Хатырыкка Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа быраастара үлэлээтилэр
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх-Мэдиссиинэ Суһал киинин быраастарын биригээдэтэ ыам ыйын 21-22 күннэригэр Нам улууһун Хатырык сэлиэнньэтигэр сүүстэн тахса киһи доруобуйатын көрдө.
Ол туһунан көһө сылдьан үлэлиир бөлөх салайааччыта, балыыһа кылаабынай бырааһын бастакы солбуйааччы Леонид Слепцов иһитиннэрдэ.
«Биһиги доруобуйаларын бэрэбиэркэлэтэ кэлбит дьоҥҥо барыларыгар сүбэ-ама биэрдибит, ону сэргэ балыыһабыт кэккэ отделениеларыгар киирэр туруктаах дьоҥҥо «от күөх көрүдүөрү» тэрийдибит. Хомойуох иһин, киһи истириэскэ түбэстэҕинэ, ааһан-араҕан биэрбэт ыарыылара сытыырхайар», – диэтэ кини.
Барыта невролог-бырааска – 22, кардиологка — 35, оториноларингологка — 25, функциональнай диагностика бырааһыгар — 40, травматологка 3 киһи көрдөрүннэ.
Ону таһынан 5 киһи суһал кардиология отделениетыгар барар буолла. Биир эмтэнээччи Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа суһал кардиология отделениетыгар эмтэнэ киирдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: