Хочо олохтооҕо биир бөрөнү бултаата
06.03.2024, 12:49
Н.Соловьев ыытта
Бөлөххө киир:
Мэҥэ Хаҥалас улууһун II Наахара нэһилиэгэр — Хочоҕо бөрөнү бултаабыттарын истэн улаханнык соһуйдум. Урут манна бу адьырҕаны бултаабыттарын истэ илигим.
Дьэ, бу соторутааҕыта, Хочоҕо Алаас диэн сиргэ баар сылгы баазатыттан икки килэмиэтирдээх сиртэн Николай Соловьев тыһы бөрөнү ылла.
— Дьиҥэ, бу эргин икки бөрө сылдьыбыта ыраатта. Биир тыһыны туттардым. Бу Наахараҕа Олом Күөлүн диэкиттэн быһыылаах, адьырҕалар итинник кыһын аайы кэлэн бараллар, — диир нэһилиэги сылааһынан хааччыйыыга сыратын биэрэр хачыгаар Николай Иванович.
Киниэхэ эрэллээх ыта Дархан тыаҕа сылдьарыгар баар-суох доҕоро. Онон сылгыны тардыахтаах биир бөрө көҕүрээтэ.
Баай Байанайа маннык тосхойо турдун!
Хаартыскалары: Н.Соловьев ыытта.
+1
8
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: