ХИФУ устудьуона Татарстааҥҥа куонкуруска кытынна

ХИФУ устудьуона Татарстааҥҥа куонкуруска кытынна

Ааптар:
19.04.2023, 14:47
Хаартыска: видеоттан скрин.
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Казаньнаҕы Федеральный университекка татаар улуу поэтын Габдулла Тукай аатынан ыытыллар XII норуоттар икки ардыларынааҕы хоһоону ааҕааччылар күрэхтэрэ буолан ааста. Бу куонкуруска М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуона Вячеслав Владимиров кыттыыны ылла. Кини Габдулла Тукай «Обращение к нации» диэн хоһоонун сахалыы аахта. 

«Габдулла Тукай аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурус 2011 сылтан ыытыллар. Бу куонкуруска кыттааччылар поэт хоһооннорун, эбэтэр киниэхэ анаммыт бэйэлэрин үлэлэрин ааҕан иһитиннэрэллэр. Быйыл барыта 5 номинацияҕа күрэс буолла. Онтон биирдэстэригэр Саха сириттэн сылдьар устудьуон Вячеслав Владимиров кытынна. Истээччилэр устудьуон  сахалыы таҥастааҕын уонна сахалыы тылбаастаммыт Тукай хоһоонун аахпытын олус сэргээтилэр. Саха сирин дьоно биһиги, татаардар курдук бэйэлэрин култуураларын уонна үгэстэрин умнубакка илдьэ сылдьалларын көрөн үөрэ санаатылар», — диэн «Татар-информ» эрэдээксийэ кылаабынай эрэдээктэрэ Рамис Латыпов бэлиэтээтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: