ХИФУ-га туттарсарга тус ситиһии учуоттанар

Share

Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка үөрэххэ туттарсааччылар биир кэлим эксээмэн баалыгар уонна эбии тургутуулар түмүктэригэр эрэ буолбакка, тус ситиһии иһин эбии баалга суоттаныахтарын сөп. Үрдүк үөрэх кыһатыгар бакалавриакка уонна специалитекка үөрэххэ киирэргэ тус ситиһии иһин муҥутаан 10 баал ааҕыллар.

ХИФУ киин тутар хамыыһыйатыгар иһитиннэрбиттэринэн, университекка үөрэххэ туттарсарга улахан болҕомто академическай көрдөрүүгэ эрэ буолбакка, хас биирдии абитуриент ситиһиитигэр эмиэ уурулларын бэлиэтииллэр.

“Тус ситиһии улахан оруоллаах. Бу устудьуон буолаары сылдьар оҕо сыалын ситиһэрин, талаанын туоһулуур успуорка ситиһиилэр, билим кэмпириэнсийэлэригэр уонна олимпиадаларга, уопсастыбаннай олоххо кыттыы уонна  да атын ситиһиилэр буолуохтарын сөп.

Тус ситиһии иһин баал үөрэххэ туттарсааччы бэйэтэ эбэтэр итэҕэллээх киһитэ сайабылыанньаҕа ыйбыт уонна маны туоһулуур докумуоннара баар эрэ түгэннэригэр аҕыллар” – диэн киин тутар хамыыһыйа исписэлииһэ Петр Кычкин бэлиэтиир.

Ол курдук, тус ситиһии испииһэгэр олоҕуран, үөрэххэ туттарсааччы өскөтүн Олимпийскай, Паралимпийскай, Сурдлимпийскай оонньуулар чөмпүйүөнэ, призера, аан дойду, Европа чөмпүйүөнэ  буоллаҕына эбии 10 баалга суоттаныан сөп.

Аан дойду кубогар, аан дойдуга, Европаҕа биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһиилэргэ бастакы уонна бириистээх миэстэлэргэ тиксибиттэр, Арассыыйа чөмпүөнэ ааты, Олимпиада, Паралимпиада, Сурдлимпиада бырагыраамаларыгар киирсэр успуорт көрүҥнэригэр Арассыыйа Кубогын ылбыттарга эмиэ 10 баал ааҕыллар.

Орто анал үөрэҕи уонна алын профессиональнай үөрэҕи туйгун сыананан бүтэрбит дьупулуом үөрэххэ киирэргэ эмиэ баал эбэр. Ол курдук, 3 сыл 10 ыйтан кылгаһа суох болдьохтоох үөрэх дьупулуома 7 баалы эбэр, 2 сыл 10 ыйтан кырата суох болдьохтоох – 5 баалы, 1 сыл 10 ыйтан итэҕэһэ суох болдьохтоох – 3 баалы, 10 ыйтан кылгаһа суох болдьохтоох – 2 баалы.

Үөрэххэ туттарсааччы тус ситиһиитин туоһулуур хас даҕаны докумуоннаах түгэнигэр, тус ситиһии иһин биирэ эрэ ааҕыллар. Бу туһунан ХИФУ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.  Тус ситиһии толору испииһэгин ыйыллыбыт сигэни баттаан көрүҥ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: Чэй күнүгэр кучу чэйи иһиҥ

Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…

58 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн үгүс улуустарга хаар түһэрэ күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

13 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

13 часов ago