ХИФУ устудьуона чэпчэки атлетикаҕа Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр кыттыаҕа
Бу күннэргэ Москваҕа бырааттыы Знаменскайдар ааттарынан стадиоҥҥа Владимир Петрович Куц аатынан үгэс буолбут турнира түмүктэннэ. Манна Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуона Пелагея Дьячковская 800 миэтэрэ дистанцияҕа икки төгүллээх кыайыылааҕынан буолла.
Күрэхтэһиигэ барыта 250-чэкэ дойду 34 эрэгийиэниттэн чэпчэки атлетикаҕа спортсменнар кытыннылар. Турнир түмүгүнэн 800 миэтэрэҕэ 2:03.77 көрдөрүүлээх сүүрүүгэ кыайыылааҕынан Пелагея Дьячковская кыһыл көмүс мэтээли ылла. Бу туһунан ХИФУ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Пелагея Дьячковская быйыл үс сөкүүндэнэн урукку көрдөрүүтүн тупсарда. Ол курдук, кини турнир икки төгүллээх В.П. Куц мемориалын турнирын икки төгүллээх кыайыылааҕынан буолла. Бу кэннэ кини Екатеринбург куоракка Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр кыттыаҕа», — диэн ХИФУ устудьуоннарын Физическэй иитии уонна сайыннарыы киинин салайааччыта Александр Черкашин иһитиннэрдэ. Кини маны сэргэ туринирга 18 кыттааччы сортолоругар норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах Арассыыйа хас да маастара кыттыбытын эттэ. Кинилэр Пелагеяны кытта сүрүн күрэх иннинэ сүүрүүгэ түбэһэн сүүрбүттэр.
Чэпчэки атлетикаҕа Арассыыйа чөмпүйэнээтэ атырдьах ыйын 15-18 күннэригэр Екатеринбург куоракка «Калининец» стадиоҥҥа ыытыллыаҕа. Күрэххэ дойду 700-тэн тахса спортсмена кыттара күүтүллэр. Олор истэригэр дойду сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэннэрэ кыттыахтара. Чөмпүйэнээккэ барыта 46 кэмпилиэк наҕараада оонньонуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: