Салгыы
Һөҕүҥ арт эбийиэк инитэ баар буолла

Һөҕүҥ арт эбийиэк инитэ баар буолла

13.02.2023, 17:39
Родион Данилов - Ородьумаан хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах нэһилиэгин Даппарай сэлиэнньэтигэр хаартан Һөҕүҥ дьоҕус арт эбийиэги оҥордулар. Ураты оҥоһук ааптардара — суруйааччы Родион Данилов – Ородьумаан уонна кини уола, тарбаҕар талааннаах Родион.

“Саха буолан төрөөн, төрүт тылбыт сүмэтин, эйэҕэстик этинэн, сахалыы сайаҕастык саҥаран кэпсэтэн сылдьарбыт үчүгэйэ бэрт буоллаҕа. Атын улуустар биһигини, өлүөхүмэлэри нууччалыы-сахалыы тылы булкуйан саҥарарбытынан “билэллэр”. Куйаар ситимигэр суруйсарга күлүү гыныах да курдуктар, холобура, “окошканан посмотрилаа эрэ” диэн өс хоһоон оҥостоллор. Кырдьык, атын улуустарга “Таҥара дьиэтэ” эҥин диэн атын да, сахалыы суруктар көстөллөр. Остолобуойдарыгар сорох астара, сахалыы суруктаахтар: уорат, ис миинэ, күөрчэх, саламаат…

Дьоҕус оҥоһукпутун бэйэбит сэлиэнньэбитигэр Даппарайга, Тарыҥ Үрэххэ бэлэмнээтибит. Сүрүн сыалбыт – ийэ тыл чэлгийэ сайдарыгар дьон болҕомтотун тардыы. Сороҕор, “аҕыйах тыл минньигэс, элбэх тыл сымсах” диэн өс хоһоонугар этиллэринии, үгүһү-элбэҕи этэрдээҕэр, бу курдук биир көстүү тиийимтиэ буолуо дуу, диэн санааттан толкуйдаатыбыт”, — диэн суруйааччы Родион Данилов – Ородьумаан санаатын үллэстэр. Чахчы ураты, сонун көстүү буолбут.

Родион Данилов - Ородьумаан хаартыскаҕа түһэриитэ

Манна даҕатан эттэххэ, Родион Лазаревич маһынан  эдэриттэн уһанар, муус оҥоһуктар куонкурустарыгар сыллата кыттан миэстэлэһэр. Аҕатын туйаҕын хатарар уола Родион ювелир идэлээх, эмиэ тарбаҕар талааннаах. Оскуоланы бүтэрэригэр үөрэммит кыһатыгар бэйэтэ илиинэн оҥоһугун бэлэх ууммутун, кини ураты үлэлэрин “Саха сирэ” хаһыат сырдатан турар.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: