Балаҕан ыйын 12 күнүттэн Дьокуускай куоракка академик В.П. Ларионов 85 сааһыгар аналлаах аһары тымныы килииммэккэ тимир матырыйааллар төһө тулуйумтуоларын боппуруоһугар ХI Евразийскай симпозиум саҕаланна.
Симпозиуму «Арассыыйа билимин академиятын Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи научнай киинэ» Федеральнай чинчийэр киин, В.П. Ларионов аатынан Хотугу сир физико-тэхэньиичэскэй кыһалҕаларын института, Ньиэп уонна гаас кыһалҕаларын института тэрийдилэр. Научнай тэрээһини «Арассыыйа билимин академиятын Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи научнай киинэ» Федеральнай чинчийэр киин генеральнай дириэктэрэ Михаил Петрович Лебедев аста.
Симпозиум кыттыылаахтарын видео сибээһинэн АНА Сибиирдээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ, академик Валентин Николаевич Пармон, АНА ХС академига Смирнов Леонид Андреевич, АНА ХС бэрэссэдээтэлин сүбэһитэ, ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтин бириэмийэтин лауреата, физико-математическай билим дуоктара Сапожников Геннадий Алексеевич эҕэрдэлээтилэр.
Учуонайдар тыл этэллэригэр уһулуччулаах учуонай, симпозиуму тэрийээччи, идеяны көҕүлээччи академик Владимир Петрович Ларионовы ытыктыылларын биллэрдилэр.
Валентин Пармон бээйтин этиитигэр Владимир Ларионов аата аһары тымныы килииммэккэ тимир матырыйааллар төһө тулуйумтуоларын чинчийии эйгэтин кытары сибээстээх диэтэ. Владимир Петрович энтузиаст быһыытынан маннык ыраах сиргэ ураты эспэримиэннэри оҥорон билим түмүгүн ситиспитэ. Академик Ларионов уонна кини биир идэлээхтэрэ ураты арыйыылара уонна практикаҕа туттуллар сүбэлэрэ тутууга, энэргиэтикэҕэ, тырааныспар салаатыгар туһаныллаллар, өрөспүүбүлүкэҕэ уонна Илин Сибииргэ көмүһү, алмааһы, таас чоҕу, ньиэби хостооһун бырамыысыланнаһын сайыннарыыга туһуламмыт научнай-тэхэньиичэскэй үлэлэргэ олугунан буолбуттара.
Сотору Владимир Петрович биһиги кэккэбититтэн суох буолбута 20 сыла буолар. Бу кэм иһигэр эдэр көлүөнэ чинчийээччилэр үүнэн таҕыстылар, кинилэр иннилэригэр билими салгыы сайыннарыы, саҥа таһымҥа таһаарыы турар.
«Арассыыйа билимин академиятын Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи научнай киинэ» Федеральнай чинчийэр киин генеральнай дириэктэрэ Михаил Лебедев 2002 с. саҕаламмыт симпозиум 21 сыл устата таһыма үрдээн иһэрин эттэ. Итиэннэ матырыйааллар бөҕө, үйэлээх буолууларын хааччыйыыны чинчийии үлэтэ билим уонна оҥорон таһаарыы салааларын икки ардыларыгар хардарыта сибээстээхтик ыытыллыытыгар уонна уустук тэхэньиичэскэй ситимнэри, матырыйааллары туһаныы куттала суох туттуллуутун ситиһиигэ, аһары тымныы килиимэттээх сирдэргэ тимири иһэрдиигэ саҥа матырыйааллары туһаныыга полимернай композиционнай матырыйааллар уо.д.а. туттулларын бэлиэтээтэ.
Симпозиум кыттыылаахтара академик В.П. Ларионовы чиэстээннэр пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…
Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…
2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…