Хирурдар мобильнай биригээдэлэрэ Алдаҥҥа үлэлиир
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Мэдиссиинэ Суһал киинин хирурдарын мобильнай биригээдэтэ бу күннэргэ Алдан оройуонугар үлэлиир.
Биригээдэ састаабыгар 9 быраас: кардиолог, невролог, 2 травматолог-ортопед, анестезиолог-реаниматолог, колопроктолог, оториноларинголог, эндоскопист, хирург итиэннэ 4 мэдиссиинискэй сиэстэрэ баар.
Мобильнай биригээдэ бастакы күнүгэр 92 киһини көрдө. Ол түмүгэр 8 киһи Алданнааҕы киин балыыһаҕа киллэрилиннэ. Салгыы кинилэри балыыһаҕа эмтиэхтэрэ. Маны таһынан 5 эндоскопическай чинчийии ыытылынна. 13 киһини Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Мэдиссиинэ Суһал киинигэр эмтэниигэ ыҥырдылар.
Биригээдэ улууска олунньу 13 күнүгэр диэри үлэлиирэ былааннанар.
Санатан эттэххэ, туһааннаах бырайыак «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак иитинэн «Модернизация первичного звена здравоохранения» эрэгийиэннээҕи бырагыраама сыалын-соругун толорор.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: