“Росньиэп” Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Естественнэй наукаларга институтугар “Росньиэп” ньиэп уонна ньиэп бородууктатын физико-химическэй анаалыһын саҥа лабораториятын арыйда.
“Лабораторияны арыйыыга 2016 сылтан үлэлэспиппит. Лаборатория аныгы оборудованиелаах буолан, ньиэп салаатын идэтийбит исписэлиистэрин бэлэмнииргэ уонна ыччат өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ буларыгар төһүү буолуоҕа”, — диэтэ ХИФУ ректора Анатолий Николаев.
Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет “Росньиэп” анал идэлээх каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ, научнай уонна инновационнай үлэни ыытыыга партнерунан буолар. Университет филиалыгар – Мииринэйдээҕи политиэхиньиичэскэй институкка “Ньиэп уонна гаас дьыалата” тирэх кафедра тэриллибитэ. Сыл аайы тэрилтэ кафедра устудьуоннарыгар истипиэндьийэлэри туттарар, диэн “Росньиэп” пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Инникитин манна “Химическэй технология” хайысха устудьуоннара лабораторнай уонна выпускной үлэлэрин толоруохтара. Устудьуоннар ньиэп, конденсаттар, гаас физико-химическэй тутулларын үөрэтиигэ фундаментальнай уонна прикладной чинчийиилэри ыытыахтара.
Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…
Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. -…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…