ХИФУ анал үөрэтэр-научнай киинэ 10-11-с кылааска оҕолору ылар
М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет анал үөрэтэр-научнай киинигэр 10-с кылааска оҕолору ыларын, ону таһынан, 11-с кылааска эбии ыларын туһунан иһитиннэрэллэр.
ХИФУ анал үөрэтэр-научнай киинигэр киирэргэ оҕолорго тургутуу (вступительные ипсытания) икки түһүмэҕинэн ааһар: 10-с кылааска киирээччилэр хайысхаларынан (профильнай) икки биридимиэккэ суругунан уонна тылынан эксээмэннэри итиэннэ хайысхаларыттан атын биридимиэккэ сочуот туттараллар, ону таһынан, сэһэргэһиини (собеседование) ааһаллар. Докумуоннары бэс ыйын 16 күнүгэр диэри ылаллар, эксээмэннэр бэс ыйын 19 күнүттэн саҕаланаллар.
ХИФУ анал үөрэтэр-научнай киинин дириэктэрэ Милана Федотова иһитиннэрбитинэн, 9-с уонна 10-с кылааһы бүтэрбиттэри биэс хайысхынан үөрэнэллэр: физика-тиэхэньиичэскэй, химико-технологическай, биолого-экологическай, лингвистическай, математика уонна IT.
Лиссиэй 10-с кылааска 150 үөрэнээччини, онтон 11-с кылааска эбии ылар (набор).
Эксээмэн бастакы түһүмэҕэ бэс ыйын 19-22 күннэригэр буолуоҕа, иккис түһүмэх – бэс ыйын 21-23 күннэригэр. Сэһэргэһиигэ оҕолор 7-9 кылаастааҕы портфолиоларын аҕалаллара ирдэнэр.
Сиһилии манна ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: