Бүгүн Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Боотур» этэрээт хамандыыра Александр Колесовка «Арассыыйа Дьоруойа» үрдүк аат сулуһун туттарда.
М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет ректора Анатолий Николаев: «Александр Колесов, Арассыыйа дьоруойа үрдүк ааты ылбыт киһи туһунан оскуолаларга устуоруйа уруоктарыгар, университеттарга үөрэтиэхтэрэ, номох оҥостуохтара. «Боотур-1″ этэрээт хамандыырын аата Саха сириттэн сылдьар Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарын ааттарын кытта биир кэккэҕэ турар. Кинилэр Аҕа дойду сэриитигэр дойдуларын көмүскээбиттэрэ. Александр Колесов уонна кини этэрээтин хорсун быһыыларын туһунан номохтор көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ кэпсэниэхтэрэ. Кини биһи университеппытыгар устудьуоннары кытта элбэхтик көрсүбүтэ», — диэн санаатын үллэстэр.
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…