Салгыы
Хатырык биир киэн туттуута – уон оҕолоох Кутуковтар

Хатырык биир киэн туттуута – уон оҕолоох Кутуковтар

17.02.2024, 08:30
Хаартыска: Кутукутовтар архыыптарыттан
Бөлөххө киир:

Нам улууһун Хатырык сэлиэнньэтигэр суруналыыстар десаннарыгар тиийэн, элбэх оҕолоох ыаллары билиһиннэрэллэригэр  көрдөспүппэр,  Кутуковтар диэн уон оҕолоох ыалга  сирдээтилэр.

Саха норуотун уһулуччулаах уола, судаарыстыбаннай уонна бартыыйынай диэйэтэл Максим Аммосов төрөөбүт-үөскээбит Хатырык  нэһилиэгэ – Нам улууһун биир сайдыылаах уонна өрөспүүбүлүкэ болҕомтотун киинигэр сылдьар  сэлиэн­ньэ. Киин уулуссаҕа киирэппитин кытары “Эн наадыйар ыалыҥ дьиэтэ ол турар” диэн ыраахтан ыйан көрдөрдүлэр. М.К.Аммосов аатынан судаарыс­тыбаннай мусуой турар  уулуссатыгар олорор Кутуковтарым  икки мэндиэмэн­нээх дьиэлэрэ ­ыраахтан ыҥыра-угуйа көһүннэ.

Дьиэҕэ киирбиппит, үксүгэр элбэх оҕолоох ыалга буоларын курдук, оҕолор мэниктээн сырсыаккалаһа сылдьалларын да көрбөтүбүт, элбэх саҥаны-иҥэни да истибэтибит. Уу-чуумпу…  Онтон улахан саалаттан ыал аҕа баһылыга Владимир Владимирович тахсан кэлэн эҕэрдэлэстэ  уонна тута итии чэйдээх  остуолга ааһарбытыгар көрдөстө.

Сып-сырдык, кип-киэҥ дьиэҕэ киирэн өйдөөн көрбүппүт, оҕолор бары үөһээ этээскэ  бааллар эбит. Ким туох дьарык­тааҕынан уу-чуумпутук дьарыктана олороллор. Биһигини көрөн, бары сэмэй бэйэлээхтик эйэргэстилэр.

Кутуковтар дьиэлэрин иккис этээһигэр оҕолор хосторугар киирэр киэҥ хоско ус­­пуорт тэриллэрэ бэйэлэрин миэстэлэрин булбуттар. Онон манна оҕолор сынньалаҥнарын кэмигэр тренажер да тэ­­биэхтэрин сөп, былчыҥнарын сайыннарар эрчиллиилэри оҥоруохтарын сөп.

Оҕолор ситиһиилэрин кэрэһэлиир грамоталар, дипломнар биир эркиҥҥэ  ыйам­­мыттар, өссө да кэлиэхтээх наҕараадалары көрдөрөргө элбэх миэстэ хаалбыт. Итини эмиэ оҕолору көҕүлүүр ньыма курдук ылыныахха сөп.

Хаартыска: Андрей Сорокин (СИА)
Оскуола саҕаттан эйэргэһэн

Ириналаах Владимир бэйэлэрэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ улааппыттар. Владимир 7 оҕолоох ыалга –  иккис уол,  Ирина эмиэ – 5 оҕолоох ыал биир мааны кыыһа.  Билигин Ирина 38 саастаах, Владимир 41 саастаах, бэ­­йэлэрэ уон оҕо дьоһун-мааны  ийэтэ-аҕата буолан олороллор.

Кинилэр иккиэн  Хатырыкка төрөөн-үөскээн, биир оскуолаҕа үөрэммиттэр. Оскуолаҕа сылдьан бэйэ-бэйэлэрин  диэки килбиктик көрсүүттэн, аҕыйах тылынан истиҥник кэпсэтииттэн саҕалаан, чугас сыһыаннара сыыйа-баайа тапталга кубулуйбут.

Оскуолаларын  бүтэрэн баран, 2001 сыллаахха ыал буо­­ларга быһаарыммыттар. Владимир Хатырык киин хочуолунайыгар операторынан үлэтин саҕалаабыт. Бу  сыл бастакы оҕолоро Станислав  бэбээрбитинэн тиийэн кэлбит. Ити кэмтэн ыла, бииртэн биир кырачаан күн сирин көрбүт. Төрөппүттэр: “Биһиги хаһан да бачча оҕолонуохпут диэн былаан­наабат  этибит. Айыыһыппыт төһөнү биэрэринэн сирдэтэн, уон оҕоҕо (8 уол, 2 кыыс)  орто дойду олоҕун бэлэхтээбит дьоллоохпут”, – диэн сэмэйдик этэллэр.

Билигин Кутуковтар улаханнара Станислав 23 саас­таах, былырыын ахсынньыга аармыйаҕа сулууспалаан кэлбитэ. Улахан уол уонна ВладиславМ.К.Аммосов аатынан ХИФУ устудьуоннара, Мирослав  Т.Г.Десят­кин аатынан Дьокуускайдааҕы техникумҥа үөрэнэр.  Дима, Василий, Тимур, Камилла – М.К.Аммосов аатынан Хатырык орто  оскуолатын үөрэнээччилэрэ. Быйыл кыыстара Владимира бастакы кылааска киирдэ. Онтон саамай кыралара Ярослав уонна Артем – “Кэрэчээнэ” уһуйаан иитиллээччилэрэ. Манна даҕатан эттэххэ, икки уол иккис үрдүк үөрэҕин баһылыыр.  Улахан уолтан уратылара үөрэнэр кыһаларын уопсай дьиэтигэр  олороллор, оттон улаханнара Дьокуускай куоракка төрөппүттэрэ ылбыт дьиэлэригэр баар. Онон элбэх оҕо­лоох ыал наадаларыгар куоракка киирдэхтэринэ, бэйэлэрэ бас билэр дьиэлэригэр кэлэллэриттэн олус үөрэллэр. Бу таас дьиэ­ни Кутуковтар 2019 сыллаахха 5-тэн элбэх оҕолоох ыал дьиэ туттарыгар эбэтэр атыылаһарыгар бэриллэр биир кэлим төлөбүр көмөтүнэн  ылбыттар.

Үлэнэн  иитэллэр

Кутуковтар, саха ыалын үгэһинэн, оҕолорун үлэнэн иитэллэр. Дьиэ-ис тас үлэтигэр бэйэ-бэйэҕэ сэлээннэһии, куотунуу суох, ким туох­ха эппиэтинэстээҕинэн үллэстэн толороллор. Урут кэтэх хаһаа­йыстыбалана сылдьыбыттар. Сайын аайы аймахтарыгар көмөлөһөн оттууллар. Уолаттар ким хотуур, ким кыраабыл тутуурдаах күргүөмүнэн оттоһо бараллар. Дьиэ кэргэнинэн түмсэ түстүлэр да балыктыыллар, сир астыыллар, оҕолорун айылҕаҕа сыһыараллар.

Хатырыкка уһуйаантан саҕалаан, оҕо эт-хаан өттүнэн  сайдарыгар элбэх үлэни ыыталлар. Биһиги сылдьар кэммитигэр “Кэрэчээнэ” уһуйааҥҥа “Дыгын оонньуулара-2015” кыайыылааҕа Алексей Кутуков чиэһигэр “Дыгын оонньууларын” тэрийбиттрэ. Кутуковтар уолаттара эмиэ тустуунан дьарыктаммыттар, билигин 2 уол тустар.  Биир уол саахыматынан, дуобатынан дьарыктанар.

Кутуковтар дьиэ кэргэн сэлиэнньэлэрин  уонна улуус­тарын уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кытталлар, улахан убаастабылынан туһаналлар.

Хаартыска: Кутукутовтар архыыптарыттан
Судаарыстыба көмөтүнэн

Кутуковтар Саха сиригэр элбэх оҕолоох ыалга көрүллэр көмөнү, өйөбүлү барытын туһаммыттар уонна дойду бэрэсидьиэнигэр Владимир Путиҥҥа, Ил Дархан Айсен Николаевка, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар махталларын этэллэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2012 сылтан 5 уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллар олорор дьиэ тутталларыгар эбэтэр атыылаһалларыгар биир кэлим социальнай төлөбүр оҥоһуллар.  Ити өйөбүлүнэн туһанан, Кутуковтар Дьокуускай куоракка таас дьиэни ылбыттар. Уон уонна онтон элбэх оҕо­лоох ыалга көрүллэр өйөбүлүнэн Хатырыкка дьиэ кэргэн хапытаалынан ылбыт учаастактарыгар былырыын 2 мэндиэмэннээх дьиэни туттубуттар. Эмиэ ити бырагырааманан 7 миэстэлээх «Тойота Вокси»  массыына атыыласпыттар.

Дьиэлэрин тутталларыгар  “Улуу Строй” тутуу хампаанньатын кытары дуогабардаһан, хампаанньа бырайыагын оҥорбут, акылаатын түһэрбит. Кинилэр матырыйаалларынан салгыы Нам олохтоох тутааччы уолаттарыгар туттарбыттар. Дьиэлэрэ “сылаас муос­таттан” саҕалаан, аныгы технологиянан тутуллубут.

Тиэргэннэригэр эргэ дьиэ­лэр хаалбыттарын сатабыл­лаах хаһаайын гараас оҥостубут. Мантан инньэ тиэргэннэрин ыраастаан, ситэрэн-хоторон, тэпилииссэ туттар баҕа­лаахтар. Хортуоппуйдарын буолата эмиэ өлгөм үүнүүнү биэрэн, бэйэ аһа минньигэһин билэллэр.

Бүгүн ыалдьыттаабыт ыалым элбэх оҕо­лоох дьиэ кэрргэн тыа сиригэр олороро табыгастааҕын туһунан этэллэр. Оҕолор да бэйэ-бэйэлэрин көрсө, бүөбэйдэһэ улааталлар. Кыра оҕолору уһуйааҥҥа ос­­куола саастаах убайдара ил­­дьэллэр-аҕалаллар. Онон бэ­­йэ-бэйэҕэ көмөлөһүү, кыраҕа, кыаммакка болҕомтолоох буолуу наадатын билэ, өйдүү улаа­таллар. Ол да иһин, төрөппүттэр элбэх оҕону көрөр олус ыарахана суоҕун, тоҕо диэтэххэ, оҕолор бэйэ-бэйэлэрин көрсөн улааталларын бэлиэ­тииллэр. “Куоракка эбитэ буоллар, баҕар, дьалхааннаах буолуо этэ, оттон манна тыа сиригэр бары харахпыт далыгар сылдьаллар. Оҕолорбут да бэ­­йэбит курдук холкулар”, – диэн күлэ-үөрэ этэллэр.

Оскуолаҕа элбэх оҕону таҥыннарыы, бэл, маска­раадтары тигии ийэ, аҕа киһиттэн элбэх үбү-харчыны уонна бириэмэни эрэйэр. Онуоха Кутуковтар эмиэ балаһыанньаттан тахсаллар. Сорох маскараадтарын ийэлэрэ бэ­­йэлэрэ тигэр, сороҕун аймахтарыттан, улааппыт оҕолортон уларсыһаллар.

Эһээхэй оҕо аатын бэйэтэ талар

Уон оҕоҕо аат иҥэрии судургута суох дьыала. Оҕо аата  инники олоҕор, дьылҕатыгар  сабыдыаллыырын туһунан үгүстүк этэллэр.

Эдэр ыал бастакы оҕолоругар бэйэлэрэ аат биэрбиттэр. Онтон кэлин саҥа кэлбит киһиэхэ бэйэтигэр талларар үгэстэммиттэр. Холобур, хас да сөбүлээбит ааттарын кумааҕыга суруйан баран, эһээхэй оҕо кырачаан тарбахтарынан туппут эбэтэр ыйбыт аатын биэ­­рэллэр.

Суотабай төлөпүөнү устудьуон уонна үөһээ кылаас оҕолоругар улаханнык хааччахтаабаттар. Оттон кыралар киэһэ ийэлээх-аҕалара үлэттэн кэлэллэрин тэһийбэккэ күүтэллэр. Аҕалара киирэн кэллэҕинэ кыра киһи: “Аҕаа, төлөпүөҥҥүн аҕал”, – диэн куолаһа чаҕаара түһэр. “Аҕаларын буолбакка, төлөпүөнү ордук күүтэллэр быһылаах”, – диэн Владимир Иннокентьевич күлэн кэпсиир.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: