ХИФУ: тэйиччиттэн түөкүннээһининэн сүрүннээн үлэтэ суох эдэр дьон дьарыктанар
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2025/02/hifu-900x596.jpg)
Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка “2010-2023 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр информационнай-телекоммуникационнай технологияны туһанан эмсэҕэлээбит уонна буруйу оҥорбут дьон социальнай-демографическай састааба” баазатын регистрациялаабыттар. Бу кэм устата эрэгийиэҥҥэ информационнай-телекоммуникационнай технологияны туһанан 14 654 буруйу оҥорбуттар, 3 171 буруйдааҕы уонна 11 873 эмсэҕэлээччини булбуттар.
Ааптардартан биирдэстэрэ, ХИФУ юридическай бакылтыатын холуобунай быраап, хамсааһын кафедратын дассыана, Зинаида Корякина кэпсээбитинэн, чахчылары бакылтыат ыйытыытынан СӨ ИДьМ иһитиннэрэр киинэ тиксэрбит. Ылбыт чахчыларын анаалыстаан баран, информационнай-коммуникационнай технологияны туһанан буруйу оҥоруу хамсааһынын көрдөрөр табылыыссаҕа киллэрбиттэр, ону тэҥэ, табылыысса 2010-2023 сс. буруйу оҥорооччулар уонна эмсэҕэлээччилэр социальнай-демографическай састааптарын булар.
“Бу эйгэҕэ буруйу оҥорууга булуллубуттар 72% эр дьон, 28% дьахталлар. Үксүгэр бу курдук буруйу 18-29 саастаах эдэр дьон оҥороллор – 41%, атын саастарынан бөлөхтөргө итинтэн аҕыйах: 30-39 саастаахтар – 37%, 40-49 саастаахтар – 16%, 50-59 саастаахтар – 5% уонна 60-тан үөһэ – 1%. Онон тэйиччиттэн түөкүннээһиҥҥэ буруйу оҥорооччу – 18-29 диэри саастаах, үлэтэ суох эр киһи” – диэн дассыан бэлиэтиир.
Эмсэҕэлээбит дьону ылан көрдөххө маннык: 45% эр дьон, 55% дьахтар. 60-тан үөһэ саастаах эмсэҕэлээбит дьон 16% эрэ тэҥнэһэр, бу тэйиччиттэн түөкүттэргэ саастаах дьон киирэн биэрэллэр диэн өйдөбүлү бигэргэппэт диэн Зинаида Корякина бэлиэтиир. Ордук 30-40 саастаах дьон киирэн биэрэллэр – 45%. Дьарыктарынан ылан көрдөххө, сүрүннээн наймыга үлэлиир дьон түөкүттэртэн эмсэҕэлииллэр – 39%, үлэтэ суохтар – 24% уонна биэнсийэлээх дьон – 15%.
Түөкүттэр эмсэҕэлээччиттэн баан дааннайдарын уонна паролун ылар, билэр туһугар информацияны тэйиччиттэн уонна “фишинговай атаака” оҥорууну киллэрэн туран, араас ньыманы бары туһаналлар. Бу туһунан ХИФУ саайтыгар суруйаллар. Сиһилии манна ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: