ХИФУ учуонайдара эбэҥки култууратын сырдатар сэдэх матырыйааллары хомуйбуттар
ХИФУ «Лингвистическая экология Арктики» аан дойдутааҕы научнай-чинчийэр лабораториятын учуонайдара эспэдииссийэ кэмигэр Орто Халыма оройуонугар ханна да бэлиэтэммэтэх матырыйааллары хомуйбуттарын уонна сэдэх ойуун оҕо таҥаһын билиһиннэрдилэр.
«Ойуун оҕо таҥаһа 1953 сыллааҕы булумньу, Орто Халыма куорат түмэлигэр хараллан сытар. Маннык булумньу олус сэдэх көстүү. Тыл тутааччыларын кытта сэһэргэһии түмүгүнэн хомуллубут остуоруйалар уонна кэпсээннэр урут хаһан да бэчээттэммэтэхтэрэ. Салгыы хомуллубут матырыйааллары чинчийиэхпит. 2025 сыл бүтүүтэ эспэнээттэри уонна фольклор матырыйаалларын кэпсиир научнай чинчийиибит түмүгүн билиһиннэриэхтээхпит», — диэн лаборатория научнай үлэһитэ Виталий Иванов кэпсээтэ. Бу туһунан ХИФУ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Ону кытта чинчийэр бөлөх эспэдииссийэтэ Алдан улууһун Хатыстыыр нэһилиэгэр тахсан үлэлээбит. Учуонайдар тыл тутааччыларын кытта интервью ылбыттар, этнография эбийиэктэрин хаартыскаҕа түһэрбиттэр уонна видеоҕа уһулбуттар. Түмүллүбүт матырыйааллары чинчийэн уонна үөрэтэн баран, Арктикатааҕы элбэх тыллаах интэриниэт порталыгар www.arctic-megapedia.com таһаарыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: