Виктория Сергеева хаартыската, ЯСИА.
Бүгүн СӨ Борокуратууратын үлэһиттэрэ ХИФУ Үөрэҕин сэбиэтин мунньаҕар университет үлэһиттэригэр информационнай технологияны туһанан оҥоһуллар түөкүннээһини сэрэтии туһунан иһитиннэрии оҥордулар.
Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Быйылгы 2024 сыл ааспыт ыйдарын устата өрөспүүбүлүкэҕэ төлөпүөнүнэн түөкүннээһин 1,4 тыһыынчаттан тахса түбэлтэтэ бэлиэтэммитэ, онтон 730 мөлүйүөн солкуобайтан тахса хоромньу оҥоһуллубута бэлиэтэннэ.
Холуобунай дьыалалары ырытыы көрдөрбүтүнэн, маннык буруйу оҥоруу сиэртибэлэринэн аҕам саастаахтар эрэ буолбакка, эдэр уонна орто саастаах, үлэлиир дьон, ол иһигэр үөрэх үлэһиттэрэ, ону тэҥэ араас үөрэх кыһаларын устудьуоннара буолаллар.
Аны туран албыннаппыт дьон үгүстэрэ итинник төлөпүөнүнэн түөкүннээччилэр баалларын туһунан көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэртэн билэллэр эбит, ол гынан баран чопчу кинилэргэ түбэһиэм дии санаабаттар.
Үөрэх Сэбиэтин мунньаҕын кэмигэр үбү-харчыны ыраахтан олорон уоруу, түөкүннээһин саамай тарҕаммыт ньыма буоларыгар уонна ону утары охсуһуу ньымаларыгар сүрүн болҕомто уурулунна.
Маннык көрсүһүү быйыл ахсынньыга университет устудьуоннарын кытта ыытыллара былааннанар.
Ахсынньы 22 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын устуоруйатыгар киирэр кэрэ-бэлиэ түгэн үүннэ. Ол эбэтэр Үөһээ…
Саха сирин амарах, үтүө санаалаах дьоно тиһигин быспакка анал байыаннай дьайыыга сылдьар, госпиталларга сытар биир…
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээх сэлиэнньэтигэр учаастактааҕы балыыһа үөрүүлээх аһыллыыта буолла. 1200 кв. миэтэрэттэн тахса…
Амма улууһун Олом Күөлүн эргин ардай аһыылаах бөрөлөр баалларын туһунан “Наахара” бааһынай хаһаайыстыбатын баһылыга Егор…
Хаҥалас улууһугар дьахтар бииргэ олорор эр киһитин быһаҕынан анньан эчэтэн, холуобунай дьыала тэрилиннэ. Биир сарсыарда…
Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «НовоГОДний лабиринт МультиВСЕленной» диэн оҕо тыйаатырын туруоруутун көрдөрдүлэр. Манна…