Хатылыга гааһы киллэрдилэр

Share

Алтынньы 10 күнүгэр Петербурдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы гаас пуорумун былаһааккатыгар Арассыыйа эрэгийиэннэригэр гааһы үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыыттылар. Саха сиригэр Чурапчы оройуонун Хатылы сэлиэнньэтигэр элбэх оҕолоох Геннадий уонна Марина Кривошапкиннар дьиэлэригэр гаас киирдэ.

Атырдьах ыйыгар Хатылыга 13,1 км уһуннаах бөһүөлэк иһинээҕи гаас ситимин үһүс түһүмэҕин тутуу түмүктэммитэ.
«Сэлиэнньэҕэ 160 тахса ыал холбонор кыахтаммыта.Олохтоохтор ыра санаалара дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин биллэрбит догазификация бырагырааматынан , «Газпром» уонна «Сахатранснефтегаз» хампаанньалар үлэлэрин түмүгэр ситиһилиннэ»,— диэтэ Саха сирин баһылыга Айсен Николаев.

Гааһы ыытыы сиэригэр-туомугар Саха сирин премьер-миниистирэ Кирилл Бычков кытынна.

«Хатылыга 700 тахса киһи олорор. Ол эрээри соторутааҕыга диэри гааска холбонор кыахтара суоҕа. Ол эрээри РФ Бэрэсидьиэнин догазификация бырагырааматынан кыалынна. Бүгүн олохтоохтор гаас киирэн, үөрүүлэрэ муҥура суох»,— диэн бэлиэтээтэ Кирилл Бычков.

Сэттэ оҕолоох ыал аҕата Геннадий Кривошапкин эмиэ үөрүүтүн үллэһиннэ. Бу ыалга учаастагын кыраныыссатыгар диэри гааһы босхо тардыбыттара.
» Биһиги 2014 сыллаахха саҥа дьиэ туттубуппут. Соторутааҕыта өрөспүүбүлүкэттэн социальнай субсидия көмөтүнэн гааска холбоммуппут. Аһылыкпытын эмиэ гааска астыыбыт. Дойду , өрөспүүбүлүкэ, оройуон, сэлиэнньэ салалталарыгар уонна гаас үлэһиттэригэр махтанабыт», — диэтэ Геннадий Кривошапкин.

Бу тэрээһин 2021-2025 сылларга Арассыыйа Федерациятын субъектарын гаастааһын уонна гааһынан хааччыйыыны сайыннарыы бырагыраамаларын толоруу чэрчитинэн ыытылынна.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

8 часов ago