ХИФУ лиссиэйигэр үөрэниэн баҕалаахтартан сайабылыанньалары ылаллар
М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Анал үөрэтэр-билим киинигэр – университет лиссиэйигэр киириэн баҕалаахтартан сайабылыанньалары туталлар.
Быйыл 10-с кылааска физика-тиэхэньиичэскэй, математика уонна ИТ, химико-технологическай, биолого-экологическай, лингвистическэй хайысхалар аһыллаллар. Лиссиэй үһүс түһүмэххэ (поток) докумуоннары атырдьах ыйын 22 күнүгэр диэри ылар. Эксээмэннэр атырдьах ыйын 24-28 күннэригэр буолуохтара.
Тургутуу икки түһүмэҕинэн (этап) барар:
— бастакы түһүмэх – икки профильнай биридимиэккэ суругунан эксээмэн. Тутар хамыыһыйа көрүүтүнэн эксээмэн суругунан уонна тылынан чаастаах буолуон сөп;
— иккис түһүмэх – лиссиэйгэ туттарсааччылары уонна кинилэр төрөппүттэрин (сокуоннай бэрэстэбиитэллэрин) кытта сэһэргэһии. Манна оҕолор 7-9-с кылаастааҕы портфолиоларын аҕалыахтаахтар.
“Үөрэнээччилэр туттарсар биридимиэттэригэр билиилэрин хаҥатар уонна үөрэххэ туттарсар эксээмэннэргэ бэлэмнэниир соруктаах ХИФУ анал үөрэтэр-билим киинэ, атырдьах ыйын 21-23 күннэригэр сайыҥҥы оскуоланы тэрийэн ыытар.
Дьарыктар маннык хайысхаларынан бараллар: математика, физика, информатика уонна ИКТ, биология, химия, аангылыйа тыла нуучча тыла. Сайыҥҥы оскуолаҕа сайаапканы бу сыл атырдьах ыйын 20 күнүгэр, киэһэ 18 чааска диэри ыыталлара ирдэнэр”, — диэн ХИФУ Анал үөрэтэр-билим киинигэр иһитиннэрдилэр.
Сайаапканы Leader-ID: https://leader-id.ru/events/443797 платформа нөҥүө ылаллар. Сиһилии (4112) 49-68-75 (10:00-14:00 чааска диэри) төлөпүөнүнэн эбэтэр +7 924 565-51-81 билсиэххитин сөп.
ХИФУ анал үөрэххэ-билимҥэ киинэ 2016 сыллаахха аһыллыбыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ биир тарбахха баттанар лиссиэйинэн биллэр. Үөрэнээччилэрэ олимпиадаларга ситиһиилээхтик кытталлар, билимҥэ үлэнэн умсугуйан дьарыктаналлар, үрдүк үөрэххэ хото киирэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: