы-намыын туруктаах, нарын-намчы, кэрэ сэбэрэлээх Октябрина Афанасьевна кэлэригэр чуолкай ылыммыт былааннаах, барыллардаах этэ. Сүрдээх болҕомтолоох, кыраҕы харахтаах, бэйэтэ туспа көрүүлээх буолан дьоһун үлэлэри оҥордо. Кинини атыттартан уратыта наһаа ымпыктаан-чымпыктаан, киистэтинэн кыраасканы хас биирдии ууруутугар тиийэ толкуйдаан үлэлиир диэн бэлиэтииллэр. Бэрт сотору бэйэтин толкуйдаабыт хартыыналарын уруһуйдаан барбыта. Уруһуйу таһынан баайыынан, тигиинэн дьарыктанар, “Хатастыына” түмсүүгэ сылдьар дьүөгэлэрин уруһуйга уһуйар. 2023 сыллаахха тус быыстапкатын туруорбута.
Быыстапкаҕа саҥа, сонун үрдүк таһымҥа оҥоһуллубут үлэлэр бааллара көрбүт дьону барыларын үөртэ-көтүттэ. Анна Романовна Кривошапкина икки хос кыбытыктаах паннота, Маарыйалыы быысапкалаах үлэлэрэ, Доланова Дарья Михайловна хотугулуу эйгэлээх ис-иһиттэн сырдык тыыннаах киэргэллэрэ, баайыылара, Захарова Валентина Николаевна дьиэ-уот ис бараанын киэргэтиигэ, сырдатыыга араас ньымалары туттан тикпит, баайбыт оҥоһуктара хараҕы сымнаттылар. Дэгиттэр талааннаах Керегяева Мотрена Никитична хартыыналара, илин кэбиһэрэ, бастыҥата уо.д.а. барыта сүүстэн тахса үлэ көрдөрүлүннэ.
“Хатастыыналар” маны таһынан илиилэрин сылааһын иҥэрбит, сатабылларын, маастарыстыбаларын көрдөрөр киэргэллэри, суумкалары, сэлээппэлэри, былаачыйалары кэтэннэр хаамыыларын көрбүт эрэ барыта хайҕаата, хараҕын сымнатта, сүрэҕин өрүкүттэ.
Суруйуубун Сайнаара Куо хоһоонунан түмүктүүбүн.
Мин бүгүн дьоллоохпун бу сиргэ төрөөбүт буоламмын,
Киэҥ – халыҥ уруулаахпын, тостубат, самныбат күүстээхпин,
Дьон – аймах үтүө санаалара эрэли үөскэтэр сүрэхпэр….
Наталья Руфова,
Хатас.
Хаартыскалар Н.Руфова тиксэриилэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: