ХІІ Уһук Илин эрэгийиэннээҕи «Серебряный лучник» бириэмийэ түмүгэ таҕыста

Share

Олунньу 27 күнүгэр Хабаровскайга Тихоокеанскай cудаарыстыбаннай университет дьиэтигэр ХІІ Уһук Илин эрэгийиэннээҕи «Серебряный лучник»  түмүк тэрээһиннэрэ ыытылыннылар. Арассыыйа Уһук Илин уокурук бастыҥ коммуникационнай бырайыактарын аһаҕас көмүскээһиннэрин түмүгүнэн, Саха сирин икки бырайыага биһирэннилэр.

Ол курдук, «Бастыҥ култуурунай уонна сырдатар бырайыак» номинацияҕа «Туундара» анимационнай устудьуйа кэлэктиибэ «Саха сирин кыһынын туһунан 3D ойуулуктар» бырайыагын ситиһиилээхтик көмүскээтэ. Оттон «Территорияны сайыннарыы уонна өрө тутуу бырайыага» номинацияҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин инновацияларын сайыннарыы пуондатын «Арктическай стартап-экспэдииссийэтэ: Уһук Илин уонна Арассыыйа Арктиката» бырайыагынан кыайыылаах таҕыста.

Хаартыска: Тихоокеанскай cудаарыстыбаннай университет

«Уһук Илин эрэгийиэннээҕи бириэмийэ түмүгүнэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Хабаровскай, Приморскай кыраайдарын үс тутаах PR-оскуолаларыгар кыайыыны аҕалла. Бырайыактар лауреаттара креативнай индустриялары кытта сибээстээхтэр. Бу эмиэ Уһук Илин уокурук  дойду креативнай экэниэмикэтигэр биир тутаах эрэгийиэнэ буоларын чиҥэттэ», — диэн «Серебряный лучник»   дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Владислав Шулаев иһитиннэрдэ.

«Серебряный лучник» – Арассыыйа үрдүнэн биир саамай аптарытыаттаах уонна престижнэй PR-бириэмийэ. Бириэмийэ сүрүн сыала – уопсастыбанай сибээстэри сайыннарар Национальнай бириэмийэҕэ эрэгийиэннэр тэрилтэлэрин уонна исписэлиистэрин кыахтарын кэҥэтии уонна кытыннарыы.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: күнүс -23°С кыраадыс

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…

43 минуты ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

15 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

16 часов ago