Мэҥэ — Хаҥалас улууһун Хочо бөһүөлэгэр сааскы халаан кэмигэр ууга барыы куттала үөскүүр. Биллэрин курдук, Хочо бөһүөлэгэ үс улахан күөллээх алаас иһигэр олорор. Бу күөллэргэ хас саас аайы илин уонна арҕаа үрэхтэр ууларын киллэрэллэр.
2013 сыллаахха бэс ыйын 11 күнүгэр уһун ардахтар кэннилэриттэн Хочо бөһүөлэгэ ууга баран турар. 26 дьиэ, 34 ыал, ол иһигэр 86 улахан киһи, 29 оҕо — барыта 115 киһи ууттан эмсэҕэлээбитэ. Ыаллар дьиэлэрин олоҕо хамсаан, оһохторо сууллан, маллара — саллара сытыйан, туһатыттан тахсан, улахан ороскуокка тэбиллибиттэрэ. Сорох ыаллар онно ылбыт охсууларын билиҥҥээҥҥэ диэри кыайан оһоруммакка сылдьаллар. Дьиэлэр муосталарын анныгар уу олохсуйан, тэллэй үүнэн, онтон сэдиптээн оҕолор ыалдьаллар.
Быйылгы халаан уута эмиэ кутталы үөскэтэн, сүрэх баастаах дьон утуйар уулара огдолуйда!
Дэриэбинэҕэ баһылык Петр Никитин дьаһалынан, кутталлаах быһыы — майгы биллэриллэн, дьуһуурустуба тэриллэр, даамбаны бөҕөргөтөр үлэлэр күн аайы ыытылла тураллар. Холобурга, бэҕэһээ 500-чэкэ кумахтаах куулу бэлэмнээн даамбаны кыйа уурдулар. Кумаҕы Майаттан аҕаллылар. Икки грузовик 20 тахса кубтах кумах аҕалбыттара, уопсайа 45 куб кумах.
Бу үлэҕэ икки МТЗ — 82 тыраахтар, 40 киһи кытынна. Тырахтарыыстар Афанасий Исаков, Вячеслав Васильев мэлдьи даҕаны буоларын курдук, инники күөҥҥэ сылдьаллар.
Кыттыыны тэрилтэлэр, дьаһалта, кулууп үлэһиттэрэ, улахан кылаас уолаттара, нэһилиэк дьокутааттара, салайааччылар, кытыннылар.
Хочоҕо мустар уу харгыһа суох ааһыан сөптөөх биричиинэтэ биир — ол Амма тыраассатын аннынан ааһар Оһоҕос үрэх / атын аата — Бэлбэрэ/. Бу үрэҕи туорааһыҥҥа муостаны тутууну туруорсуу саҕаламмыта өссө сэбиэскэй кэмҥэ саҕаламмыта уонна 2018 сыллаахха сөргүтүллүбүтэ. Онуоха үрдүкү былаастар тоҕо эрэ иэмнэрин — дьаамнарын биэрбэттэр. Биһиэхэ бэрт кыра наада эбээт! Амма тыраассата өрөспүүбүлүкэ суолталаах буоларын быһыытынан, бу суолунан сырыы — айан киэҥ. Тоҕо сатамматый, дьоҕус, бөҕө — таҕа , үрдүк муостаны тутан кэбиһэр?! Дьэ оччоҕо уубут туох да хааччаҕа суох ааһа туруо этэ.
Бары эргиччи абыраныа этибит.
Эбэтэр ол олох сатаммат буоллаҕына, улахан диаметрдаах үс турбаны олордуохха. Икки кыра турба кыамтата кыратын олох көрдөрдө. 3 улахан турбаны ууруохха уонна күһүн сыыһын — бөҕүн ыраастыы сылдьыахха. Мин санаам итинник, биир дойдулаахтарым даҕаны итини кытта сөбүлэһэллэрэ буолуо.
Елена Прокопьева, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн.
Хаартысканы: Е.Прокопьева ыытта.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…