ХИФУ научнай коллаборацияҕа дьиэтэ “Оҕо университета” кылгас кууруһу ыытар
Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет научнай коллаборация дьиэтигэр роботтар, 3D-моделирование, саҥа полимернай материаллар, программирование, видеомейкинг, графическай дизайн уонна саайтары оҥоруу хайысхаларынан бырайыактыыр-үөрэнэр кылгас куурустары ыытар.
Бырагыраамаҕа 6-11-с кылаас үөрэнээччилэрэ хабыллаллар, кууруска (интенсив) бэс ыйын 8 күнүгэр диэри сурутуохха сөп. Үөрэх бырайыага бэс ыйын 12-23 күннэригэр буолар.
“Оҕолор университеттара” уруккуттан үлэлиир биһиги педагогтарбыт, уһуйааччыларбыт, хакатон кыттааччылара салайыыларынан барыаҕа. Бырайыактыыр үлэҕэ үтүө түмүктэри күүтэбит. Куурус иккис чааһыгар маастар-кылаастары, баһаатайдары кытта оонньуу быраактыкалара трекердар буолуохтара. Оҕолор үөрэх салааларын кытта билсиэхтэрэ, федеральнай университекка экскурсияларга сылдьыахтара”, — диэн Н.Г. Соломонов аатынан ХИФУ научнай коллаборациятын дьиэтин дириэктэрэ Прасковья Никифорова кэпсиир.
“Саҥа полимернай матырыйааллар” хайысха истээччилэрэ ХИФУ ествественнэй билимнэргэ институтун “Полимернай нанокомозиттар технологиялара” лабаратыарыйатыгар үлэлиэхтэрэ. “Оҕолор анал (профессиональнай) тэриллэргэ үлэлиэхтэрэ, полимернай матырыйааллары чинчийиэхтэрэ уонна саҥа композиционнай матырыйааллары, оҥоһуктары оҥоруохтара”, — диэн бу хайысхаҕа уһуйааччы, лаборатория салайар инженерэ Нина Тимофеева билиһиннэрэр.
Прасковья Никифорова этэринэн, хайысхалар олус интэриэһинэйдэр. “Хас биирдиитэ бырайыактыыр сорудахтаах, оҕолор түмүккэ кейстары көмүскүөхтээхтэр. Холобура, 3D-моделированиеҕа кинилэр кыыс сахалыы симэҕин 3D-моделларын оҥоруохтара”, — диэн бэлиэтиир. Бу туһунан ХИФУ пресс-сулууспата суруйар. Сиһилии ХИФУ саайтыгар ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: