«ҺӨҔҮҤ» быыстапкаҕа Ньурба талааннаах оҕолоро кытталлар
Сэтинньи 1 күнүгэр «Арт-Ситим» галереяҕа «ҺӨҔҮҤ: саха тыла худуоһунньук хараҕынан» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка аһыллыыта буолбута.
Бу быыстапка бэрэсидьиэн гранын Култуурунай көҕүлээһин пуондатын бырагырааматынан тэрилиннэ. Белинскэй уулуссатын 44-с №-дээх дьиэтигэр ыйы быһа туруоҕа.
Быыстапкаҕа саха тылыгар сыһыаннаах хартыыналар, оҥоһуктар турбуттар. Аныгы худуоһунньуктар көрүүлэринэн, олус интэриэһинэй үлэлэр бааллар.
Холобур, Ньурбатааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын уһуйуллааччыларын үс үлэлэрэ көрдөрүүгэ турдулар: Новгородов сахалыы алпаабытын, аныгы саха алпаабытын уонна балыктар сахалыы ааттарын панно, хартыына оҥорбуттарын көрөөччүлэр олус сэргээтилэр.
Оҕолор бэйэлэрин илиилэрин сылааһын иҥэрэн, билиилэри хаҥатан, толкуйдаан, айан-тутан оҥорбуттара кэрэхсэбиллээх. Кинилэр оҥоһуктара быыстапка киэргэтиитэ буолла.
Оҕолор салайааччылара — СӨ култууратын туйгуна, «Үлэ киһитэ» бириэмийэ хаһаайына, 40-ча сыл ыстаастаах Алиса Васильевна Егорова. Кини үлэтин, оҕолорун ис сүрэҕиттэн таптыыр, үлэттэн дьоллонор уһуйааччы. Бэйэтэ ааптарыскай бырагыраамалары толкуйдаан үлэлэтэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: