ХИФУ учуонайдара Саха сиригэр саас эрдэ кэлэрин бигэргэттилэр
Бу күннэргэ Арассыыйа синоптиктара Арассыыйа олохтоохторугар саас эрдэ кэлиитин эрэннэрбиттэрэ. Ол туһунан дойду гидрометсулууспатын лабораториятын сэбиэдиссэйэ Людмила Паршина кэпсээбитин «Российская газета» суруйбута. Ити кэннэ ХИФУ учуонайдара Саха сиригэр киин уонна соҕуруу өттүгэр саас кэлиитэ килиимэт нуорматыттан нэдиэлэ, сорохторго 10 хонук иннинэ саҕаланарын биллэрдилэр.
Ол курдук, Саха сиригэр сыллааҕы салгын орто температурата биир кыраадыс нуорманы куоһарар. Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай үнүбэрситиэт естественнэй наукаларын үнүстүүтүн хотугу эрэгийиэннэригэр килиимэт уонна экосистемаларын научнай-чинчийэр лабораториятын сэбиэдиссэйэ Никита Тананаев бэлиэтээбитинэн, килиимэт уларыйыыта биллэрдик көстөн иһэр, Саха сиригэр билиҥҥи кыһын эмиэ уратыта суох. Бу туһунан ТАСС суруйар.
Никита Тананаев этэринэн, сааскы кэм Саха сирин киин уонна соҕуруу оройуоннарыгар нэдиэлэ, сорохторго 10 хонук иннинэ саҕаланыа. Учуонай эбэн этэринэн, чинчийиилэр көрдөрөллөрүнэн сааскы ыйдарга халлаан 2-2,5 кыраадыс сылыйар. Ол да буоллар тымныы халлаан араас кэмҥэ төннүөн сөп, онон сааскы ыйдары эрэ буолбакка, күһүҥҥү ыйдары эмиэ ырытар наадалаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: