ХИФУ устудьуоннара “Роснефть” хампаанньа истипиэндьийэтин ыллылар
“Роснефть НХ” ПАУо анал истипиэндьийэтэ Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет икки устудьуонугар – геологоразведочнай бакылтыаттан Родион Васильевка уонна Валентин Егоровка, айылҕа үөрэҕин билимин институтун магистраныгар Николай Сивцевкэ ананна. Истипиэндьийэ кээмэйэ 30 тыһ. солк.
Валентин Егоров “ньиэп, гаас технологиялара” хайысхаҕа бэһис кууруска үөрэнэр, ону тэҥэ, билиминэн дьарыктанар, уустук усулуобуйаҕа хас даҕаны хостуур сир скважинатын (бурение многозабойных скважин) үүттээһинин чинчийэр. “Үлэбэр үгүс сыллаах тоҥ сир буурдааһыҥҥа сабыдыалын, көннөрү усулуобуйаҕа скважинаны буурдааһын уратытын, буурдааһыҥҥа хайа боруодата уратытын уонна сылыйыытын эрдэттэн туоратыы ньымаларын көрөбүн. “Роснефть НХ” истипиэндьийэтин былырыын эмиэ ылбытым. Бу мин салгыы өссө умсугуйан үөрэнэрбэр көҕүлүүр. Хампаанньа устудьуоннары анал истипиэндьийэ көрөн өйүүрэ үөрүүлээх”, —диэн устудьуон этэр.
Үһүс куурус устудьуона Родион Васильев маннык истипиэндьийэни аан маҥнай ылбытын иһитиннэрэр. “Роснефть НХ” үлэҕэ киирэр толкуйдаахпын, истипиэндьийэ манна улахан көмөлөөх буолуоҕа дии саныыбын. Бу ньиэп, гаас салаатын бары өттүнэн сайыннарарга уонна эдэр каадырдары үлэҕэ ылыыга хампаанньа өттүттэн үчүгэй холобур”, — диэн устудьуон бэлиэтиир.
Николай Сивцев исписээлинэһинэн эмиэ ньиэп хампаанньатыгар үлэҕэ киириэн баҕарарын биллэрэр. Кини айылҕа үөрэҕин институтугар “техносфернай куттал суох буолуута” хайысхаҕа үөрэнэр. “Талан ылбыт исписээлинэһим ирдэнэр уонна бэйэм сөбүлүүр буоламмын магистратураҕа салгыы үөрэнэргэ быһаарыммытым”, — диэн этэр. Бу туһунан ХИФУ пресс-сулууспата суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: