Хаттаанай чороонноро былдьаһыкка сылдьаллар

Share

Үөһээ Бүлүү Тамалакаа­ныттан төрүттээх Михаил Егоров сүүрбэччэ саастааҕыттан тутууга үлэлээбит буолан, Дьокуускайынан, Горнайынан, Ньурбанан уонна Үөһээ Бүлүүнэн, быһа холуйан, 100-тэн тахса олорор дьиэни туппут урбаанньыт. Соторутааҕыта билбитим, Хаттаанай чороону идэтийэн оҥорор эбит.

Бүгүҥҥү кэпсэтиибит үрүҥ тунах ыһыахтары көрсө, чо­­роон туһунан буолла.

ЧОРООН ОҤОҺУУТУГАР – ОСКУОЛА КУРУҺУОГУТТАН

– Михаил Дмитриевич, эн бэйэҕин өрүү Хат­таанайбын диэн билиһиннэрэҕин. Бу аатыҥ суолтата тугуй?

– Хаттаанай хос аат буолбатах – таптал аат. Мин эрэ буолуо дуо, тыа сиригэр киһи үксэ таптал ааттаах. Миигин ийэм ааттаабыт аата. Сахалар, төһө да нууччалыы ааттаах буолларбыт, хайаан да сахалыы аат­таах дьоммут.

– Чороон оҥорорго хаһааҥҥыттан ылсыбыккыный?

–Тамалакаан аҕыс кылаастаах оскуолатыгар биология учуутала Святослав Иванов уолаттарга уус куруһуогун ыытар этэ. Онно сэттис кы­­лааска сылдьан, ордук “ууту­йан” дьарыктаммытым. Ол үөрэхпин бырахпакка, кыралаан уһана сылдьыбытым. Оскуолабын бүтэрэн баран, биир дойдулааҕым Григорий Анисимовтан бэйэтэ оҥорбут “токарнай” тэрилин уларсан, чороон чочуйарга холоммутум. Санаабар, оҥоһугум сатаммыт курдуга. 1996 сыллаах­ха Үөһээ Бүлүүтээҕи СПТУ-га “Национальнай уус-­уран оҥоһук маастара” диэн тыа сиригэр олус туһалаах үөрэххэ киирэн үөрэммитим. Маастар Бурхалей Талыбыев олус интэриэһинэйдик үөрэппитэ. Анал үөрэх буолан, чороону оҥоруу араас мындырыгар барытыгар уһуйуллубутум. Онно чо­­роон оһуорун уратытын үчүгэйдик билбитим. Кыралаан атыыга, бэлэххэ оҥорор буолбутум. Онтон тутууга аралдьы­йан, чороон оҥоһуутун тохтотон ылбытым.

ЧОРООННООХ ЭР ДЬОН ОРТОТУГАР

– Онтон тутуу кэннэ хайдах чороонноргор төнүннүҥ?

– Тутуунан дьарыктаныам иннинэ бииргэ үөрэммит уолум Максим Селясинов Горнай улууһугар баар Мохначевскай аатынан музыкальнай мастарыскыайга үлэлии ыҥырбытыгар, үөрүүнэн сөбүлэһэн, чо­­роону сувенирга анаан оҥорорго санаммытым. Онтон куоракка көһөн, тутууга барбытым. Ол эрээри санаам өрүү чо­­рооҥҥо буолан, 2007 сыллаахха дойдубар көһөн кэлэн, тутуум быыһыгар чороон оҥорор этим. Ким да улаханнык сэҥээрбэтин иһин, тохтоппутум. Ол да буоллар, санаам батарбакка, өрүү чороон оҥоруутун интэриэһиргиирим. 2022 сыллаахха Сунтаар улууһуттан норуот маастара Иннокентий Иванов оҥорбут чорооннорун көрөн баран, “үөрэт” диэн көрдөспүтүм. Киһим Үөһээ Бүлүүгэ бэйэтинэн кэлэн үөрэппитэ. Онтон ыла чороонтон арахса иликпин. Өрөспүүбүлүкэ төрүттэммитэ 100 сылыгар үбүлүөйдээх ыһыахха ыҥырыллан, 100 эр киһи чороон тутуурдаах хаамыыга кыттыбытым.

ТҮМСҮҮ ТЭРИНИИ

– Чороон оҥорооччулар бэйэҕит түмсүүлээххит дуо?

– Муус устар 7 күнүгэр «Арчы» дьиэтигэр Дьокуускай куорат култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын тэрийиитинэн «Кымыс иһиитин сиэрэ-туома» өрөспүүбүлүкэтээҕи сэминээр буолбута. Онно «Симэх» норуот ускуустубатын уонна уус-уран оҥоһуктарын национальнай киинин уус-уран оҥоһуктарын отделын салайааччыта Дмитрий Осипов «Кымыс иһиттэрин араастара» тиэмэҕэ бэрт кэрэхсэбиллээх иһитиннэ­риини оҥорбута. Өрөспүүбүлүкэ идэтийбит чороон оҥорооччулара: Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн кэллиэ­һин үлэһитэ Василий Лопатин үөрэнээччитэ Дмитрий Протопоповтуун, Дьокуускай куораттан «Чороону сөргүтэр уонна чинчийэр» уопсастыбаннай кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ (салайааччы С.Т. Попова), Марха олохтооҕо Василий Данилов, Емельян Ярославскай аатынан саха түмэлин реставратора Василий Протопопов, Үөһээ Бүлүүттэн мин куту-сүрү көтөҕөр үрүҥ илгэ чорооннорун кымыс иһиитигэр туттуллар малы-салы быыстапкаҕа дьон көрүүтүгэр туруорбуппут. Ол тэрээһиҥҥэ Дмитрий Осипов көҕүлээн, Чороон оҥорооччулар сойуустарын тэрийбиппит. Бэйэбит бөлөхтөөхпүт. Киһи үөрүөҕэ, сойууспутугар ыччат киириитэ үксээтэ. Онон эдэрдэргэ сүбэ-ама биэрэбин. Сүрүн сорукпут – түмэллэргэ хараллан турар чорооннорунан холобурдаан, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ баран иһэрин курдук өбүгэ үгэһин үйэтитии.

ӨБҮГЭ ЧОРООНО – ЭДЭР ЫАЛГА БЭЛЭХ

– Чороон оҥорооччулар бэйэҕит түмсүүлэнэн, үлэҕит биллэ тэтимирдэҕэ дии?

– 2022 сыллаахха Саха сирин уустарын күнүн чэрчитинэн ыытыллыбыт быыс­тапкаҕа чороонньуттары кытта ыкса билсэн, сыана­лаах уопут атастаһан, элбэҕи биллибит-көрдүбүт. Бүлүү улууһун дархан ууһа Байбал Тимофеев сүбэтинэн, илии­нэн оҥорон холонон, уолум Алексей таптыыр кыыһы­наан Уйгулааналыын ыал буолар дьоро киэһэлэригэр 18-с үйэ саҕанааҕы 79 см үрдүктээх то­­йон-айах бастакы чорооммун оҥорон бэлэхтээбитим. Эдэр ыал чорооннорун чочуйарбар Сунтаар Түбэйиттэн төрүттээх уус оһуорун туттубутум. Билигин Василий Протопопов-Сиэн Уус өрөспүүбүлүкэтээҕи Емельян Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл реставратора сүбэлээн, өбүгэ саҕанааҕы чорооннору оҥоробун. Онон билиибин хаҥатарга үлэлэһэр уопуттаах маастарга, түгэнинэн туһанан, истиҥ махталбын тиэрдэбин.

ИЛИИНЭН ОҤОҺУЛЛАР ЧОРООННОР

– Хаттаанай, эн бу күннэргэ Өймөкөөҥҥө буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар чороон арааһын оҥоро сылдьаргын истибитим. Бу туһунан кэпсиириҥ буоллар.

– Өймөкөөннөр ыһыахтарыгар айах, кэриэн, энньэ, то­­йон-айах чорооннору сакаастаа­быттара. Бу кээмэйдэринэн араас көрүҥнээх оҥоһуктар: айах уонна кэ­­риэн – 45-55 см, энньэ – 20 см, тойон-айах – 60 см буолаллар. Биирдиилээн илиинэн үлэ буолан, сойууһум уустарын, норуот маастара, ХИФУ преподавателэ Мичил Бурцевтыын уонна Хатас олохтооҕо Андрей Малышевтыын үллэстэн оҥоробут.

– Сииктээх маһы туттарыҥ буолуо? Хантан матырыйаалгын булаҕыный?

– Инчэҕэй хатыҥ маһы Уус Алдан улууһуттан, Хаҥалас Покровскайыттан, Үөһээ Бүлүү Туобуйатыттан сакаастаан аҕалтарабын. Туостаах сыттаҕына, мас биир сыл иһигэр хатан хаалар. Онон сиикэйдии оҥорон баран, анал бы­­раабыланан куурдабын. Илиинэн оҥорор буолан, үлэлээх.

… Ити курдук, Хаттаанай сарсыарда эрдэ тураат, мастарыскыайыгар чороонноругар тиэтэйэр. Быйыл саас Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт научнай кэмпириэнсийэҕэ оҥоһуктарын илдьэн билиһиннэрбитэ, быыстапкалаабыта. Онон Хаттаанай чороонноро аны Олоҥхо ыһыахтарын сүрүн киэргэллэринэн буоллулар. Алта сыллааҕыта “Былдьаһыкка сылдьар Хаттаанай” диэн ыстатыйабар төбөлөөбүтүм курдук, Хаттаанай билигин да былдьаһыкка сылдьар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мировой сууттар үлэлэригэр уларыйыылар киириэхтэрэ

Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улуус хамыыһыйата социальнай эбийиэккэ тутуу үлэтин хаамыытын дьүүллэстэ

Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ сэттискэ үөрэнэр оҕоттон харчы кыһайан ылбыт

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

2 часа ago