Салгыы
ХИФУ-га аспирантураҕа киирэргэ докумуоннары ылыы саҕаланна

ХИФУ-га аспирантураҕа киирэргэ докумуоннары ылыы саҕаланна

Ааптар:
28.08.2024, 13:00
Хаартыска: ХИФУ пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

ХИФУ-га аспирантураҕа киирэргэ докумуоннары ылыы атырдьах ыйын 26 күнүттэн саҕаланна.

Докумуоннары тутуу хампаанньа быйыл балаҕан ыйын 12 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ ХИФУ пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Эксээмэнээр балаҕан ыйын 17 күнүттэн саҕаланыахтара. Үөрэххэ туттарсар устудьуоннарга 22 бүддьүөт миэстэтэ уонна кэммиэрчэскэйгэ 28 миэстэ былааннаммыт. ХИФУ наукаҕа уонна инновацияҕа департаменын научнай каадырын бэлэмниир отделын начаалынньыга Петр Николаев иһитиннэрбитинэн, билигин университекка 300-тэн тахса аспирант үөрэнэр, олортон үөрэх бастакы сылын 84 устудьуон бүтэрбит.

«Университет аспирантураҕа 48 хайысханан ыларга бэлэм. Быйылгы сылга бүддьүөт миэстэтэ ордук педагогика хайысхатыгар көрүлүннэ — 8 миэстэ, — диэн Петр Николаев эттэ. Кини тургутууну ситиһиилээхтик ааһарга абитуриент  диссертациятын хайысхатын чуолкай быһаарыахтааҕын бэлиэтээтэ. Онуоха научнай салайааччыны кытта эрдэттэн сүбэлэһэн, чинчийии былаанын ырытан оҥоруохтаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: