Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө быйылгыттан «Сүрэхтэн сүрэххэ» бырайыагы олоххо киллэрии торумнаммыта.
Суолталаах хамсааһын чэрчитинэн улууска олорор тыыл бэтэрээннэригэр улахан болҕомто ууруллар. Бу туһунан улуустааҕы Ытык сүбэ салайааччыта, «Саха сирэ» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Зиновий Игнатьев бу курдук кэпсээтэ:
— Бу күннэргэ тыыл уонна үлэ бэтэрээннэригэр анаан волонтер-ыччаттары түмэн, уус-уран оҥоһук маастардарын илдьэ сылдьан маастар-кылаастары ыытан, уйулҕаһыттары кытыннаран, сэргэхситэр кэнсиэрдээх улуус нэһилиэктэрин кэрийэ сылдьар улахан дэсээн үлэтин саҕалаата.
Ол курдук, 2-с Наахара нэһилиэгин Хочотугар чугас эргин нэһилиэктэртэн бэтэрээннэр анаан мустан, бэркэ сэргэхсийэн тарҕастылар. Киһи ханна да тиийдэр, дьон-сэргэ хайдах дьаһанан олорорун уонна туох сонун сүүрээн баарын бэлиэтии көрөр. Мин, үгэспинэн, киһи кэрэхсиир тэрээһиннэрин ыйыталаһан, дьэ, хочолор киһи сэргиир бырайыактаахтарын истэн үөрдүм.
Манна «Оһуор түһүлгэтэ» диэн иистэнньэҥнэр түмсүүлэрин салайааччыта Мотрена Устинова, бырайыак ааптара Наталья Никанорова былырыыҥҥыттан Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн «Сылаас үтүлүк» аахсыйа тэрийбиттэр. Иистэммэт, солото суох дьахталлар матырыйаал аҕалан биэрбиттэр. Иистэнньэҥнэр түмсэн 46 эр киһиэхэ үтүлүк тигэн бэлэх ууммуттар. Эр дьоннор наһаа үөрбүттэр. Биллэн турар, хаачыстыбатынан маҕаһыыҥҥа аҕалан атыылыыр үтүлүктэриттэн быдан ордуга чахчы. Сылааһа, туттарга табыгаһа уонна бэйэлэрин биир дойдулаахтара тикпиттэрэ да сыттаҕа. Быйыл бу бырайыактарын салгыыр былааннаахтарын туһунан култуура дьиэтин уус-уран салайааччыта, бырайыак ааптара Наталья Никанорова иһитиннэрдэ.
Кыһын кэллэ. Онон эр дьон барахсаттар күүстээх үлэҕэ түһүнүөхтэрэ. Ол курдук, иһэр мууһу ылыы саҕаланыаҕа. Үчүгэй хаһаайын өссө сайыннары иһэр мууһун булууска угары кытта ылыныа. Эбэҕэ киирэн муҥхалаан, балык баһан, дьоннорун аһатыа турдаҕа. Онно ичигэс таҥас-сап бэлэмнэниитэ буола турар кэмэ. Үтүө холобур батыһыннарыылаах дииллэр. Хочо дьахталларын бу үтүөкэннээх бырайыактарын атын да нэһилиэктэргэ олоххо киллэриэхтэрэ диэн бу билиһиннэрдим.
Хочолор иккис бырайыактара — «Ааһан иһэн ааҕан аас» диэн олоҥхоҕо интэриэһи тардыы. Бу биир дойдулаахтара, олоҥхоһут Ньукулай Абыраамап — Кынат «Ньургун Бөҕө» олоҥхотун ким баҕалаах, олоро түстэ да, ааҕан, билсэн барар.
Олоҥхо суруллубут кинигэтэ кулуупка дьон ааҕарыгар табыгастаах сиргэ баар. Оскуола оҕолорун киллэрэн туран, былырыын нэһилиэккэ уопсайа 250 киһи аахпытын бэлиэтээбиттэр.
Дьэ, ити курдук, «Сүрэхтэн сүрэххэ» диэн кэрэхсэбиллээх тэрээһиммитин ыыта сылдьан, биир дойдулаахтарбыт киһи холобур оҥостор бырайыактардаахтарын истэн, билэн олус үөрдүбүт, кинилэринэн киэн тутуннубут. Култуура дьиэтин уус-уран салайааччыта, бырайыак ааптара Наталья Никанорова «биһиги үлэбит сүрүнэ: аҥардас көрүнньүгүнэн, шоунан үлүһүйбэккэ, төрүт дьарыгы сөргүтэн, дьоммутугар туһалааҕы тарҕатыы, оҥоруу буолар» диэбитин олус сөбүлүү иһиттим.
«Сүрэхтэн сүрэххэ» аахсыйаны Мэҥэ Хаҥалас олохтоохторо бэркэ сөбүлээн эрэллэр. Волонтер ыччаттарбыт биһигини кытта сылдьан, сайаапканан кимиэхэ мас хайытан, кимиэхэ дьиэтигэр-уотугар көмөлөһөн, дьон махталын ыллылар. Биһиги кэнсиэр иннинэ улууспут олоҕун-дьаһаҕын билиһиннэрэн баран, улуус дьаһалтатын аатыттан наҕараадалары, махтал суруктары туттаран, дьоммутун-сэргэбитин үөрдэбит, сэргэхситэбит. Уйулҕаһыттар, маастар-кылаастары ыытааччылар эмиэ бэйэлэрин тула дьону түмэллэр. Онон улахан тымныы түһүөн иннинэ «Сүрэхтэн сүрэххэ» тэрээһини тэрийэн, аата да этэрин курдук, бэйэ-бэйэҕэ үтүө санааны саҕабыт.
Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара,…
Ленскэй куоракка чааһынай дьиэ умайан, 59 саастаах эр киһи тыына быһынна. Бу туһунан СӨ ЫБММ…
Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара…
Дьокуускайга Гагаринскай уокурукка вандаллар биир күн иһигэр, сэтинньи 20 күнүгэр үс сылаас тохтобулу алдьаппыттар --…
АЛРОСА хампаанньа оҥорон таһаарыы көдьүүстээх буоларын уонна үлэлиир усулуобуйа тупсарын туһугар сыыппараҕа көһөрүүгэ (цифровизация) уонна…
Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…