Хаартыска: SakhaCov
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Мэдиссиинэ суһал киинин хирургияҕа мобильнай киинин исписэлиистэрэ 2024 сыл 10 ыйын иһигэр 1850 киһи доруобуйатын көрдүлэр.
Быраастар биригээдэлэрэ Нерюнгри, Алдан, Ленскэй, Дьааҥы, Ньурба, Мииринэй, Горнай, Сунтаар, Чурапчы, Нам, Амма, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар тиийэн үлэлээтилэр. Барыта 585 эндоскопия, ультразвук чинчийиитин, 28 үрдүк технологиялаах рентген-эндоваскулярнай чинчийиини ыыттылар, 497 суһал эпэрээссийэ оҥоһулунна. Ол түмүгэр 447 эмтэнээччи олоҕун хаачыстыбата биллэ тубуста. 20 эпэрээссийэ төһө көдьүүстээҕинэн быыһаммыт олох категориятыгар киллэрилиннэ.
Ону сэргэ уустук көрүҥнэргэ үрдүк технологиялаах эпэрээссийэлэр оҥоһулуннулар. Хирургия мобильнай киинин быраастарын үлэлэрин 2 №-дээх балыыһа информационнай технологияларга отделын инженердэрэ ыраахтан олорон хааччыйдылар.
Хирургия мобильнай киинин быраастара уонна мэдиссиинэ сиэстэрэлэрэ оройуоннааҕы балыыһаларга хас биирдии сырыыларыгар бир идэлээхтэрин хирургия технологияларыгар уонна ньымаларыгар үөрэтэр маастар-кылаастары ыыттылар.
Санатан эттэххэ, “Хирургия мобильнай киинэ” бырайыак Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн 2024 сыл тохсунньутуттан саҕаламмыта. Бырайыак өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо олорор сирдэриттэн барбакка эрэ, хирургия былааннаммыт көмөтүн ылалларыгар туһуланар.
Күрэс төрүт көрүҥнэригэр XXII “Манчаары оонньуулара” Таатта улууһун сиригэр-уотугар өрө көтөҕүллүүлээхтик, үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылыннылар. Кыайыыга…
Уруу-аймах ааттарын төһө билэҕин? Бадьа, биллэх диэн кими ааттыылларый? Саха ыалын халандаарыгар бу туһунан баар.…
От ыйын 19 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков халаан содулуттан сибээстээн ылыллар миэрэлэргэ мунньах…
Ол курдук 26 га иэннээх сири хаппыт үс ойуур баһаарын уонна атын категориялаах сиргэ биир…
Былырыын киин куоракка Свято-Троицкай собуор таһынан былыр Дьокуускай остуруога турбут сиригэр археологическай хаһыылар саҕаламмыттара. Үлэни…
“Северная заря”- “Хотугу сардаҥа” хаһыат суруйарынан, “Металлург” култуура дьиэтигэр бүгүҥҥүттэн гуманитарнай көмөнү хомуйуу саҕаламмыт. Өймөкөөн…