Салгыы
ХИФУ «Ситим» ансаамбыла Сочига куонкурус-бэстибээлгэ Гран-прины ылла

ХИФУ «Ситим» ансаамбыла Сочига куонкурус-бэстибээлгэ Гран-прины ылла

Ааптар:
22.07.2024, 19:00
Хаартыска: ХИФУ пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

«У самого Черного моря» ХХІ норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурус-бэстибээлгэ Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет «Ситим» үҥкүү ансаамбыла сахалыы «Дэгэрэҥ» уонна хотугулуу үҥкүүлэргэ икки нүөмэри билиһиннэрдэ.

Бастакы истиэпэннээх лауреаттар уонна Гран-при хаһаайыттара быйыл бэстибээл грантовай куонкурустарыгар кыттарга ыҥырыы туттулар. Ансаамбыл салайааччыта, Саха сирин Култууратын үтүөлээх үлэһитэ Надежда Попова кэпсииринэн, куонкуруска 200-чэкэ кэлэктиип кытынна, олор истэригэр 60-ча үҥкүүһүт.

Быйыл «Ситим» ансаамбыл дьоҕус састааптаах кытынна. Кинилэр сахалыы «Дэгэрэҥ» уонна хотугу норуоттар үҥкүүлэрин туруорбуттар. Икки нүөмэр олус тэтимнээх уонна эрчимнээх үҥкүүлэр. Куонкурус от ыйын 20 күнүгэр ыытылынна. Кэнсиэр кэнниттэн салайааччылар эспиэрдэри кытта санааларын үллэһиннилэр уонна төгүрүк остуол тэрийдилэр. Дьүүллүүр сүбэ  кыттааччылар олус түмсүүлээхтэрин үрдүктүк сыаналаата. «Оҕолорбут хотуга сир энергетикатын уонна кэрэ көстүүлэрин көрдөрөллөрүн ситистилэр», — диэн быһаарда Надежда Попова.

Эрэгийиэннээҕи бэстибээл кыайыылаахтарыгар аныгыскы финальнай куонкурустарга кыттарга 20 тыһ. солк. сэртипикээт туттарылынна. Конкурустар Арассыыйа хас да куораттарынан ыытыллыаҕа: Москваҕа, Санкт-Петербурга уонна Казань куоракка. «Үөрэхтээһин уонна иитии биир таһымҥа тураллар  — үчүгэй иитиитэ суох хаачыстыбалаах үөрэх ситиһиллибэт. Биһиги университеппыт уонна ректорбыт Анатолий Николаев мэлдьи айар талааннаах устудьуоннары өйүүллэриттэн олус үөрэбин. Оҕолор куонкурустарга кыттан саха фольклорун уонна култуурунай нэһилиэстибэтин тарҕатыыга үлэлэһэллэр, ону кытта бэйэлэрэ сайдаллар», — диэн салайааччы бэлиэтээтэ.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: