ХИФУ устудьуона Алла Овчинникова “Үөрэхтээһин флагманнара” куонкурус финалыгар таҕыста

Share

“Арассыыйа – кыахтары биэрэр дойду” РФ Бэрэсидьиэнин платформатыгар“ “Үөрэхтээһин флагманнара” куонкурус 300 финалист-устудьуона быһаарылынна. Куонкурус финалыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн ХИФУ устудьуона Алла Овчинникова кыттыаҕа, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

Бу куонкуруска бары хайысханан атыттартан быдан талааннаах, кэскиллээх, 18-тан үөһэ саастаах устудьуоннар кытталлар. Бырайыакка куонкурус эрэ баар буолбатах, педагогическай идэлэргэ туһаайыылаах хас да тэрээһин баар. Регистрация кэмигэр 23274 киһи кыттарга сайаапка биэрбит. Регистрация кэнниттэн устудьуоннар бэйэлэрин баҕаларынан үс хайысханан диагностиканы барар кыахтаммыттар: лиидэрдээһин уонна хамаанданы оҥоруу, судаарыстыбаннай үөрэх бэлииткэтигэр билии-көрүү, ону тэҥэ “Үөрэхтээһин марафона” тэрээһиҥҥэ кыттыы. Диагностика түмүгүнэн оҕолорго идэтийбит билиилэрин сайыннаралларыгар мэктиэлээһиннэр оҥоһуллубуттара.

“Үөрэхтээһин флагманнара” идэлээх куонкурус атырдьах ыйын 2 күнүттэн саҕаламмыта. Манна 12097 устудьуон кыттыбыта. Оттон алтынньыга буолуохтаах финалга дистанционнай тиэстээһин түмүгүнэн быдан элбэх баалы ылбыт 300 кыттааччы ыҥырыллыбыта.

““Үөрэхтээһин флагманнара” бырайыак сыллата эдэр дьон кэккэтигэр суолталааҕын бигэргэтэн, биэрэр кыаҕын кэҥэтэн иһэр. Билигин биһиги үөрэх эйгэтигэр педагогическай да, классическай да үөрэх эйгэтин устудьуоннарын тардар туһугар араас тэрээһиннэри ыытабыт. Аныгы үөрэх эйгэтэ үгэс быһыытынан үлэлиир оскуолаттан да, үрдүк үөрэх кыһатыттан да ыраах таҕыста. Биһиги эдэр дьоҥҥо идэлэрин билиһиннэрэри таһынан үлэлэтэ үөрэтиэхпитин баҕарабыт. “Арассыыйа – кыахтары биэрэр дойду” РФ Бэрэсидьиэнин платформата партнердарын кытта устудьуоннарга дойду үөрэҕин кыһаларыгар үлэлээн көрөллөрүгэр кыаҕы биэрэр. Ыччат педагогическай үлэҕэ талаһарын өйүөххэ наада – бу биһиги дойдубут инвестицията”, — диэн кэпсээтэ “Арассыыйа – кыахтары биэрэр дойду” АНО толорооччу дириэктэрэ, “Сенеж” бырабылыанньа Мастарыскыайын ректора Андрей Бетин.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электроыстаансыйа (ГПУ)…

12 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

27 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

31 минута ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Доҕордуу көрсүһүүгэ икки хамаанда күөн көрүстэ

Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…

57 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тускул: «Кэлэр нэдиэлэттэн улахан сылыйыы буолуоҕа»

Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…

2 часа ago