Салгыы
Хатыҥ Арыыга түргэнник ситэр салаанан дьарыктаналлар

Хатыҥ Арыыга түргэнник ситэр салаанан дьарыктаналлар

11.11.2022, 12:00
Бөлөххө киир:

Киин куораттан чугас сытар, гаастаах, суоллаах-иистээх Нам улууһун Хатыҥ Арыы нэһилиэгин дьонун-сэргэтин ахсаана сыл аайы эбиллэн, билигин 3 тыһыынчаттан тахса киһи олорор.

Сергей Дьяконов  – Хатыҥ Арыыга төрөөбүт, улааппыт олохтоох ки­һи. Төрөппүттэрэ ку­руук сүөһүлээх, кэтэх хаһаа­йыс­тыбалаах буоланнар, билигин кинилэр дьарыктарын салгыы, сайыннара сылдьар.
Сүрүн үлэтэ – Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр кырдьаҕастарга, кыамматтарга көмөлөһөр социальнай үлэһит. «Агростартап» граныгар киирис диэн сүбэлээннэр, онно кыайан, былырыыҥҥыттан ыла ИП тэринэн, түргэнник ситэр салаанан дьарыктанар. Граны сүрүннээн перепелканы (хонуу куруппааскытын тыһыта) иитии бырайыагынан көмүскээбит.
Бу бырагырааманан 1,5 мөлүйүөнү ылан, олорор дьиэтин уһаайбатыгар быраҕыллан турбут гарааһын сөргүтэн, көтөр дьиэтин туттубут. Дьэ, манна киирэн көрүө этигит: куурусса, кус-хаас, перепелка, индюк араас боруодатын. Кини этэринэн, перепелкаларын сыл аайы элбэтиэхтээх, хас да боруоданан байытыахтаах.
Билигин хаһаайыстыбатыгар 100-тэн тахса перепелка, 100-чэ куурусса, 70-ча кус баар. Кинилэри кыстатан, кыһыннары-сайыннары көрөр. Биһиги сылдьарбытыгар хаһаайын саҥа тутуллубут эбийиэгэр гаас тардылларын кэтэһэ-манаһа сылдьара. Кырдьыга да, кыстыкка киирдибит. Көтөр-сүүрэр тымныы дьиэ­ҕэ кыстыыра, төрүүрэ-ууһуура күчүмэҕэй буолуох курдук.


Урут кууруссаларбытын хотоҥҥо ынахтарбытын кытары бииргэ тутарбыт. Онон, көтөр-сүүрэр арааһын иитэр туспа улахан, киэҥ-куоҥ дьиэлэниэхпин аһара баҕарар этим. Онтон бу Граны ылан, кинилэргэ дьиэлэннибит да, аны гааспыт холбоммокко, кыһалҕаны үөскэппэтэр диэн долгуйабыт. Тымныы буолан, көтөрдөрбүт сымыыттаабакка тураллар. Итиинэн кыратык эрэ сылытабыт. Кустарбыт кыралаан ыалдьан өлөллөр, хаастар тымныыны син тулуйумтуолар”, – диэн хаһаайын баар кыһалҕатын үллэһиннэ.
Сергей Дьяконов көтөрдөр бары кыһамньылаах көрүүнү-истиини, ураты аһылыгы ирдииллэрин туһунан кэпсиир. Кууруссалар сымыыттарын Дьокуускайтан сакаастыыллар (оттон кинилэр соҕуруу куораттартан ылаллар) уонна инкубаторга үөскэтэллэр.
“Бары араастык аһыыллар, хас биирдии көрүҥҥэ атын-­атын уотурбаны сиэтэбит. Күҥҥэ иккитэ аһатабыт. Аһылыктара булкаас аһылык (комбикорм) уонна уу. Намҥа биирдэ эмэ ол аһылыкпыт олох суох буолан хаалар, оччоҕо ону көрдөөн, улууһу биир гына тилийэ көтөбүт. Ыксаан сибиинньэ да гиэнин үлүннэрэн биэрэ сатыыбыт. Араас буолар. Ол иһин, Дьокуускайтан дьонунан көрдөһөн ыллаттара, эрдэттэн хааччына сатыыбыт.
Индюктар аһылыктара эмиэ туспа. Нам улууһугар оннук булкаас аһылык суох. Онон сүрүннээн бары биир аһылыгынан аһыы сылдьаллар. Перепелкалар аһылыктара сыаната ыараханын ааһан, ардыгар улууспут киинигэр суох буолан хаалар. Онон, куоракка киирэн көрдүүргэ күһэллэбит”, – диэн кэпсиир.


Хаһаайын түргэнник ситэр салаатыттан барыс киллэ­риэн наада. Холобур, перепелкаларын сымыытын маҕаһыыннарга туттарар. Кустар сымыыттара эмиэ сиэниллэр эбиттэр, саас-са­­йын бэйэлэрэ баттаан таһаараллар, күһүн хайыы үйэ бэйэлэрин саҕа буолаллар. Кустарын ортотугар көмө кустар (мончуук буолар) эмиэ бааллар. Саас сорохторун кусчуттарга атыылыыр, былдьаһыгынан ылаллар, сорохтор матан хаалан аны эрдэттэн сакаастыыр буолбуттар. Кустара сайын аһыыр сирдэриттэн ырааппакка, тиэргэннэригэр сылдьаллар, көттөхтөрүнэ да, дьиэлэрин эрги­йэн баран төттөрү тиэргэннэрин булаллар. Сүрүнэ, астара баар буолуон наада.
Хаһаайын үлэлээн истэҕин аайы, былаана, баҕа санаата элбиирэ өйдөнөр. Ол курдук, инникитин түргэнник ситэр са­­лаатын өссө кэҥэтэн, уулаах-­хаардаах, күөллээх туспа сайылыктаах киһи диэн баҕалаах. Оччотугар көтөр-сүүрэр арааһын илэ харахтарынан көрө уонна түргэнник ситэр салаанан дьарыктаныы туһалааҕын билэ-көрө дьон-сэргэ кэлиэ этэ диэн ыра санаалаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: