Хирурдар мобильнай биригээдэлэрэ Алдан улууһугар үлэлиэҕэ
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-мэдиссиинэ суһал көмөтүн киинин хирургияҕа мобильнай киинин биригээдэтэ олунньу 5-13 күннэригэр Алдан улууһугар үлэлиэҕэ.
Мэдиссиинэ үлэһиттэрин биригээдэтигэр 14 исписэлиис, ол иһигэр 9 быраас (кардиолог, невролог, 2 травматолог-ортопед, анестезиолог-реаниматолог, колопроктолог, оториноларинголог, эндоскопист, хирург-быраас уонна мэдиссиинэ 4 сиэстэрэтэ) бааллар.
Үлэ бастакы күннэригэр чинчийиилэр уонна анаалыстар түмүктэринэн эпэрээссийэҕэ киирээччилэри талыахтара уонна эмтэнээччилэргэ тустаах сүбэни-аманы биэриэхтэрэ.
Санатан эттэххэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа хирурдарын мобильнай биригээдэтэ бу иннинэ, тохсунньу 16-22 күннэригэр Нерюнгри улууһугар үлэлээн 200 киһи доруобуйатын көрбүтэ уонна 30 эпэрээссийэни оҥорбута.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: